Атырдьах сэргэ. Данил Макеев

Читать онлайн.
Название Атырдьах сэргэ
Автор произведения Данил Макеев
Жанр
Серия Билиҥҥи кэм прозата
Издательство
Год выпуска 2014
isbn 978-5-7696-4521-1



Скачать книгу

Арай, кинини эрэ буулдьа да, оскуолка да таба илигэ.

      Халлаан ылааран барбыта. Сотору уу-хаар тахсыбыта. Траншеялара киһини сототунан уу чаалыйан эрэйдиир буолбута. Бу кэмҥэ сэрии арыый аҕырымнаан ыларга дылы гыммыта. Мэхээлэ саҥа кэлбит дьонтон биир сааһыра барбыт Сухов диэн киһилиин уонна эдэркээн Кузнецовтуун доҕордоспута. Сухов Сибиир олохтооҕо, холкуостаах. Пушканы соһор аттары көрүүгэ-харайыыга сылдьан, дьөһөгөй оҕолорун олус сордуур младшай лейтенаны кытта кыыһырсан баран хараҕын ылан кэбиһэн штрафной ротаҕа түбэспит. Оттон Кузнецов аан бастаан атаакаҕа киирэн иһэн, куттанан снаряд воронкатыгар күн аҥаара олорбут буруйун кыа хаанынан боруостуу кэлбит. Суховы кутурук маһын курдук батыһа сылдьар, адьас аҕа туттан кэбиспит быһыылааҕа. Мэхээлэ маҥнай кинилэри туораттан кэтээн көрө сылдьыбыта, онтон биир түүн үһүөн инники кирбииттэн өссө арыый иһирдьэ киирэн кистэлэҥ харабыллааһыҥҥа сылдьаннар чугаһаспыттара.

      Онно сытан тымныйбыта дуу, Кузнецов сарсыныгар иһэ ыалдьан эрэйдэммитэ. Мэхээлэ иһэ ыарыйдаҕына ииппит эдьиийэ сытыган эрбэһини оргутан иһэрдэрин санаан киһитин оннук эмтээбитэ. Эрбэһин баҕас траншея таһыгар элбэх этэ. Өс киирбэх киһитэ кыырт буолан хаалбыта. Дьэ, онтон ыла аһыылларыгар, утуйалларыгар бары бииргэ суулаһан сылдьаллара.

      Биир түүн кинилэри сибиэһэй дьон кэлэн солбуйбуттара. Штрафниктары тыылга таһааран, поезка олордон Москва диэки илпиттэрэ. Онтон Орел куорат туһаайыытынан тиэрдэн ый курдук сынньаппыттара. Өссө эбии дьону аҕалтаабыттара.

      Дьэ, онтон, от ыйын 5 күнүн сарсыардатыттан, харса суох кимэн киирии саҕаламмыта. Штрафниктар сыһыарыллыбыт чаастара, өстөөх төһө да күүскэ утарсыбытын иһин, хас да күн устата син кыра-кыралаан сыҕарыйан иһэн улахан бөҕөргөтүнүүлээх балаһаҕа кэлэн харан хаалбыта. Мэхээлэлээх роталара кимэн киирэн иһэр туһаайыытынан, сыһыы анараа өттүгэр баар дьоҕус үрдэлгэ оҥоһуллубут дзоттан икки пулемет кими да быктарбат гына сабыта тибиирэн иһэллэрэ.

      Дзоту суох оҥорорго бирикээс ылбыт саллаат сирин ортотугар да тиийбэккэ өлбүтэ. Утуу-субуу өссө сэттэ киһи барбытын тэһитэ ытыалаан кэбиспиттэрэ. Дьэ, онтон тохсус киһинэн Мэхээлэ барарыгар бирикээстэммитэ. Уол оҕо уйана-хатана биллэр, күн-хаан туллар кэмэ тирээн кэлбитэ. Мэхээлэ дьонун көмөлөһүннэрэн каскатын тула эрбэһин анньыммыта, ньиэмэс плащпалаткатын бүрүнэ быраҕыммыта. Алталыы гранатаны икки гына холбуу баайбыттара уонна алта диискэлээх ньиэмэс автоматын биэрбиттэрэ.

      Хайыыр да кыаҕа суоҕа. Сибилигин аҕай, хараҕын ортотугар, аҕыс киһини уот тобураҕынан сабыта тибиирдэн өлөрбүт хонууларыгар сыыллан тахсарыгар тиийбитэ. Араастаан күөрэ-лаҥкы түһэн өлө сытар дьону быыһынан, төһө кыалларынан, сиргэ хам сыстан сыылан иһэн, хаан сытыттан аҕынньыта төллөн өҕүйэ сыһа-сыһа, сыҕарыйдар сыҕарыйан испитэ. Дьоно кинини хаххалаан ытыалыылларын күүһүрдүбүттэрэ. Өлбүт дьонунан хаххаланан, сир аппатын-дьаппатын барытын туһана сатаан, бэрт өр сыыллан