Эр киһи уонна дьахтар. Егор Неймохов

Читать онлайн.
Название Эр киһи уонна дьахтар
Автор произведения Егор Неймохов
Жанр
Серия Билиҥҥи кэм прозата
Издательство
Год выпуска 2010
isbn 978-5-7696-3310-2



Скачать книгу

маҕаһыын сабыллыыта биирдэ ыҥырар-ымсыырдар атыылаһааччыга тиийэн, биир киһиэхэ тиксэр икки киилэ эттэрин сыыһынан бүтэ тураллара.

      Бэргэннээх үксүн балык кэнсиэрбэтин ылан миин оҥостоллор, син миин испит курдук буолаллар, ол курдук инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан сыккыраан олордохторо. Толуонтан ураты, таайа биирдэ эмэтэ эт бэрсэр буолан абырыыр. Кини таайа кэпсииринэн, 70-с сылларга диэри араас эт, халбаһыы дэлэй үһү, уочарат суох, өрөһөлөммүт кырбастартан анал биилкэнэн дьөлө анньан, сөбүлээбиттэрин талан ылаллар эбит, ол соҕотохто ханна мэлис гынан хаалбытын бэйэлэрэ да бэркиһииллэр.

      Саҥа ыал дьиэлэригэр уруккуттан эбиллиилэрэ диэн – прокаттан уларсыбыт өҥө суох тэлэбиисэрдэрэ биир муннугу барытын күөнтээбит. Киэһэ оһохторун оттон баран, кыараҕас дьиэлэрэ сыыйа сылыйан барарын күүтэ сытан, тэлэбиисэрдэрин көрөллөрө, онтукаларын «аан дойдуга түннүк» диэн, хаһан эрэ Бүөтүр ыраахтааҕы Петербург куораты тутан баран, «Европаҕа тахсар түннүк» диэбитин маарыннатан ааттыыллара.

      Бэргэн экрана харааран турар тэлэбиисэрин көрбөхтөөтө, билигин кинилэр сериал диэн хас киэһэ ахсын субуруччу салҕанан барар киинэлэри көрөн, ханна эрэ ыраах Латинскай Америкаҕа буолар дьоннор үөрүүлэринэн-кыһалҕаларынан олороллор, киэһэ киинэ кэллэр эрэ ыаллар бары тэлэбиисэрдэрин иннилэригэр хатаналлар…

      Санаатын ситимин быһан кэлииккэ тыаһаабытыгар, Бэргэн түннүккэ сыстаат, сүрэҕэ үөрүүнэн туолла – кырса саҕалаах сонноох уонна эмиэ оннук бэргэһэлээх доҕоро барахсан маҥан хаартан да ыраастык туналыйа сырдаан иһэр. Маҥан хаар өҥүнүү ып-ыраас Ксеньята туртаҥныы дайан иһэрэ үчүгэй даҕаны… Кэргэнэ илиитигэр суумкалаах, онтон суон халбаһыы уһуга көстөр. Ити халбаһыы сыралаах уочарат түмүгэр ылылыннаҕа, ол иһин Бэргэн Ксеньятын хайгыы санаата: «Оок-сиэ, доҕорум барахсан төһөлөөх өр уочаракка турбута буолуой…» Ити кэмҥэ кыыс ыксаан-бохсоон ахан ааны аста, үрүҥ туман дьиэлэрин иһин күдэриктийэ толордо.

      – Бэргэн! – диэтэ кыыс, таҥаһын да устубакка эрэ, – бу аттыбытынааҕы маҕаһыыҥҥа халбаһыы киллэрбиттэригэр түбэһэн, хата, тигистим, аны киэһэ сымыыт тахсар үһү, онно эмиэ уочараттаатым, билигин аһаан баран иккиэн барыахпыт, онно уочараккын булларан баран, мин кэлиэм. Хата маҕаһыын дьиэбититтэн чугас, онон сымыыт тахсыар диэри хардары-таары туруохпут…

      «Эмиэ эт, халбаһыы айдаана, – Бэргэн сибилиҥҥи өрө көтөҕүллүбүт иэйиититтэн туох да хаалбакка, сииктии симэлийдэ, – бу туох ааттаах иэдээнэ түбүлээтэ, бачча улахан дойду эрээри, нэһилиэнньэтин аһатар эти-халбаһыыны оҥорон таһаарар кыаҕа суох, соторутааҥҥа диэри барыта баара дии, уларыта тутуу диэн саҕаланыаҕыттан ханна барыта сүтэн хаалбыт бэйэтэй…»

      Ксенья тиэтэлинэн килиэби бысталаата, арыы сыыһын уонна мэлии саахары уурталаата, муора бытархай балыгыттан кэнсиэрбэни аста. Онтон атын киһи сонургуур астара суох буолла, иккиэн утарыта көрсөн олорон саахардаах, арыылаах килиэптээх хара чэй истилэр, биилкэнэн килиэпкэ