Эр киһи уонна дьахтар. Егор Неймохов

Читать онлайн.
Название Эр киһи уонна дьахтар
Автор произведения Егор Неймохов
Жанр
Серия Билиҥҥи кэм прозата
Издательство
Год выпуска 2010
isbn 978-5-7696-3310-2



Скачать книгу

суоппардаабыт Дьарааһын диэн киһим дьиэ атыыласпыта, олбуорун иһигэр быыкаайык дьиэ дуомнаах. Онтукатын эмиэ устудьуоннарга куортамныыра да, быйыл бүтэрэн бараллар диэн эрэрэ. Эһиги миигин ыытта диэн туран кэпсэтэн көрүҥ, атын ыалы кытта дуогабардаһа охсубатах буоллаҕына ылыаҕа.

      – Оо, дьэ бэрт буолуо этэ! – Бэргэн үөрдэ, – убайбыт оччоҕо туһалаабытыҥ тобоҕун туһалаан, улаханнык абырыаҥ этэ.

      Ити курдук хаһаайыннарыгар махтанан-баһыыбалаан автовокзалга кэллилэр. Үлэ күнэ уонна күнүс буолан, хата, куораттыыр киһи аҕыйах, онон сонно бараары турар оптуобуска билиэккэ тииһиннилэр. Сотору быылы-буору өрүкүтэн айаннаатылар, суол икки өттүнэн сэбирдэхтэринэн сипсиһэр от-мас, торҕо күөх киэҥ сыһыылар киинэ экраныгар курдук устан ааһаллар. Бэргэн кыыс нарын тарбахтарын туппутун араарбат уонна Өлүөнэ эбэ кытылыгар өйдүүн-санаалыын ирим-дьирим барбыт түүннэрин бэлэхтээбитин иһин үөһээ халлааҥҥа баар бары Үрдүк Айыыларга махтана саныырыттан ордубат, куоракка киирэн, авиапорт ыппыт охтуу сыыйыллар суолунан айанныылларыгар, уол үҥкүүлээн да бэдьэйиэх туругунуу, этээстээх дьиэлэр үөрэн-көтөн сэгэйиэхтэринэн сэгэспит курдуктара. Киһи орто дойдуга маннык дьолу билэр туһугар төрөөн-үөскээн, олорон ааһан эрдэҕэ…

      Автовокзалга түһэн, уулусса кытыытынан сиэттиһэн баран хаамыстылар, кыыһа: «Мантан уопсайбар диэри көтөҕөн илт», – диирэ буоллар, Бэргэн адьас саараабакка да көтөҕөн илдьэ барыах этэ. Уопсайдарын ааныгар тиийиэхтэригэр диэри хас да билэр киһилэрин көрүстүлэр, бары сиэттиспит уоллаах кыыһы көрөн мичээрдииллэр, арай суолга бииргэ үөрэнэр Ылдьаатын эрэллээх саллаата Буут утары иһэр, кинилэри көрөн, суолу туораан, утары кэлбитигэр, Бэргэн наар кинини элэктээн, дьээбэлээн тахсар уолу көрсүбүтүн төһө да сөбүлээбэтэр, ханна куота сатыы сылдьыай, уун-утары тиийдэ. Буут кинилэри көрөн, биир сиргэ хамсаабакка туран баран, чугаһаабыттарыгар, дорооболоһон баран:

      – Хайа, бу дьон үчүгэй буолан эрэҕит дуу тугуй? – диэн ыйыппытыгар, Бэргэн киэн тутта чобуотук хардарда:

      – Сэргэлээххэ биир ыал эбилиннэ диэн кэбис!

      – Туох даа?! Дьэ уол оҕото эбиккин, сыылла сылдьан сыарҕа быатын быһар диэн итини этэн эрдэхтэрэ, чэ, эҕэрдэлиибин, сыа сиир дьон буолбуппут, – илиитин тутан ибигирэттэ. – Оттон биэдэрэҕэ тугу туттугут?

      Бэргэн кинини кытта улаханнык кэпсэтэр санаата суох, ол иһин дьээбэлэнэр курдук эрээри, тымныытык быһа биэрдэ:

      – Кыһыл көмүһү.

      5

      Ити эрээри Бэргэннээх Ксенья тулуйбатылар, сол күн аҕалбыт балыктарыттан быһар быһаҕаһын кыракый быласымаасса солуурчахха кутан, Сайсарыга Көстөкүүн ыйбыт аадырыһыгар бардылар. Киһилэрин олорор дьиэтэ аспаалламмыт тэргэн аартыктан туора тахсар, соччо уһуна суох уулусса эбит. Чуумпу, киһи сэдэх, масссыына да хаа-дьаа сылдьар чинчилээх, суол кытыытыгар кыстаммыт бэрэбинэлэр аттыларыгар от бытыгыраабыт кырыс сирэ баарыгар кууруссалар тугу эрэ тоҥсуйаллар, бэйэ-бэйэлэриттэн былдьаһан, сырсан сарымтахтаналлар. Уулусса ортотугар