Хараҥа сискэ. Урсун

Читать онлайн.
Название Хараҥа сискэ
Автор произведения Урсун
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-5477-0



Скачать книгу

сиринэн быһан, быһыттаан, үс ааннаан ииттэҕинэ, баҕар, туһаныаҕа. Үлэтэ элбэҕиттэн, ууну наар кэһэ сылдьарыттан дьулайбакка, Костя уһуннук үлэлэһэн, элбэх эрэйинэн быһан, талаҕынан дулҕалар ыккардыларын бүөлээн, син быһыт хабаанын оҥордо, үс ааннаата. Хапкааннарын уурар сирин уруккутугар майгыннатан, уу дириҥин аахсан, анныгар сылбах уган, үрдүнэн эмиэ дулҕа ууран бэрт өр бодьуустаста. Ыстаанын элээмэтин харыстаан кытылга устан уонна ким да көрбөтүн туһанан, сыгынньаҕын ууну кэһэн, тоҥо быһыытыйбыта. Ол кэмҥэ арыый күһүҥҥүтүйэн бырдах аҕыйаабыт этэ. Хаста да кытылга тахсан, дулҕа сиэлигэр олорон, тоҥмут уонна хатырбыт атахтарын дулҕаҕа тэбэн, куурда түһэ-түһэ, хас да төгүл кырынан, хапкааннарын иитэн, дьэ, «һуу» гыммыта. Тиэтэлинэн таҥнан, тоҥмутун аһараары дьиэтигэр сүүрбүтэ. Ийэтэ кэтэспит этэ.

      – Тоҕо өр буоллуҥ?

      – Ыллык уҥа өттүгэр обургу көрдүгэни булан, дулҕалаах сиринэн быһан, өр биликтэһэн хапкааннарбын көһөрдүм. Үрэххэ иҥнибэт буолан хаалла, – диэбитэ Костя.

      – Ити көрдүгэни тоҕо эрэ Тоҥсуук көрдүгэнэ диэн ааттыыллар. Арааһа, кини, уута дириҥ уонна ыраас эрдэҕинэ, балыктаатаҕа буолуо, – ийэтэ кэпсээбитэ.

      «Тоҥсуук оҕонньор, таппата суоҕар, баҕар, балыктааҕа эбитэ дуу, туулаабыта буолуо дуо? Дьон мээнэҕэ ааттаабатах буолуохтаахтар», – дии санаабыта Костя.

      Сарсыныгар эрдэ туран, балтытынаан биир кустаах кэлбиттэрэ. Ити тухары үс хапкааны бэлэхтээбит, ас кырыымчык кэмигэр эр киһитэ суох ыалы мииннээбит, тыыннааҕар үйэтийбит анал көрдүгэннээх Тоҥсуук барахсаҥҥа уол махтана саныыра.

      ХОНУУ БАРААХТАРА

      Таатта сиригэр эмис соботунан, ааллаан ааһар андытынан, булдунан-алдынан, сирин аһынан, өлгөм отунан, кэрэ айылҕатынан аатырбыт Киэҥ Күөл барахсан кындыа кырдалларыгар күөх от саҥа бытыгыраан эрдэҕинэ, сүрдээх ыраас сааскы күн Костя урут көрбөтөх халыҥ үөрдээх дьоҕустуҥу көтөрдөрө чугас хонууга түстүлэр. Түһээт, догдоҥолоһо сылдьаннар, тугу эрэ булан тоҥсуйбахтыыллар, тоҕо эрэ саҥарсыбаттар. Костя дьиктиргээн хаптас гынна, аһыы сылдьар көтөрдөргө чугаһыы сыылынна. Хата уһуулара суох буолан, балачча чугаһаттылар. Томтор сиртэн көрөн сыппахтаата.

      Кини хапкаанынан бултаһар чөкчөҥөлөрүгэр холоотоххо, быдан обургулар, элбэхтэрэ да сүрдээх.

      «Бээрэ, итиччэтигэр уһун мас булунан, итиччэ чугаһаталларын туһанан, бултастахха сатаныыһы», – дии санаата Костя, булчут төрдө тардан. Кини эһэтин, Манастыыр оҕонньору, улахан байанайдаах булчутунан ааҕаллара. Аргыый кэннинэн сыылаҥхайдаата. Тэйбэхтээн иһэн, эргиллэн көрбүтэ: көтөрдөрө тэһииргээбэтэхтэр, ымсыытыгар эбии бөлүөхсүбүт курдуктар.

      Костя ат буолан барбахтаата, онтон бөкчөйөн туран кэллэ. Чөкчөҥөлүүр аппатын аттыгар үүммүт, дьылыгыраспыт талахтартан биир уһуннарын төрдүн диэкинэн өҕүлүннэрэн, бэркэ мадьыктаһан тоһутта. Онто сүгүн арахсыбакка сордоото. Төттөрү-таары халкыҥнатан, эрийтэлээн, арыычча туура тарта. Салааларын илиитинэн ылҕаата, күөгү маһын курдук ураҕаһын соспутунан булдугар төнүннэ.

      Көтөрдөрүгэр