Название | Таптал уонна дьүккүөр |
---|---|
Автор произведения | Гавриил Адамов-Сайдам |
Жанр | |
Серия | Билиҥҥи кэм прозата |
Издательство | |
Год выпуска | 2021 |
isbn | 978-5-7696-6093-1 |
Сардаана кыһалҕа кыһайан бу куоракка баар буолбутуттан уонна аны күһүн үөрэххэ төннөн кэлэриттэн олус үөрбүтэ, бу аҕыйах күҥҥэ иннигэр күүтэр түбүгүн умнубута.
6
Сардаана уонна Бэриэт доҕордоһуулара таптал кутаатынан күөдьүйбүтэ.
Сыл буолаат ыал буолар туһунан сүбэни тобулбуттара. Онон Сардаана үөрэҕин кэнниттэн дойдулуур, Бэриэт уоппуска ылан Аммаҕа, кыыс дьонуттан көҥүл, алгыс ыла тиийэр буолбута.
Новосибирскай, Толмачево аэропорда. Күүтэр саалаҕа ыскамыайкаҕа Түбүктээхэп Бэриэт уол уонна Ксенофонтова Сардаана кыыс туох да саҥата суох ыбылы куустуһан баран олороллор.
– Бэриэт, уоппускаҕын хаһан биэриэх курдуктарый? – Сардаана сибигинэйэ соҕус ыйыппыта.
– От ыйыгар көрдөспүтүм, туох да диэн утарбатахтара. Биэрэллэр ини, – Бэриэт бэрт холкутук, эрэллээх куолаһынан хардарбыта.
– Табыллара буоллар, – кыыс хайдах эрэ саарбахтыыр курдук, симик баҕайытык ити тыллары ыһыктыбыта.
– Биэриэхтэрэ, Сардаана, – Бэриэт чинэччи туттан кыыс сирэйин одууласпыта, икки илиитинэн тібітүн күөйэ туппута, онтон уу сахалыы иэдэһиттэн сырылаччы сыллаан баран. – Саарбахтаама, Сардаана, барыта табыллыа, – диэн күлүм аллайыынан түмүктээбитэ.
– Бэрт буолуо этэ. Мин өөр да өр кэтэһэрим буолуо диэн куттанабын ээ, – кыыс төбөтүн Бэриэт санныгар ууран кэбиспитэ.
– Эн этэҥҥэ тиийэн дьоҥҥор көмөлөс, элбэх аста бэлэмнээ, кэтэс. От ыйын иккис аҥаарыгар мин бу баар буола түһүөм. Оттуохпут-мастыахпыт, сир астыахпыт.
– Сөп, Бэриэт! – кини доҕорун ыбылы кууһан ылбыта.
Дьокуускайдыыр рейскэ регистрацияны биллэрбиттэрэ.
Бэриэт Сардаанатын уураан, иэдэһиттэн, сүүһүттэн сырылаччы сыллаан, алгыс тыллары этэн атаарбыта.
Ыал буолар киһиэхэ уоппусканы үөрэ-көтө, үтүөнү эрэ баҕаран туран биэрбиттэрэ. Ол эрээри кэтэх санаа син биир баара. Бэриэти көмөлөһүннэрэр, сүбэлэтэр баҕалаах элбэҕэ. Ол дьон кинини ханна да ыытыахтарын, мүччү тутуохтарын баҕарбаттара. Онон уоппускаҕа диэ-ри өрүсүһүү, үөмэхтэһии балачча этэ. Бэриэт даҕаны ону таба өйдөөн буолуо, күнү-дьылы аахсыбакка туран, үлэҕэ төбөтүн оройунан түспүтэ. Соруктаах үлэни түргэтэтэр, улгумнук тобулары күөттүүр, бириэмэни ыксатар күүһүнэн кини Сардааната этэ.
От ыйын 17 күнүгэр киэһэ Бэриэт Дьокуускай куораты булбута. Кини аймахтарыгар хоммута. Аммалыырын эппитэ буолан баран, тоҕотун быһаарбатаҕа.
Нөҥүө күнүгэр сарсыардаттан маҕаһыыннары кэрийэн кэһии хомуйсубута. Сардаана ийэлээх аҕатыгар эр-биир обургу ыстакааннары ылбыта. Бэртээхэй бэлэҕи толкуйдаатым диэн астынан, аны онно туох эрэ диэн суруктаах буолуохтаах диэн универмакка баар гравировка киоскатыгар тиийбитэ. Иһиттэрин хостоон эргим-ургум көрө туран: «Бээрэ, ол мин