Название | Таптал уонна дьүккүөр |
---|---|
Автор произведения | Гавриил Адамов-Сайдам |
Жанр | |
Серия | Билиҥҥи кэм прозата |
Издательство | |
Год выпуска | 2021 |
isbn | 978-5-7696-6093-1 |
Киирии эксээмэннэри бэркэ туттаран Новосибирскайдааҕы сибээс институтун икки миэстэтиттэн биирин хаһаайына буолан үөрүү-көтүү өрөгөйдөөбүтэ. Кини бастакынан убай кэриэтэ санаабыт, сүбэ-ама буолбут биир дойдулааҕар Баһылайга кэпсээн эҕэрдэ үтүөтүн, баҕа санаа бастыҥын туппута. Дьонугар аҕыйах тыллаах тэлэгирээмэ ыыппыта.
Үөрэххэ киирбит, олох киэҥ суолун арыйбыт уол улахан киһи буолбутун билинэн, Бэриэт Сиидэрэбис саҕа сананан бу дьыаланы уолаттарын кытта сууйар-тарыыр этиини ылыммыта. Уопсай дьиэҕэ халбаһы, помидор, оҕурсу, балык кэнсиэрбэтэ сокуускалаах аһылык буолбута. Кини арыгыны бу манна аан бастаан испитэ уонна төрүт сөбүлээбэтэҕэ. Кырыылаах дьэҥкир ыстакаан кыра аҥаарынан аһыы утаҕы испитэ, ол кэннэ ыыра аккаас-таммыта. Төбөтө кулахачыйбытын, куртаҕа аһыйбытын олус атыҥыраабыта. Сокууска аһа туох да амтана суох буолан хаалбыт курдук буолбута. Ону олус дьиктиргээбитэ, соһуйбута, ас амтана уларыйарын билэн наһаа сөхпүтэ. Уолаттар араастаан хаайа сатаабыттара эрээри, Бэриэти кыайбатахтара. Сотору суолун көннөрбүтэ, дьиэтин былдьаспыта.
Бу түгэнтэн арыгыттан илэ өйдөөх төбө олус дьиктитик дьалкыйарын, тугу да толкуйдаан быһаара сатаабат буоларын билбитэ. Бэриэт Сиидэрэбис кэлин ону өссө илэ билэн чиҥник өйдөөбүтэ. Олоххо ханнык да ыарахан кэмнэргэ, ону уҕарытар быһаарыылары ылынарга илэ өйү тута сылдьан толкуйдуур, тобулар наадатын уонна ол эрэ бэйэ санаатын-оноотун модьуратарын итэҕэйбитэ. Аны кини ол атын дьонтон олус тутулуктааҕын билбитэ. Ордук үрдүк өһүөлээхтэртэн… Чэ, бээ, ити олус киэҥ кэпсээн. Ону кэлин…
Түбүктээхэп диэн араспаанньа кырдьык да наар түбүгү эрэ түөрэр дуу, үөдэн дуу?!
Төрүт-уус киһибит Түбүк Төрөл диэн эбитэ үһү. Айылҕаттан уҥуох, күүс-уох өттүнэн маанылаппыт бэйэтэ, кыанара бэрт буолан буоллаҕа, үлэнэн үлүһүйбүт, биир сиргэ олорон турбат, үлэ үмүрүйдэ диэн тохтоон сын-ньаммат, түбүктэн түбүгү булан ыла турар барахсан эбит. Онтон ситимнээн биһиэхэ араспаанньа кэлбит, таҥара дьиэтин дьаһалынан, ханнык эрэ аҕабыыт быһаарыытынан. Дьиҥинэн, уу сахалыыта бэркэ иһиллэр буолан баран тустаахха баттыгастаах соҕуһа биллибитэ ыраатта… Бээ, кэбис, ону төрүттэргэ хомнуур сыыһа.
Бэриэт Сиидэрэбис оронуттан туран туалекка киирбитэ. Ииктии сатаабыта да дуоннаах кэлбэтэҕэ. Хабаҕырбатах да эрээри санаа арааһын тута сылдьан, үөрэммиччэ, бу дойдуга киирбитин өйдөөн сонньуйан ылбыта. Кини оргууй чөмөөр үктээн түннүккэ кэлэн, сабыытын сэгэтэн ыйдаҥа сырдыгар аллараа тэлгэһэҕэ кэккэлэспит аҕыйах массыынаны кыҥастаспыта.
Аныгы үйэ мааны массыыналарын арааһа, дьэ, дэлэйдэ. Аны массыына баай киһи бэлиэтэ буолбатах быһыылаах. Олох тупсарын бэлиэтэ, дьыала эккирэтиһиитин ситэ сатыыр миҥэ көлө. Арыычча киһи бары атыылаһар, иэскэ да киирэн туран…
Ааспыт