Кэм кэрэһиттэрэ. Валерий Луковцев

Читать онлайн.
Название Кэм кэрэһиттэрэ
Автор произведения Валерий Луковцев
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2021
isbn 978-5-7696-6135-8



Скачать книгу

курдук, И.С. Бурцев сүрүн идэтин, үлэтин таһынан суруналыыс, публицист, кыраайы үөрэтээччи, аҕа көлүөнэни, кэрэ-бэлиэ дьону, бэйэтин биир идэлээхтэрин, геология, геофизика, о.д.а. идэлэрин сырдатааччы быһыытынан эмиэ биллэр. Бэчээккэ элбэхтэ бэчээттэммитин таһынан таһааттарбыт кинигэлэрин ахсаана уоҥҥа тиийдэ. Үлэлээбит тэтимин ыһыктыбакка, аҥаардас кэлиҥҥи икки сылга «Бастакылар» (2020) уонна «Радиоактивная Якутия» (2021) кинигэлэри бэчээттэттэ. «Бастакыларга» кини аан маҥнай Саха сиригэр университет тэриллэн, сахаттан геолог идэтигэр күргүөмүнэн үөрэнэн, чулуу үлэһит буолбут аҕа табаарыстарын, үөлээннээхтэрин, дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник биллэ илик геофизиктэр тустарынан сырдатта. Иккис кинигэтин тиэмэтин хомуурунньугун аата ыйа сылдьар. Ити курдук кини сылайары-салҕары билиммэккэ, үлэлии-хамсыы, суруйа-бичийэ сылдьар. Олоҥхо бухатыырыныы, кэннинэн кэхтибэккэ, сылайары-сындалыйары аахсыбат, сааһырыыны билиммэт эколог Уйбаан Бурцев эппит тылын энчирэппэт, туруоруммут соругуттан туораабат. Билигин даҕаны айылҕаны туруулаһар үлэтин-хамнаһын үгэнигэр сылдьар.

      Ситиһиллибитинэн уоскуйбат, кэскили туруулаһар айыы бухатыыра

      Мантан салгыы И.С. Буурсап үлэтин биир сүрүн хайысхатын, инники сүрүн соруктарын сырдатар ыйытыкка хоруйун улуу Арассыыйа биэс гыммыттан биирин ылар баһырхай сир баайдаах Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр, саха уонна хотугу төрүт омуктар, олохтоох нуучча нэһилиэнньэтин дьылҕатыгар олус актуальнайын уонна кини көтөхпүт проблемалара өссө да аһаҕас туралларын учуоттаан, ааҕааччы болҕомтотугар туһаайабыт:

      – Иван Семенович, эн олоҕуҥ үгүс сылларын Сахаҥ сирин айылҕатын көмүскэлигэр анаатыҥ. Кэлин сылларга радиация – сир аннынааҕы ядернай эһиилэр уонна урут хостоммут аһаҕас халлаан анныгар хаалларан кэбиспиттэрэ тулалыыр эйгэҕэ, киһиэхэ-сүөһүгэ, кыылга-сүөлгэ олус кутталлааҕын, куһаҕан содулларын үөрэттиҥ. Олор тулалыыр эйгэҕэ буортулаах дьайыыларын аччатарга бэйэҕин харыстаммакка үлэлээтиҥ. Итини барытын соторутааҕыта суруйбут «Якутия радиоактивная» диэн дьоһун кинигэҕиттэн да билэбит. Кинигэҕэр радиация дьайыытын суох оҥорууга үлэ ситэ ыытыллыбата, бу олус уустук проблема өссө да кыайан быһаарыллыбата диэбиккин. Радиация дьайыытын туоратар управлениены Арассыыйаҕа аан бастаан Саха сиригэр тэриллибитин туох да төрүөтэ суох тохтотон кэбиспиттэрин эмиэ билэбит. Арай управлениеҕын иккистээн тилиннэрэр буоллар, аан бастаан туох үлэни ыытыаҥ этэй?

      – Мин управлениены салайарбар анал лицензиялаах, үлэ ыытарга көҥүллээх киин научнай институттары, үгүс биллиилээх, ааттаах-суоллаах учонайдары кытта сибээс олохтообутум, үлэлэппитим. Олор «Росатом» үлэһиттэрин мөккүһүннэрбэт гына түмүктэри ылан испиттэрэ. Кинилэр үлэлэригэр олоҕуран, Саха сиригэр оҥоһуллубут 12 сир аннынааҕы ядернай дэлби тэптэрииттэн «Кратон-3» (1978 с.) уонна «Кристалл» (1974 с.) саахаллаах эһиилэр сирдэрин чөлүгэр түһэриигэ (реабилитация) бырайыак