Кэм кэрэһиттэрэ. Валерий Луковцев

Читать онлайн.
Название Кэм кэрэһиттэрэ
Автор произведения Валерий Луковцев
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2021
isbn 978-5-7696-6135-8



Скачать книгу

даҕаны сааһырбыт дьон, кинилэр уонна М.С. Иванов-Багдарыын Сүлбэ, А.И. Эверстов, И.А. Егоров-Оһуохай Уйбаан, кэлин сорох түгэҥҥэ учуонайдар Дария Антипина, Михаил Слепцов, о.д.а. аҕыйах киһи сүрдээх бөҕө тирэх, өйөбүл буолбуттарыгар махталбыт ааспат. Ол саҕана салалтаҕа нэһилиэнньэттэн илии баттааһыннаах суруктары киллэриилээх, уулуссаҕа миитиҥҥэ, пикеккэ тахсыылаах хамсааһыҥҥа адьас аҕыйах киһи кыттара. Бэрээдэги көрөр аатыран, бэлииссийэ өттүттэн соруйан, дьону дьулатаары, наһаалыыр көкөт эмиэ элбэҕэ. Оннук күчүмэҕэй түгэннэргэ аҕа көлүөнэ бастыҥ дьоммут биһиэхэ дурда-хахха, сүрүн тирэх буолбуттара.

      Дьухха, аҕыйах саҥалаах, элбэх дьайыылаах И.С. Бурцевы кытары биир улуустан, Лөгөй нэһилиэгиттэн төрүттээх Владимир Борисов ытыктаан, киниэхэ Хоро Хоһуун диэн таптал аат кэриэтэ иҥэрбитэ. Ириэнэхтэн иҥнибэт, тоҥтон толлубат Уйбааҥҥа онто олус сөп түбэһэрэ.

      Оччолорго даачата эҥин суох эдэрчи дьон, биһиги, Уйбааммыт сайылыгар, Тумарча Өктөмҥө баар дьиэтигэр саас, сайын аайы тахса сылдьарбыт, аны санаатахха, хатыламмат үтүө да кэмнэр эбит! Биирдэ күһүн муус ылса тахсыбыппыт. Халыҥаан эрэр күөл мууһугар кыраһалаабыт чараас хаарга 70 саастаах Уйбаан Сэмиэнэбис чэпчэки баҕайытык кылыйбахтаан ылбытыгар амыдайа Уйбаан Шамаев олус сөхпүтэ, үөрбүтэ бу баарга дылы. Атын түгэҥҥэ эмиэ кини даачатыгар күһүн Майаттан кыраайы үөрэтээччи Ылдьаа Куолаһап киирбитигэр тахса сырыттыбыт. Баар балаһыанньа, бэлиитикэ боппуруостарыгар санаа атастаһаары, сүбэлэһээри, Борисов Володябыт этиитинэн кырдьык-хордьук төлөпүөммүтүн былыргы ыскаап түөһүн тардарыгар уктубут. Сатаатар, дьиэлээх киһибит кэккэлэһэ уһаайба нөҥүө уоргаҥҥа үлэлээбит ыаллаах этэ. Онтукатын кытары Уйбаан атастыы аҥаардаах. Онтон сонно кэпсэтии, мөккүһүү саҕаламмытыгар, ууга-хаарга киирэн омуннуран, онуоха эбии Ылдьаабыт төрүкү улахан саҥатыттан үтүктүспүттүү, бары саҥабыт лаппа улаатан маргыар бөҕө буолан бардыбыт. Онно хайа эрэ дьээбэлээх: «Ыскаапка сытар төлөпүөнтэн «мойуор» иһиттин диэн ордоотуу-ордоотуу кэпсэтэр быһыыбыт дуо, бу?!» – диэбититтэн күлэн быара суох бардыбыт. «Мойуор, кассетаҕын уларыт эрэ!» – эҥин диэн, эбии туустаан-тумалаан, күлсүү бөҕө. Уйбааммыт: «Иһиттиннэр ээ, туохтаах үһүнүй?! Дьон-норуот, судаарыстыба интэриэһигэр үлэлиибит буолбатах дуо?!» – диэн көбдьүөрбүтүгэр, бары биир тыла суох сөбүлэстибит. Дьэ итинник көрдөөх даҕаны, ыгым да түгэннэргэ Хоро Хоһуун ымыттыбат дьиппиэнэ, хорсуна барыбытыгар холобур буолааччы. Сэрии оҕолоро, сорохторо тулаайахтара саха саарыннарын, убайдарбыт барахсаттары кытары «эн-мин» дэһэн уопсастыбаннай дьыалаҕа бииргэ үлэлээбиппитинэн, күн бүгүнүгэр диэри Буурсап Уйбаанныын, Тумарчалыын чугастык алтыһа турарбытынан чахчы даҕаны дьоллоох эбиппит.

      Мантан салгыы ытыктыыр, саха барыта тумус туттар киһитэ аҕа доҕорум Иван Семенович олоҕун, үлэтин туһунан кылгастык билиһиннэрэ, эбии сырдата түһүөҕү баҕарыллар.

      Айыы бухатыырыгар холоонноох

      Охтон баранар мастаах, уолан