Название | Атырдьах сэргэ |
---|---|
Автор произведения | Данил Макеев |
Жанр | |
Серия | Билиҥҥи кэм прозата |
Издательство | |
Год выпуска | 2014 |
isbn | 978-5-7696-4521-1 |
Сэриигэ аттаныы
Тыа саҕатыгар сэлэлии үүммүт хатыҥнар лабаалара онон-манан саһарбыта ыраахтан ала-чуо сырдаан көстөр буолбуттар. Бүөтүр ону көрө-көрө, сайын наһаа түргэнник ааһан эрэр ээ, дии санаата. Хайыай, күн-дьыл да ыраатта. Бүгүн атырдьах ыйын 12 күнэ үүннэ. Сэрии буолбута номнуо иккис ыйыгар баран эрэр. Ньиэмэстэр бэрт киэҥ сиринэн тайаан дойду киинин – Москва, Ленинград диэки дьулуһалларын туһунан суостаах иһитиннэриилэр хаһыакка тахсаллар, нэһилиэк сэбиэтигэр сотору-сотору кэлэллэр. Бүгүн Уус Алдан оройуонун II Байаҕантай нэһилиэгин дьоно ол ыраах ньиргийэр сэриигэ бастакы ыҥырыыга хабыллыбыт уон аҕыс киһини атаардылар. «Пятилетка», «Бөлөхтөһүү», «Тыраҕатталаах» холкуостартан Нуучча алааһыгар түмүллэн баран, бу айаннаан иһэллэр. Төһө да үлэ-хамнас үгэнэ буоллар сэриигэ барааччылары атаара холкуос аайыттан балачча киһи мустубут этэ. Атаарааччылар үгүстэрэ хайдах эрэ дөйөн, талбааран хаалбыт курдуктара. Кистии-саба ытаһааччылар да бааллара.
Бүөтүр убайынаан Лэгэнтэйдиин биир күн бэбиэскэ туппуттара. Баттахтан ийэлэрэ Мааппа кыра кыыһа Араппыаһы уонна эдьиийдэрэ Алааппыйаны кытары атаарса кэлбиттэрэ. Ийэлэрин иккис кэргэнэ Былаас бэйэтин аннынан суруттарбыт кыра уолун Куоланы кытары, ыраах алааска оттуу сылдьар буоланнар, кыайан кэлбэтэхтэрэ. Атаарааччылар үгүстэрэ сэриигэ барааччылары батыһан Табы сыырыгар диэри кэлсибиттэрэ. Бүөтүр алаас ортотугар тиийэн иһэн эргиллэн көрбүтэ дьахталлар уонна оҕолор халдьаайыга арҕам-тарҕам туран былааттарынан далбаатыы хаалбыттара. Сотору отучча аттаах киһи барыта тыаҕа киирэн көстүбэт буолбуттара.
Убайа Лэгэнтэй дьон-сэргэ судургутук Бүөтүкэ уола Боотуон диэн ааттыыр, оттон сурулларынан Егоров Николай Петрович дэнэр киһилиин тугу эрэ кэпсэтэ-кэпсэтэ сэргэстэһэ хаамтаран иһэллэрэ. Боотуон ата кэккэлэһэ иһэр акка боотурҕаан, кулгааҕын ньылата-ньылата ытыраары гынарын иһин тэһиинин илгиэлээмэхтээн ылара. Бүөтүкэ оҕолоро бары да ыраастык туттар, уһун сула дьоннор. Боотуон эмиэ мэлдьи ып-ыраас таҥастаах, хайдах эрэ бэйэтигэр сөбө суох уһун илиилээх-атахтаах киһи. Холкуоһугар биригэдьиирдиир этэ. Бүөтүр кини кыыһырбытын хаһан да көрө илик. Хата, саҥарарыгар өрүү мичээрдээн кэбиһэр идэлээх. Билигин даҕаны мүчүйэн ылар быһыылаах. Дьоно Тиилийэ диэн алаас соҕуруу өттүгэр кыстыыллар, Туора үрэххэ киирэн сайылыыллар. Онтон үлэ быыһыгар Нуучча алааһыгар кэлэн элбэхтэ оонньообут-көрүлээбит, тустан, сырсан да көрбүт киһитэ буолан балачча билсэр уола.
Кинилэр иннилэригэр Готовцев Афанасий Софронович-Хоҥкучах көхсө көстөр. Быйыл сааскыттан холкуос бэрэссэдээтэлинэн быыбарданан үлэлээн испитэ. Аҕыйах хонуктааҕыта Үөһээ үрэххэ олохтоох Сэмэн оҕонньор кыыһын Мотуруонаны кэргэн ылан баран, бу сэриигэ баран эрдэҕэ. Охонооһой оччо элэккэйэ да суох буоллар сүрдээх судургу киһи. Убайынаан Михаил Софроновичтыын-Сиэдэрэйдиин дьүһүннээх үтүөтэ, уҥуохтаах көнөтө дьоннор. Сиэдэрэй билигин хайа эрэ нэһилиэккэ учууталлыыр буолуохтаах,