Название | Хоhооннор |
---|---|
Автор произведения | Артемий Афанасьев |
Жанр | Поэзия |
Серия | |
Издательство | Поэзия |
Год выпуска | 0 |
isbn | 9785005387561 |
Дохсун мааны дьоммутун
Дьоруой курдук тутуоҕуҥ!
Онно бааллар оҕонньоттор,
Оҕо, эдэр дьоннор,
Бас-көс салайааччылар,
Боростуой хара үлэһиттэр.
Маннык күүстээх түмсүү
Минньиктиэ кири-хоҕу,
Муунтуйбут элбэх киһи
Муммут суолун булуо.
Олоххо буолар үксүтэ
Оҥорор, айар аналлаах,
Онон үөрүөҕүҥ миитиҥҥэ
Омукпут саргытын туһугар!
Сатал. 21.03.2019
Олоҕуҥ суолун тэл
Тоҥуу хаар.
Тоҕо тоҥуу?
Туохтан сылтаан
Тоҥуу диэтилэр?
Тоҥуу хаары
Тоҕо кэһэн
Тоҥ суолун тобул,
Диэбиттэрэ эбээт.
Өбүгэлэрбит обургулар
Улаҕалаах, удьуордаах
Уһун тыллара
Салайар олохпутун.
Толлубакка толкуйдаа,
Саҥаны ай-тут,
Биллибиккэ дьулус,
Диэтэхтэрэ кинилэр.
Олохпут биһиэнэ
Үгүс кэмэ барыта
Хаары кытта алтыһар,
Хаардыы сырдык-ыраас.
Тоҥуу хаары кэһиэҕиҥ,
Кыра оҕолуу үөрүөҕүҥ,
Тэлбит суолбутун көрүөҕүҥ
Онтон салгыы барыаҕыҥ.
Сатал. 24.03.2019
Өйдөбүл ситимэ
Сыл хонук сыыдамнык
Сылайбакка айанныыр,
Сиргэ үөскээбит барыта
Сиэтиллэн иһэр онно.
Бириэмэ бүтэр эргиирэ
Биирдиилээн ылҕаталаан,
Быраҕар эбээт олохтон
Биһиги күндү дьоммутун.
Хатыҥтан күһүҥҥү сэбирдэх
Хатан, саһаран туллара
Ханыылыы эбээт биһиэхэ,
Хаан саастыы дьоҥҥо.
Сэбирдэхтэн биһиги атыммыт
Суолтан эрдэ туораабыт
Сырдык дууһата, мөссүөнэ
Сүппэт эбээт биһиэхэ.
Сыллар аастахтарын ахсын
Сырдаан, ырааһыран иһэллэр,
Сирдиир сулус буолаллар
Ситэ олорботох доҕоттор.
Сатал. 27.03.2019
Кырдьаҕас ырыаһыттар
Ырыа куттаах кырдьаҕастар
Ыллам ырыа күрэҕэр
Ыраах сиртэн мустаннар
Ырыа ыһыаҕын астылар.
Эбээлэр, эһээлэр барахсаттар
Эйээрэр эгэлгэ куоластара
Эҥсилиннэ дойдум үрдүнэн
Эфир долгунугар олорсон.
Уҥуохтара-иҥиэхтэрэ көнөн,
Сирэйдиин харахтыын сырдаан,
Дууһа сылаас иэйиитин
Бэлэхтээтилэр кинилэр.
Биһиги даҕаны хаалсымыах.
Киҥинэйэн да буоллар,
Ырыа дьикти дорҕоонунан
Дууһабытын манньытыах.
Сатал. 28.03.2019
Соһуччу көрсүһүү
Бүгүн көрүстүм
Былыргы атаспын
Бэрт элбэх дьыл
Биллибэккэ ааспыт.
Атаһым туруга
Аҕай дии санаатым.
Адьас хотторботох
Ааспыт будулҕаҥҥа.
Көрөрө-истэрэ
Кубулуйбатах