Кэм кэрэһиттэрэ. Валерий Луковцев

Читать онлайн.
Название Кэм кэрэһиттэрэ
Автор произведения Валерий Луковцев
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2021
isbn 978-5-7696-6135-8



Скачать книгу

аҥаара доллардаах алмааһы хостообуппут. Дьэ ити курдук үлэбитин ситиһиилээхтик саҕалаабыппыт. Аны алмааһы батарыы курдук олус уустук эйгэҕэ киирсэн барбыппыт. Бастакы алмаастарбытын, сахалыы мындырдаан тиэтэйбэккэ, доллар үрдүүрүгэр түбэһиннэрэн барыыстаахтык атыылаан, тэрилтэбит кыаҕыра түспүтэ. Онон Николай Егорович Андросов, сүдү киһи ыра санаатыгар бэйэбит дьулуурбутун, эдэрдии эрчиммитин холбооммут, «Анаабыр алмаастара» диэн олохтоох дьон бэйэлэрэ үлэлиир кыахтаах хампаанньата баар буола түспүтэ. Ханнык баҕарар хостуур хампаанньа саамай кырата 7 сыл иһинэн атаҕар туруохтаах, онтон биһиги биэс сылынан инники күөҥҥэ тахсыбыппыт. 740 тыһ. караттан 1 мөл. 330 тыһ. каракка тиэрдибиппит.

      Төһө да дьиикэй ырыынак сабардаан турдар, сырдыкка дьулуһар үтүө соруктаах буоллаххына, хараҥа да кэми этэҥҥэ туоруохха сөп эбит. «Куһаҕан кэмҥэ түбэһэн, куһаҕан олохтоннум» диир киһи онно бэйэтэ буруйдаах. Сырдыгы саныыр, үчүгэйи оҥорор киһиэхэ хара дьай, куһаҕан сыстыбат. Мин оннук дьону билэбин. Урут саха промышленноска үлэлиир кыаҕа суох дииллэр этэ. «Анаабыр алмаастара» хампаанньаҕа хайаан да олохтоох киһи үлэлиэхтээх диэн ирдэбили туруорбутум. Опыттаах улахан омук дьоно исписиэлиистэргэ наставник быһыытынан саха дьонун сыһыаран үөрэттэрэр үгэһи олохтообутум. «Хантан да буоллун – саха дьонун булан үлэлэтиҥ» диэн муос-таас курдук модьуйар этиҥ диэн билигин бииргэ үлэлээбиттэрим урут абара саныылларын күлэн кэпсииллэр.18 сыл устата араас улуустартан 12 тыһ. кэриҥэ саха дьоно, ыччаттара үлэлээннэр, үрдүк хамнаһы аахсаннар, олохторун уйгутун оҥостубуттара. Ити хампаанньаҕа үлэлиир кэммэр өрөспүүбүлүкэҕэ, олохтоох нэһилиэнньэҕэ, чуолаан, саха дьонугар, тыа сиригэр элбэх көмөнү оҥорбуппутун киэн тутта саныыбын[2].

      БИИР ТЫЛЛААХ ДЬИҤ ДЬЫАЛА КИҺИТЭ

      Биллиилээх Ил Түмэн депутата, уопсастыбаннай диэйэтэлэ, хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар тустарыгар утумнаах үлэни ыытар Е.Х. Голомареваны биир идэлээхтэрэ, дьон-сэргэ убаастыыр, сыаналыыр дьоһун киһитэ. Елена Христофоровна – дьиҥ хара үлэтинэн, бэйэтин туруу үлэһит, дьүккүөрдээх хаачыстыбатынан салайар үлэҕэ, бэлиитикэ эйгэтигэр аллараттан тахсыбыт, дьоҥҥо-сэргэҕэ элэккэй, аламаҕай, кыһаллыгас хомурахтаах Хоту дойду хоһуун кыыһа. Кинини аан маҥнай саҥа билсибит, алтыспыт дьоҥҥо лоп бааччы, дьыалабыай сыһыанын таһынан, киһи быһыытынан холку, түс-бас майгытынан биһирэтэр.

      Педагог идэлээҕинэн, үөрэх салаатыгар өр кэмҥэ учууталтан саҕалаан оскуола дириэктэригэр тиийэ үлэлээбитинэн, сүрдээх үрдүк култууратынан, дьоҥҥо болҕомтолоох сыһыанынан быыбардааччыларыгар уонна депутат эбээһинэһин үтүө суобстаахтык, ис сүрэҕиттэн кыһаллан толорорунан сөбүлэтэр. Астыннарар. Үгүс кыһалҕалаах кырыы, хотугу биэс улууска Голомарева Е.Х. курдук депутаттаахтара – олохтоох нэһилиэнньэ, быыбардааччыларын, дьон-сэргэ улахан табыллыылара. Дэлэҕэ даҕаны кинини эрэнэн-итэҕэйэн, үс болдьоххо Ил Түмэҥҥэ



<p>2</p>

Интервью толору көрүҥүн кинигэ электроннай варианыгар ааҕыаххытын сөп. – Ааптар.