Кэм кэрэһиттэрэ. Валерий Луковцев

Читать онлайн.
Название Кэм кэрэһиттэрэ
Автор произведения Валерий Луковцев
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2021
isbn 978-5-7696-6135-8



Скачать книгу

быһыытын-майгытын, олоҕун илгэтин билээри, «кимтэн кииннээххин, хантан хааннааххын» диэн төрдүнү-ууһу хайан токоолоһор үгэстэн туораабакка, ити ыйытыыттан саҕалыахха. Эн бука, түҥ былыргыттан кыахтаах-күүстээх төрүттэрдээх, үөһээттэн айдарыылаах, тымырдарын-сыдьааннарын көрө-истэ, араҥаччылыы сылдьар сүдү өбүгэлэрдээх буолаҥҥын, араас моһоллору, харгыстары мүччү түһэн, ситиһиилээхтик үлэлии сырыттаҕыҥ!

      – Сунтаар улууһун биир кырдьаҕас нэһилиэгэ Түбэй, былыргы атын аатынан Тирэҕэ, 1841 сыллаахха тэриллибит. Былыр манна, Бүлүү эбэҕэ үөһээнэн түһэр Утакаан, аллараанан Ыгыатта үрэхтэр хочолоругар баар өҥнөөх-быйаҥнаах бу сиргэ, сылгынан байбыт Муостаах Сылгылаах Мордьуос Баай диэн киһи олорбута биллэр. Саха бастакы үөрэхтээх дьонуттан биирдэрэ Михалевтар төрүттэрэ эмиэ сылгынан байбыт дьон. Саха биир маҥнайгы суруйааччыта М.Н. Тимофеев-Терешкин аймаҕа-хаана Тимофеевтар эмиэ биһиги нэһилиэкпит төрүт уус үөрэхтээх дьонноро. Түбэйтэн саха барҕа талааннааҕа С.А.Зверев-Кыыл Уола төрөөн-үөскээн, саха норуотун киэн туттуута буолбута. Түбэй бөһүөлэгиттэн биир биэрэстэ холобурдаах Атырдьах диэн сиргэ сэбиэскэй былаас саҕана өрөспүүбүлүкэ салайааччытынан үлэлээбит Ю.Н. Прокопьев төрөппүттэрэ, хаан аймахтара олохсуйан олорбуттара. Биллиилээх араадьыйа суруналыыһа, судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, искусствовед Николай Иванович Максимов төрүттэрэ Буотама, Ыгыатта үрэхтэринэн олорбут дьон. Ааспыт үйэҕэ бөдөҥсүтүүгэ түбэһэн, Түбэй аччаан эстэ сыспыта, «Элгээйи» сопхуос учаастагар кубулуйа сылдьыбыта.

      Оттон төрөппүттэрим туһунан ахтар буоллахха маннык. Аҕам Николай Матвеевич Сунтаар Түбэй нэһилиэгэр Сигэ Күөлэ диэн сиргэ 1933 сыллаахха, кулун тутар 25 күнүгэр төрөөбүт. Евсеевтэр удьуордарыгар айылҕалаах, элбэх ойуун, ичээн дьон былыр-былыргыттан бааллара. Мин хос эһэм Чоҥох ойуун диэн биллэр. Аҕам Ньукулай өбүгэлэрин батан, олус кыайыгас-хотугас үлэһит киһи этэ. Кини биэһигэр ийэтэ өлбүт, оттон аҕатын аҕыс эрэ саастааҕар, сэрии саҕаламмыт сылыгар сылгыны уоран сиэбит дэсэртиирдэргэ утарыласпытын иһин, ол хара дьайдаахтар тыыныгар турбут этилэр. Сэрии кэмин оҕото буолан, үс кылааска толору үөрэнэн баран тохтообут. Саҥа туран иһэн, күһүн от кэнниттэн өйүөтүн-хаатыҥкатын сүгэн, сатыы ыраах Мииринэйгэ тайҕанан быһа түһэр. Мас кэрдиитигэр үлэлээн харчы өлөрөн, атыыласпыт сээкэйин салаасканан соһон, эмиэ сатыы төннөн кэлэр.

      Аҕам уон икки атынан пиэрмэҕэ от тиэйэрэ, Хантаҕар диэн кырдьаҕас атын бастатар, кэнники сыарҕаларыгар бэйэтэ айааһаабыт айаас соноҕосторун көлүйэр. Үтүмэн үгүс маһы кэрдэн саһаанныыра. Кини кэрдибит, саһааннаабыт маһын саҕаччаны кэлин туспа биригээдэ дьон үлэлээн бэлэмнииллэрэ. Бултуура, түүлээхтиирэ, сылга уон үс-уон биэс тайаҕы сууһаран, соҕотуопкаҕа туттарара. Үксүн сылгыһытынан үлэлээбитэ. Соноҕостору бэйэтэ айааһыыра. Кэлин кини мас кэрдиититтэн тохтоон, уокка оттор, тутууга туттар маһын эрэ кэрдинэр буолбута. Онто иһэ истээх эбит. Арай ийэм биирдэ түһээтэҕинэ, дьиэтин күүлэтигэр