Үһүйээннэр, номохтор. Багдарыын Сүлбэ

Читать онлайн.
Название Үһүйээннэр, номохтор
Автор произведения Багдарыын Сүлбэ
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-3890-9



Скачать книгу

сахалар маҥнай ньуучаларга сүрэхтэнэллэрин саҕана, билиҥҥи Кэбээйи нэһилиэгин сириттэн, Умсаннаах диэн күөл кытыытыгар олорор Мөкү Сирэй диэн ааттаах киһи ньууччаларга сүрэхтэнээри билиҥҥи Дьокуускай сиригэр кэлбит. Сүрэхтэнэр манньатын үс кыһыл, биир хара саһылы көҥүччэххэ 1 уган кэлбит.

      Кэлэн күбэрнээтэргэ киирээри гыммытыгар, харабыл хаһаахтар саһылларын былдьаан ылаары гыммыттар. Ону биэрбэккэ, утарылаһан, улаханнык ыһыытаабыт-хаһыытаабыт. Ону күбэрнээтэр тойон, бэйэтэ тахсан, буойан тохтоппут. Кэлбит киһи туохха наадыйан кэлбитин эппит. Ону күбэрнээтэр, аҕалбыт манньатын ылан баран, Сметанин диэн араспаанньа иҥэрбит. Онтон тахсарын саҕана: «Эн ыһыытыырыҥ, үөгүлүүрүҥ улахана бэрт эбит. Онон эн аҕаҥ ууһа Үөгүлүүр аҕатын ууһа диэн аны мантан ыла ааттаннын», – диэбит. Онон Кэбээйигэ баар Сметанин ааттаах аҕа ууһун дьонноро Үөгүлүүр аҕатын ууһун дьонунан ааттаналлар.

      Кэпсээнньит тылы быһаарыыта:

       1 Көҥүччэх – тириинэн оҥоһуллубут иһит.

      Егор Прокопьевич Кычкин-Дьөгүөрсэ (1902). Кэбээйи, Мукучу. Кырыкый аҕатын ууһа. 1990 с. кэпсэппитим.

      ЭМЭЭХСИН БААРЫН БИЛЛЭРЭ СЫТАР

      Эмээхсини атаҕастаан, дүҥүрүн ылан барбыта. Бандьыыт сэриитин бэтэрээ өттө. 25–26 сыллааҕы эргин буолуо. Бука. Киэсэ Сэмиэнэп быраата. Тааһаҕарга учууталынан олорон. Дүҥүрэ эһэ тириитинэн оҥоһуллүбут кыракый дүҥүр этэ. Этэр баҕайы.

      Ол дьон эстэн хаалбыт үһүлэр. Убайа, бултаан кэлэн баран, саас саатын остуолга ууран кээһэр. Ону оҕото, сүүрэн кэлэн, чыыбыһын тардан, быарга түһэрбит. Тута өлбүт. Нэһиилэ таһырдьа тахсан.

      Бу Эмээхсиниҥ 1 туох да сүрдээх. Киһи кэпсиир кыаҕа суох. Ити турбаны 2 алдьаттаран, элбэх хоромньуну оҥорторо сырытта. Турба начаальнига, андаатарын ылаары, саатын маһынан тарпыт уонна эмиэ, саата эстэн, иһин тоҕо ытан кэбиспит.

      Бу сэрэхтээх этиини этэн кэбистим. Итини бэйэҥ туттунан көрөөр. Кини сытар сиригэр дурууспанан саһаан охсор идэлээхтэр. Ньууччалар. Дурууспата олох хоппот үһү. Онтон кыыһыран, Баҕадьаҕа баран, дурууспатын хампы сынньыбыт уонна бэйэтэ өлөн хаалбыт.

      Тылы быһаарыы:

       1 Эмээхсин – Алыһардаах удаҕан.

       2 Турба – газ турбата.

      Геннадий Васильевич Иванов (1948). Кэбээйи, Куокуй нэһилиэгэ. Дойдутун сирдэрин суруна сылдьар эбит. 1999 с. онтун миэхэ: «Айымньылаах үлэҕэр өссө да кэскиллээх ситиһиилэри, уһун дьоллоох олоҕу баҕаран туран, бу сэмэй бэлэхпин ыытабын», – диэн суруктаан бэлэхтээбитэ.

      СЫАЛДЬА ЫЙААБЫТ

      Аатырбыт Тыҥкый күүстээх-уохтаах Кыыл уолун кытары чугас ыаллыы олорбуттар. Тыҥкый Сыраан биир кыракый көлүкэтин үрдүгэр, оттон Кыыл уола киниттэн чугас Дириҥ Атах диэн элгээн күөл үрдүгэр олорбуттар. Бэйэ бэйэлэрин билсэ-көрсө икки ардыларыгар кэлэ-бара сылдьыһаллара үһү.

      Кыыл уола, булдунан дьарыктанан олорор буолан, сотору-сотору сир уларыйар эбит. Ол көһөрүгэр ырааҕыттан-чугаһыттан тутулуга суох буолан, атын сири булан, көһөргө күһэллибит. Кини обургу сири-уоту билэрэ дэлэлээх буолуо дуо – көспүттэр.

      Дьэ,