1986. Аргыардаах саас. Иван Сысолятин

Читать онлайн.
Название 1986. Аргыардаах саас
Автор произведения Иван Сысолятин
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2018
isbn 978-5-7696-5453-4



Скачать книгу

курас тыал курдук, курус санаа буолан ханна эрэ кутун-сүрүн дуу эбэтэр сүрэҕин-быарын дуу түгэҕэр сөҥөн сылдьар эбит. Сарсыарда син эрдэ турбута да, санаатыгар бастакы трамвайга хойутуом диэн өрүү тиэтэйэр, ыксыыр курдуга.

      Теплоход инники аҥаарыгар биир даҕаны олох ордубат гына киhи бөҕө симилиннэ. Дьороҕор сотолорунан дьыраччы тэбинэн туран уп-уhун тумустарынан үрдүк мэҥэ халлааны олоотуу олорор тойон туруйалар курдук дьирэhэн турар көтөҕөр кырааннар анныларынан оргууй аҕай устан күөгэтэн истилэр. Ардах ибиирэрэ күүhүрбүт. «Илин эҥээргэ ардах хайаан эрэрэ буолла?» – диэн саныы-саныы, Иван Данилович трамвай уҥа эркинин түннүктэринэн хараҕын быраҕан ылбыта – халлаан хараҥа болоорхойунан биир тэҥник сабыллан, бүлүгүрэн, өhөн турар.

      Сотору буолаат, дохсун долгуннарынан будулуйа сытар сүрүн үөскэ киирдилэр. «Бултааhын диэн улуу дьол!» диэн тыллар эмиэ дуораhыйар курдуктар уонна ол аайы Иван Данилович өйүн-санаатын өссө ордук өрүкүтэллэр, сүрэҕин-быарын эппэтэллэр. Иннигэр-кэннигэр дьон дорҕоонноохтук саҥаран кэпсэтэллэр. Ол быыhыгар кыра оҕолор саҥалара чаҕаараллар.

      Иван Данилович биир сиргэ уhуннук хам хараҕаланан хамсаабакка олорон, устунан нухарыйан барбыт эбит – арай биирдэ көрбүтэ: аттыгар олорор дьоно оннуларыттан туруталаан эрэллэр эбит. Анньыалаhан-үтүөлэhэн тахсан, кэдэҥнии, салыбырыы турар хаптаhын далаhанан мүччү-хаччы үктэнэн, кырылас таастаах үрдүк кытылы буллулар – собус-соҕотох кыhыл оптуобус ойоҕоhунан буолан ыраах ойдом турар.

      Дуолан анньыалаhыы, харбыалаhыы оптуобуска киирэргэ буолла.

      – Тохтооҥ эрэ бу… кыра оҕону сэрэниҥ!

      – Бу бачча үлүгэрдээх элбэх киhиэхэ собус-соруйан соҕотох оптуобуhу ыыталлар… издевайсы гыналлар!..

      – Дьахталлар, олус атамааннаамаҥ эрэ… манна эhиги дьиэҕит тэлгэhэтэ буолбатах ээ.

      – Ээ, сөпкө этэллэр, бэйэҕит дьиэҕитигэр тиийдэххитинэ эрдэргитин дьаhайаарыҥ!

      – Ээ-йиис! Тохтоон эриэххит ээ… дьэ, эhигини даҕаны, хата, дьаhайыах курдукпут. Эhиэхэ баран баттата сылдьыахпыт дуо?!

      – Бу сэбиэскэй былаас дьахталлары олус көҥүл-босхо ыытта, олус атаахтатта-таратта.

      Ити курдук соҕотох оптуобус кып-кыараҕас, дьобойбут аанын былдьаhааччылар, сэниэлээхтик түhэн ибигирэтэр ардах анныгар туран, кыhыыларын-абаларын бэйэ-бэйэлэригэр тылларынан таhаара сатыы, үтүөлэhэ-анньыалаhа ыгыта түсүhэн эрдэхтэринэ, «Иккис оптуобус кэллэ-э!» диэн хаhыы иhилиннэ. Иван Данилович, дьон кэннигэр турар киhи, ол кэлбит оптуобуска барыан дуу, барымыан дуу быhаарына да илигинэ, дьон халҕаhата төттөрү эҕирис гынан, дьалкыйа хамсаан, кинини ыбылы анньан кыбыппытынан хас да хардыыны кэннинэн хаамтардылар. Хайдах эрэ биир түгэҥҥэ иннэ аhылла түстэ, сонно иннин диэки дьүккүйэн, хата оптуобус ааныгар чугаhаан хаалла. Үтүрүhүү-анньыhыы арыый уҕараата. Кэлин тиhэҕэр таhырдьа биир даҕаны киhи син туран хаалбата – бары симилиннилэр.

      Бэс чагда мыраан үөhэ оптуобустарынан сыылларан тахсан, вокзал таhыгар сүөкэннилэр.