Таптал уонна дьүккүөр. Гавриил Адамов-Сайдам

Читать онлайн.
Название Таптал уонна дьүккүөр
Автор произведения Гавриил Адамов-Сайдам
Жанр
Серия Билиҥҥи кэм прозата
Издательство
Год выпуска 2021
isbn 978-5-7696-6093-1



Скачать книгу

миэстэлэрин кытта билсибитэ. Ол билсиһии кэнниттэн онно-манна аралдьыйбакка үөрэххэ төбөтүн оройунан түспүтэ. Умсугуйан үөрэнии түмүктэрдээх буолбута: эксээмэннэри үчүгэйдик туттарара, оттон спецпредметтэргэ наар «туйгун» сыананы ылара. Иккис куурустан саҕалаан билэ-көрө сатыыр уолу учууталлара чорботон бэлиэтиир буолбуттара. Ону туһанан институт научнай лабораториятыгар орох тэппитэ, онтон арахпата. Сотору онно бэйэ киһитэ буолбута.

      Сэбиэскэй Сойууска биир улаханынан биллэр «Сибтекстильмаш» собуокка сылдьан, анаан туруоруллубут бырагырааманан бэйэлэрэ үлэлиир станоктары кытта билсибиттэрэ. Устудьуон киһи аныгы техника муҥур ситиһиилэринэн сэбилэммит тэрилтэни олус диэн сөбүлээбитэ. Собуокка үлэлиир исписэлиистэри кытта билсибитэ, ордук научнай лаборатория үлэтин интэриэһиргээбитэ. Кини манна иллэҥ буоллар эрэ кэлэр, ону-маны ыйыталаһар, ити уустук станоктар исхиэмэлэрин иҥэн-тоҥон билэ сатыыр дьарыктаммыта.

      Бэриэт институт бибилэтиэкэтиттэн тахсыбата. Сибээскэ тахсар саҥа ситиһиилэри, арыйыылары эккирээн, булан билсэр, ырытар адьынаттаммыта. Ол сылдьан сорох исхиэмэлэргэ тугу эмэ көннөрөр, судургутутар өттүн тобулар буолбута. Онтукатын туһунан учууталларын кыт-та санаа атастаһара, ырытыһара, бэйэтин булуутун көмүскүүрү да сатыыра.

      Иккис кууруһу «туйгунунан» бүтэрбитэ. Научнай куруһуок бастыҥ истээччитэ, аатын курдук бэриэттээн билээччи-көрөөччү, саҥаны тугу эрэ тобула сатааччы, ол тула сытыы мөккүөрү тэрийээччи кини буолбута…

* * *

      Үһүс куурус саҕаланнаҕын кыһын аҕата дэҥҥэ түбэһэн суорума суолламмыта.

      Ити соһумар үлүгэртэн Бэриэт өйө-санаата ыһыллан хаалбыта, олус соһуйбута, хомойбута. Кини санаатыгар аҕата өрүү баар буолуохтааҕа, кинини ханнык да алдьархай, оһол, быһылаан булгурутуо диэн өйүгэр да оҕустаран көрбөт этэ. Хаһан да улаханнык ытаабытын өйдөөбөт. Арай бу түбэлтэҕэ кини олус айманан куорат кытыытыгар тахсан, мастар быыстарыгар олорон уйа-хайа суох ытаабыта, хомойбут, хоргуппут тыынын таһаарбыта. Бу кэннэ эр санаатын ылынан, дьиппинийэн, ыал улахан киһитэ буоларын, онон улахан эппиэтинэһи сүгэрин билинэн, көтөр аалга олорон дойдулаабыта.

      Ийэтэ Оппуруоһа эмискэ баҕайы алта оҕотун, сүөһүлэрин, сылгытын кытта соҕотоҕун туран хаалбыта. Улахан киһи Бэриэт ыраах баҕайы үөрэнэ сылдьара, быраат, аҕатын аатын ылбыт Сиидэр Дьокуускайга педучилище физкультурнай салаатыгар үөрэнэрэ. Атыттар бары Барҕаҕа бааллара.

      Бэриэт дойдутугар кэлэн аҕатын уҥуоҕун төрөөбүт буо-ругар кистээбитэ, уол оҕо буолан ытык иэһин толорбута.

      – Ийээ, чэ, сүбэтэ тобулуоҕуҥ, – аҕаларын тоҕус хо-нуктаах ахтыытыгар, дьон тарҕаспыттарын кэннэ бэйэлэрэ эрэ хаалан баран, улахан уол тыл быктарбыта. – Дьиэҕэ эр киһи хайаан да наада. Онон мин быйыл үөрэхпин ситэрэн баран кэтэхтэн үөрэххэ көһөргө сананным. Бары түмсэн, бииргэ буолан олорорбут быдан ордук буолуо.

      Остуол тула уу чуумпу сатыылаабыта. Олорооччулар, улаханныын-кыралыын, хардарыта сирэйдэрин көрсүбүттэрэ, тугу эрэ кэтэһэрдии илиилэрин кумуччу туттан