Атырдьах сэргэ. Данил Макеев

Читать онлайн.
Название Атырдьах сэргэ
Автор произведения Данил Макеев
Жанр
Серия Билиҥҥи кэм прозата
Издательство
Год выпуска 2014
isbn 978-5-7696-4521-1



Скачать книгу

дьахтары уонна Ыстапаан, Дьуонуска диэн чороччу улаатан эрэр уолаттары тэрийэн ыытарга диэн быһаарбыттара. Барааччыларга биир аты, икки оҕуһу биэрэр буолбуттара. Сөдүөт үс-түөрт оҕонньору хомус баайыытыгар туруоруох буолбута.

      Лаҥхаайыкы уонна Элэһин диэн бэрт хойуу хомустаах күөллэри таһынан Улахан Эбэ диэн алта арыылаах, бу эҥээр олорор дьону иитэр-аһатар күөл хомуһун баайарга быһаарыммыттара. Оҕонньотторго көмөҕө олдьот уолаттары анаабыттара.

      Кыһарҕаннаах кыһын ыган кэлбитэ. Күһүн хаар түһүөн эрэ иннинэ субан сүөһүлэри сүүрбэччэ көстөөх сиргэ, өрүскэ кыстата киллэрбиттэрэ. Ол сүөһүлэр кыстыыр хотоннорун, үлэһиттэр олоруохтаах балаҕаннарын тутуу, аһыҥа сиириттэн тоҕус сорунан быыһаабыт дуона суох бурдуктарын быһыы, кыстыкка киирии атын да бытархай, ол эрээри хайдах да уталытыллыбат үлэлэрэ дьон-сэргэ хара көлөһүнүн супту уулаабыта, сыратын-сылбатын быспыта.

      Кыһын кыһалҕанан, тымныынан кыһарыйан тиийэн кэлбитэ. Ас-үөл олус кырыымчык этэ. Туох чорбойорун барытын фроҥҥа диэн туура тутан ылаллара. Олунньу саҥатыгар Мэхээлэ өрүскэ кыстаан олорор дьонугар өйүө сыыһа илдьэ таарыйа, билсэ диэн барбыта. Аара хонон дьонугар тиийбитэ этэҥҥэ олороллор этэ. Төннөрүгэр ата ыран хаалан икки хоммута. «Кыһыл Сулус» холкуоска хонон турбутун кэннэ, сарсыарда дьиэлээх оҕонньор хатыҥ үөстээх чэйи иһэ олорон, төһө да эмээхсининээн үһүөйэх эрэ буоллаллар:

      – Эһиги диэки дьон-сэргэ хайдах олороллор. Биһиэхэ хас да киһи хоргуйан өллө, – диэн сибигинэйэн кэпсээбитэ. Мэхээлэ ити кэпсээни бэркэ дьулайа истибитэ. Кинилэргэ да хоргуйуу ыган иһэрин бүтэйдии сэрэйэрэ. Барарын саҕана оҕонньор:

      – Дьэ, тукаам. Олус эдэргиттэн ыар бурҕалдьыны кэппит оҕо эбиккин. Кытаатан дьоҥҥун-сэргэҕин харыстыы сатаа, – диэбитэ.

      Халлаан өссө да ситэ сырдыы илигэ. Ол эрээри тула өттө бүдүк-бадык соҕус да буоллар син көстөрө. Ата арыый сынньаммыт курдук айаннаан сэксэлдьийэн иһэн, хоммут ыалыттан балтараа биэрэстэ курдук тэйээт, турунан кэбиспитэ. Иччитэ муоһатын хамсатан самыытын таһыйан көрбүтэ да, баҕаналыы тэбинэн, баһын илгистэ-илгистэ турбута. Сыарҕаттан түһэн иннигэр тиийбитэ туох эрэ харааран сытара. Куйахата «дьыр» гына түспүтэ, чугаһаабакка туран ыраахтан ыҥыран көрбүтэ да, саҥа суох буолбута. Хайыай, тиийэн умса түһэ сытар киһини эргитэ тардаары гыммыта номнуо адаарыччы тоҥон хаалбыт этэ.

      Сүрэҕэ айаҕар бүөлүү анньан атыгар нэһиилэ тиийбитэ. Тоҥуу хаарынан эргитэн хоммут ыалыгар төттөрү барбыта. Оҕонньор истээт:

      – Оо, хайа сордоох эбитэ буолла, – диэн уһуутаан кэбиспитэ. Балачча өр дөйбүт курдук олоро түһэн баран: – Тукаам, эн куула суолунан бар. Нөҥүө алааска киирдэххинэ уҥа суолу тутуһаар. Оччоҕо дойдулуур суолгар тахсыаҕыҥ. Мин сэбиэккэ киирэн тыллаатахпына сатанар, – диэбитэ.

      Хоргуйан, тоҥон суолга охтубут киһини көрөн Мэхээлэ улаханнык саллыбыта. Хараҕар адаарыччы тоҥмут, үп-үрүҥүнэн туртаччы көрбүт киһи көстөн кэлэ турара. Уһун суолу быһа дьонун-сэргэтин