Название | Атырдьах сэргэ |
---|---|
Автор произведения | Данил Макеев |
Жанр | |
Серия | Билиҥҥи кэм прозата |
Издательство | |
Год выпуска | 2014 |
isbn | 978-5-7696-4521-1 |
Аттаахтар суһал соҕустук айаннаан Суотту үрэҕин баһыгар тиийбиттэрэ. Онтон Холлоҕостоох үрэҕэр түһэр Атырдьах Сэргэ диэн үрүйэҕэ киириилэригэр күн ортото буола охсубута. Бу үрүйэ аатыгар сыһыаннаах эмиэ биир үһүйээн баар. Былыр кыргыс үйэтин саҕана икки ини-бии дьон иирсэн баран, аны хаһан да көрсүһүө суох буоланнар андаҕайаннар бу үрүйэҕэ икки салаалаах сэргэни туруорбуттара үһү. Үрүйэ саҕатыгар ол сэргэлэрэ билигин даҕаны иҥнэри соҕус түһэн турар. Мантан ыла кинилэр нэһилиэктэрин сирэ бүтэр.
Чөнөкө уола Мэхээлэ кубарыйа хаппыт сэргэ туһугар тиийэн атыттан ыстанан түспүтэ уонна:
– Манна чэйдээн барыаҕыҥ, – диэбитигэр бары аттарыттан түһэн тыа саҕатыгар баайталаан кэбиспиттэрэ. Сотору соҕус кутаа буруота унааран тахсан тииттэр бастарынан халыйбыта. Чэйдэрэ оргуйан элбэх кэпсэтиитэ-күүгээнэ суох өйүөлэрин таһааран төгүрүччү олорон аһаабытынан барбыттара. Аһаан бүтэн ким табахтыы, ким көннөрү тиэрэ түһэн сынньана, атыттар ботуоҥкаларыгар баар аҕыйах сээкэйдэрин бэринэ сырыттахтарына Калининскай Семен Гаврильевич-Абыйааскы уола сэргэҕэ тиийэн, этэрбэһин оһуттан быһаҕын ылан аатын оҥо быһан суруйбута. Ону көрөн атыттар бары күө-дьаа буолан эмиэ ааттарын суруйталаабыттара. Ити курдук нэһилиэктэрин сирин-уотун арҕаа баһыгар баар атырдьах маһы санатар дьикти сэргэ таһыгар балачча өр тохтуу түһэн баран, ханна-ханна тиэрдэрэ биллибэт айаннарыгар туруммуттара. Бүөтүр үрүйэ тоҕойугар тиийэн иһэн кэннин хайыһан көрбүтэ атырдьах сэргэ былыр хаһан эрэ ини-биилэр атырдьах салаатыныы арахсыбыттарын туоһута, онтон билигин сэриигэ баран иһэр дьон төрөөбүт нэһилиэктэрин бүтэһик бэлиэтэ буолан иҥнэри түһэн тураахтыыра.
Киэһэ күн арҕаа саҕахха санньыйыыта II Байаҕантай нэһилиэгиттэн сэриигэ баран иһэр дьон Сиэллээх аартыгын өрө дибдитэн тахсыбыттарыгар иннилэригэр Мүрү эбэ киэҥ иэнэ унааран көстүбүтэ.
Сарсыҥҥытыгар хоммут ыалларыттан дойдуларыттан ат төннөрөөччүнэн киирбит оҕонньору уонна саҥа чороччу улаатан эрэр уолаттары, биир-икки атаарсааччыны кытары райком дьиэтин таһыгар тиийбиттэрэ киһи бөҕө үллэҥнэс этэ. Тэлиэгэҕэ көлүллүбүт сүүрбэччэ ат уулусса кытыытыгар бааллан тураллара. Кинилэр нэһилиэктэрин холкуостарыттан биирдии аты сиэтэн аҕалбыттарын армияҕа барааччылары дьаһайар дьон эмиэ ол аттары кытары баайталаан кэбиспиттэрэ. Илин, арҕаа диэкиттэн кэлитэлиир бөлөх-бөлөх дьону, испииһэгинэн бэрэбиэркэлии-бэрэбиэркэлии, биир сиргэ түмэллэр эбит этэ. Бүөтүр сэбиэт сэкирэтээринэн, үп ааҕынынан үлэлии сылдьан оройуоҥҥа мунньахтарга киирэ сылдьан билсибит хас да киһитин көрсүбүтэ. Күнү быһа