Название | Кэм кэрэһиттэрэ |
---|---|
Автор произведения | Валерий Луковцев |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 2021 |
isbn | 978-5-7696-6135-8 |
Ийэм төрдө Ойуун ууһа диэн ааттаналлара. Ааттаммат кырдьаҕастар бааллар дииллэрэ. Өрт уота кинилэр бэйэлээх эргиирдэрин сиэбэт эбит, дьон тиистэрэ ыарыйдаҕына көрдөһөн-ааттаһан туран, кыра маһы эмти тардан ылан эмтэнэллэрэ үһү диэн кэпсээччилэр. Сэттэ оҕо төрөөтөҕүнэ үһэ ойуун, түөрдэ мас, тимир уустара буолаллар эбит. Эбэтэр сэттэттэн түөрдэ – ойуун, үһэ – уус. Сэрии сут-кураан сыллара мэһэйдээн, аҕата өлөн, сэттис кылааһын ситэ бүтэрбэтэх. Ол эрээри үөрэҕэр олус дьоҕурдаах эбит. Айылҕаттан талааннаах, үчүгэй куоластаах ырыаһыт буолан, 1957 сыллаахха Москваҕа Аан дойдутааҕы ыччаттар фестивалларыгар кыттыыны ылар дьолломмута. Биир дойдулааҕа, саха сүдү киһитэ С.А. Зверев-Кыыл Уола Туйаарыма Куо тойугун толорорго бэлэмнээн илдьэ барбыт. Ийэбит кинигэни таптаан ааҕара, биһигини оҕо эрдэхпититтэн эмиэ ааҕарга үөрэппитэ. «Молодая гвардия», «Подвиг», «Смена», «Советский Экран», «Охота», «Роман-газета», «Хотугу сулус» сурунааллары, элбэх хаһыаты суруйтарара. Почтаҕа биһиги түөлбэҕэ баар сурутуу 90 бырыһыана биһиэнэ буолара. Нууччалыы үчүгэйдик саҥарара, элбэх частушкалары билэрэ, сценаҕа ыллыыра. Ордук сөбүлээн «Катюша» уонна «Капитан Гастелло» ырыалары толороро. Төрөппүттэрбит биһигини киинэҕэ илдьэ сылдьаллара. Ийэм дьүөгэлэрэ, эмээхситтэр көрдөһүүлэринэн, киинэ саҥатын тылбаастыы олорооччу. Кини аахпытын, истибитин өйүгэр умнубаттыы хатыыр дьоҕурдааҕа. Дневник сурунарыгар дьон аатын, араас сыыппаралары бэлиэтэнэн иһэр, хос-хос хатылаан өйүгэр хатыыр дьоҕурун сайыннарар-эрчийэр идэлээҕэ. Урутаан эттэххэ, кыыһыгар Наташаҕа аҕыс уон аҕыс сааһыгар диэри олорон, күн өйдөөх сылдьан, олохтон бараахтаабыта.
Уон алта саастаахпар, ийэбит огдообо хаалбыта. 1981 сыллаахха күһүн, атырдьах ыйын бүтүүтэ, аҕабыт түөрт уон аҕыс сааһыгар Элгээйиттэн мотоцикл коляскатын, буочука бензини тиэйэн иһэн, күүстээх тыаллаах, долгуннаах күн эбэҕэ ууга былдьаммыта. Дьиҥэр, кини ууһут киһи этэ, Бүлүү эбэни төттөрү-таары харбыыр идэлээҕэ. Илиитин дэҥнээбит буолан, «Вихри» аҥаар эрэ илиитинэн салайа сылдьыбыт этэ. «Кэлэн ылан бардылар…» – диэбитэ оччолорго ийэм. Аҕыс оҕотун соҕотоҕун иитэр-улаатыннарар, үөрэттэрэр кыһалҕаҕа түбэспитэ.
– Оччоҕо, эн, олдьот сааскыттан ыла бэйэҥ иннигин эрэ буолбакка, дьиэ кэргэн бүтүннүүтүн туһугар кыһалла-мүһэллэ, дьиэ үлэтин-хамнаһын барытын