Название | Хараҥа сискэ |
---|---|
Автор произведения | Урсун |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-5477-0 |
Итинник, оҕо сылдьан, Костя төрөөбүт дойдутугар, Киэҥ Күөл кырдалыгар, сэдэх көтөрдөрү – хонуу бараахтарын – олоҕор биирдэ көрөн турардаах.
ЭҺЭ
Куоракка үөрэнэр Костя, үөрэх аһыллара чугаһаан, хатыҥ сэбирдэҕэ тэлээрэн түһэр хаһыҥнаах сарсыардатыгар эрдэ туран, Таатта Төрдүгэр тохтоон ааһар теплоходка олорсоору айан суолун тутта. Кини Көтөт Сайылыгар таайын аахха сайылаата, оттосто, бэркэ сынньанна. Быйыл 7-с кылааска үөрэниэхтээх.
Лиҥкир тиит мастаах Эмис сиһин быһа түһэн, Сайыы күөлүн ойоҕолуу хааман иһэр. Күөлтэн туман көтөр. Нус-хас. Сыһыыга ынахтар кэбинэ сыталлар. Айылҕа кэрэтиттэн, чэбдигиттэн тэбиэһирэн ыллаан барда:
Манна ойуур иһигэр
Чыычаах ыллыыр, күн көрөр.
Сэбирдэхтэр үрэллэн
Үрдүбүнэн көтөллөр.
Арай уҥа өттүттэн талах быыһыттан туох эрэ түөһүллэн турда. Костя, онно болҕомтотун соччо уурбакка эрэ, хараҕын кырыытынан көрбүтэ: сүөһү буолбатах, хара тыа хаһаайына – хагдаҥ эһэ – эбит! Түөрт атаҕын тус-туһунан түһэртээн, тэйэ сүүрэн бүгүллэҥнээн эрэр. Айаҕын аллаччы аппыт, чугаһа бэрт буолан, бэл сыраана сынньылыйара кытта көстөр. Көхсүн иһэ күрдүргүүр. Аҕыйахтык күөһэкэччийэн иһэн, мастар күлүктэригэр түстэ.
Уол, киниэхэ утары кэлбэтэх уонна суоһурҕамматах буолан, куттаммакка да хаалла. Итинник адьырҕаны кини сүүрбэччэ хаамыылаах сиртэн аан бастаан көрдө. Урут моонньоҕоннуу, хаптаҕастыы сылдьан, тыатааҕы оту-маһы хамсатарын, бэрт соторутааҕыта барыанньа курдугунан хойуулаабыта буруолуу сытарын син көрөрө. Оттон бүгүн Эмис балаҕана адьас чугаһаабытын кэннэ кэбинэ сытар ынахтар чугастарыттан эһэ туруо диэн ончу санаабатаҕа. Дьэ, айаннаан иһэр уолга айылҕата, арааһа, анаан-минээн көрдөрдө.
Манна, Эмискэ, убайдара Бүөтүр уонна Ньыыка сүөһү көрөн олороллор. Куттамматым дии санаабыта да, сүһүөхтэрэ кыратык хамсаабыт эбит.
Эргиллэн көрүөн дьулайар, баҕар, батыһан иһэрэ буолуо…
Уол уора-көстө хардыытын кэҥэттэ. Күрүө аана кэлбитин кэннэ алын сүллүгэс быыһынан иһирдьэ төкүнүс гынна. Эргиллэн көрбүтэ: бэттэх туох да көстүбэт. Ол да буоллар, тэлгэһэҕэ үктэнээт, балаҕаҥҥа диэри сүүрэн тиийдэ. Халҕаны тэлэйэ баттаабыта: убайа Бүөтүр утары, кэргэнэ Маайа кэннинэн чэй иһэн сыймаарда олороллор эбит. Оттон чэйдээн бүппүт Ньыыка хаҥас диэки батарантааһы курдана турар.
– Тыатааҕы адьас тэлгэһэҕитигэр киирбит дии! – диэн Костя омуннаахтык эппитигэр соһуйдулар.
– Бэй, ол ханна? – диэтэ Бүөтүр.
– Сайыы ойоҕоһугар көрдүм! – диэтэ уол бөтүөхтүү-бөтүөхтүү.
– Ээ, икки хонуктааҕыта Пятилетка диэн ньирэйбит сүппүтэ. Арааһа, кини мэҥиэһиннэҕэ буолуо, – Ньыыка аргыый сыыбырҕаата уонна үөһээ ардьаахха аспыт саатын ылла.
– Симиэрди, хата, мин сирэйгэ ытыам ээ! – Ньыыка чахчы ытыах киһи курдук сымарынна. Халҕаны аһан таһырдьа тэп гынна.
Саҥаһа Маайа уолга чэй кутта. Костя суолтатыгар