Название | Эр киһи уонна дьахтар |
---|---|
Автор произведения | Егор Неймохов |
Жанр | |
Серия | Билиҥҥи кэм прозата |
Издательство | |
Год выпуска | 2010 |
isbn | 978-5-7696-3310-2 |
Ити кэмҥэ үөһэттэн кумах суккураата уонна аттыгар Бэргэн биирдэ баар буолла, сэрэммиттии аттынааҕы тааска олорунан кэбистэ:
– Ксенья, балаакка бэлэм. Тоҥмоккун дуо, манна сөрүүн буолбатах дуо?
– Суох, үчүгэй, Бэргэн, эн ити табаарыһыҥ эппитин итэҕэйбэт инигин? Мин билигин ыал буолар санаам суох уонна эйигин эмиэ үчүгэйдик билбэппин ээ.
– Ксенья, өйдүүбүн, оттон мин эйигиттэн тугу кистиэмий, чахчы эйигин таптыыбын, оттон ыал буоларга сөбүлэстэргин улахан дьолум буолуох этэ.
Саҥа суох буолла, хомоҕо хоптолор төттөрү-таары тыҥкынаһа көтөллөр, уу үрдүнэн биллэр-биллибэт туман өрүкүйэн эрэр. Тэйиччи сүрүн үөһүнэн мотуордаах оҥочо ааһарыгар, аппа айаҕын туһаайыытыгар кэлбитигэр, аһаҕас сиринэн тардыллан субу баардыы күүскэ тыаһаан ылла. Уонна чуумпу, икки атахтаах сэдэхтик үктэнэр хомотугар атын туох кэлэн аймыа буоллаҕай?
Өрүс чэлгиэниттэн дьагдьайыах курдук буолан, иккиэн үөһэ дабайдылар, балаакка ааныгар тиийэн сэгэтиэх курдук гынан иһэн, кыыс уол диэки ыйытардыы көрбүтүгэр, Бэргэн:
– Эн, чэ, киирэн оҥостон сыт, мин хойутуу…
Уол балааккаттан тэйэн, эмиэ хомо кытыытыгар киирэн, ууга таастары быраҕаттыы оонньуу сырытта. Оҕо эрдэҕинэ: «Ким хас алаадьыны оҥорор эбитий?» – диэн күрэхтэһэллэрэ, иҥнэйэн баран, хаптаҕай тааһы уу кырсынан халты барарыныы быраҕаттыыллара. Таас уу урсунуттан тэйитэлээн баран тимирэрэ, оччоҕо хас ии үөскээбитин аахсыы буолара. Ону санаан, Бэргэн хас да тааһы ууга тамнаата эрээри өйө-санаата балааккаҕа утуйаары хаалбыт Ксеньяҕа ханньары тартара турар. Билигин сыгынньахтанан сыттаҕа. Аан маҥнай Сэргэлээх уопсайыгар көрсөллөрүгэр кылгас халаат анныттан кыыс маҥан суон бөтөҕөлөрө, бууттара көстөллөрүн өйдөөн, сүрэҕэ күүскэ тэбиэлээтэ, тыынара кылгаата, хараҕа ирим-дьирим буолбахтаата, ол ахсын өссө кыһыйан-абаран туох түбэһэр таастары ууга кыыраталыы сырытта. Күөс быстыҥа оннук сылдьан баран, сүрэҕэ түөһүгэр батыа суохтуу бүллүргэччи тэбиэлиирин истэ-истэ, сыыры дабайан балаакка ааныгар тохтоон ылла уонна синим биир диэбиттии, бириһиэн ааны өрө тардан, иһирдьэ дьылыс гынна.
Кыараҕас балааккаҕа кыыс улаҕа хайыһан, спортивнай таҥаһын устубакка сытар. Уол хайыан да билбэккэ, утуйар мөһөөччүк үрдүгэр эмиэ таҥастыын тиэрэ түстэ. Киирэн эрэр күнтэн балаакка бириһиэн үрүтүгэр хатыҥ лабаатын күлүгэ тараадыйа түһэр, бочур сэбирдэхтэрэ