Кэм кэрэһиттэрэ. Валерий Луковцев

Читать онлайн.
Название Кэм кэрэһиттэрэ
Автор произведения Валерий Луковцев
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2021
isbn 978-5-7696-6135-8



Скачать книгу

биллибэт Саха сирин былаһын тухары тарҕанан олохсуйбуттар. Ол да иһин, Үөһээ Бүлүүгэ, Сунтаарга, Өлүөхүмэҕэ эмиэ олохсуйаннар, күн бүгүнүгэр диэри Хоро нэһилиэктэрэ сириэдийэн олороллор. Бэл, инньэ Дьааҥыга, Абыйга, Усуйаанаҕа, Булуҥҥа хоролор тиийбиттэрэ үһүйээннэргэ сэһэргэнэр. Бука, иҥнигэһэ-толлугаһа суох, атаҕастанары-үтүрүллэри сөбүлээбэт буоланнар, оччолорго, кыргыс үйэтин саҕана, ынах-сылгы сүөһүлээх үс саха аҕатын уустара хотон олохсуйа иликтэринэ «кыйаар дойдута» дэнэр Бүтэй Бүлүүгэ, таас дьааҥы, тумара туундара хотугу сирдэргэ аартыгы арыйдахтара. Иннилэрин биэримтиэтэ суох бурулҕа, боотур майгыларынан сэһэҥҥэ-номоххо киирбиттэр. Уйбаан Сэмиэнэбис төрүттэрэ дьэ ол хоролор Мүрүтээҕи аҕа баһылыктарын, Тыгын Дархан доҕоро-атаһа Тарбыах Тиис Эгий диэн уолуттан тымыр-сыдьаан тардыбыттар.

      Хос эһэтэ Ыстапаан тимир, мас ууһа. Кини Байаҕантай, Таатта дьонун айанын аартыгар, Тандалыыр суол ааһар Илин Үрэххэ (харыс аатынан, былыргыта, сурукка киирбитинэн Дьэҥкиидэ) Кыймаласпыт диэн сиргэ олохсуйбут. Кини уола, Бороҕон улууһун кулубатынан талыллыбыт аймаҕа Миитэрэпээни утумнаан, бэйэтин кэмигэр син биллэр-көстөр, атын нэһилиэктэргэ «били аатырбыт Отох Охонооһой» дэтэр сытыы-хотуу, тыллаах-өстөөх киһи эбит. Сэрии сылларыгар муҥха тэрийэн, чугастааҕы дьонун хоргуйууттан быыһаабыт. Тууһут, илимньит оҕонньор Макеевтар диэн түөрт оҕо дьоно өлөннөр тулаайах хаалбыттарыгар туутуттан биэрэн, хайдах угарын улахан уолга сүбэлээн биэрбитин, кэлин уол, милиция майора буолбут киһи: «Хоргуйан, эстэр суолга киирбиппитин эн аһыныгас, үтүө санаалаах эһэҥ быыһаан турар», – наһаа махтанан ахтыбыт. Уйбаан Сэмиэнэбис эһэтин өссө бу курдук ахтан суруйбут: «Күөллэр туоналарын биэс тарбах курдук билээччи, муҥха тардыытын дьаһайааччы, ыйанкэрдэн биэрээччи – кини этэ… Кэлин олох сааһырбытыгар тиэйэн киллэрэн, туона үктэтэллэрэ уонна төттөрү тиэйэн таһаараллара… Эһэбин Илин Үрэх дьоно бука бары ытыктыыллара… Кини этиитин, сүбэтин мөккүөрэ суох ылыналларын билигин саныы-саныы сөҕөбүн эрэ. «Охонооһой оҕонньор туох диирэ буолла» дэһэллэрин истэрим».

      Оттон биһиги Уйбааммыт аатын ылбыт абаҕатын, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр үөрэх эйгэтин үлэһитэ буолан иһэн, эдэр сааһыгар кылгас үйэлэммит И.А. Бурцев туһунан «Уйбаан» диэн 2016 с. Илин Үрэх Бурцевтарын төрүттэрин-уустарын, аймах-билэ дьонун сырдатар бэрт иһирэх ис хоһоонноох кинигэни таһааттаран турар. Онно Макеевтаахха сыһыаннаах биир дьикти түгэни Уйбаан Сэмиэнэбис ахтар. Илин Үрэххэ кинилэр тыымпыттан былыргы саха боотурун куйаҕын – түөскэ кэтэр ылтаһынтан оҥоһуллубут хатырык куйаҕы уонна икки тимир дуулаҕа бэргэһэни булбуттар. Ону эһэтэ үөрэхтээх Уйбааннарыгар тиксэрбитэ Санкт-Петербург куорат музейыгар хараллыбытын чугас аймахтара талааннаах устуорук учуонай Федор Васильев «Военное дело якутов» кинигэтин бэлэмнииригэр туһаммыт, Х – ХIV үйэлэргэ сыһыаннааҕын бэлиэтээбит.

      Уола үстээҕэр эрэ сэриилэһэ сылдьан былаҕайга былдьаммыт аҕатын Сэмэн ааспат аһыытын