Хотун Куо. Ойуур Уйбаан

Читать онлайн.
Название Хотун Куо
Автор произведения Ойуур Уйбаан
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-5480-0



Скачать книгу

дириэктэриттэн хомойбут санаата нэдиэлэ устатын тухары ааһан биэрбэккэ эрэйдээтэ. Ыксаан сэбиэдиссэйигэр Данил Тарасовичка: «Младшай научнай сотрудник штатыгар туруорус эрэ», – диэн көрдөспүтүгэр, арааһа, суолтатыгар эрэ улгумнук сөбүлэстэҕэ буолуо уонна тугу да быһаарсыбакка, нэдиэлэни быһа тэйбэҥнии сырытта. Өссө үс күн устата кэтэһэн көрөн баран туоһуласпытыгар: «Ыксаама, тоойуом, сыыйа бэйэтэ оннун булуоҕа», – диэн баран кыра оҕону албынныырдыы амаҕаччылаан, кэпсэтиини атыҥҥа көһөрө охсон кэбиспитэ. Эрэлэ суох киһи, дириэктэргэ киирбэтэҕэ да буолуо диэн сүрэҕинэн сэрэйэр. Кинини Люция эрэ көмүскэстэ, истиҥ дьүөгэтэ буоларын дьиҥ-бааччы көрдөрдө. Дьиҥэр, быдан аҕа саастаах, кэргэннэнэ сылдьыбыт, институкка өр үлэлээбит учуонай буоллаҕа дии. Саҥалыын-иҥэлиин, тутта-хапта сылдьарынан, уустук боппуруостары бэрт судургутук быһаара охсорунан да киниттэн таһыччы ордук. Эр дьон бэлэмигэр бэһирбэт, барытын бэйэтэ булар-талар билиилээх-көрүүлээх учуонай эрээри, көннөрү дьахтар дьолунан олорорго дьулуһара дьикти, өйдөммөт. Оттон Күннэй былааска дураһыйар, бэйэтин кыаҕынан, муҥ саатар тэрилтэ салайааччыта буолуохтаах. Ону улахан билсиитэ, элбэх харчыта суох да, син биир ити сыалын-соругун ситиһэ сатыыр. Ыал буоларга, оҕо төрөтөргө төрүт ыксаабат. «Улахан салайааччы буоллахпына төрөөбүт дойдубар, бар дьоммор уонна өрөспүүбүлүкэбэр быдан туһалаах киһи буолуом», – дии саныыр.

      Күннэй уопсайыгар санаата түһэн, хаһааҥҥытааҕар да сылайан-элэйэн киирээт, таҥаһын да устубакка оронугар сытта. «Кандидат буоллум, инниким барыта үчүгэй буолуо» диэн эрэнэ санаабыта ханна баарый? Биир күн барытын туора сотон таһаарбыта тугун хобдоҕой! Бу курдук куруутун туга да табыллыбакка эрэйдэниэх муҥа буоллаҕа дуу? Учуонай буолуом да, чиэскэ-бочуокка, ытыс үрдүгэр сылдьыам дии саныыра. Онто олох атын күтүр буолан таҕыстаҕа ити дии. Олоҕу аһара да судургутук сыаналыыр эбит. Ол да буоллар, куһаҕан үчүгэйэ суох буолбат үгэстээх. Үчүгэй дуоһунас билсиитэ-көрсүүтэ суох эдэр киһиэхэ судургутук тиксэ охсубатын дириэктэрэ оройугар түһэр гына өйдөттө. Номнуо сааһырбыт, олоҕу билбит курдук сананна.

      Аан аһыллар тыаһа иһилиннэ. Кыыс тас таҥаһынан оронугар сытарыттан кыбыстан ойон турда. Люция хоһугар ырыанан анньан киирдэ. Хара өҥнөөх суумкатын туумбатыгар уурда уонна истиҥник мичээрдээтэ. Дьүөгэтэ туох эрэ үчүгэй сонуннаах кэлбитин сэрэйдэ. Тута ыйыта охсуон баҕарда эрээри тутунна. Бэйэтэ кэпсиирин кэтэһэн кулгаах-харах иччитэ буолан олордо.

      – Дириэктэргэ сырыттым, – диэн Люция өр кэтэһиннэрбэккэ кыайан-хотон кэлбит курдук туттан, тугу билбитин-көрбүтүн айаҕа аһыллан кута-симэ кэпсээн киирэн барда. – Валерий Никитич миигин көрөөт, ыгылыйа түстэ. Профсоюз бэрэссэдээтэлэ тугу эрэ модьуйсаары, туруорсаары гыннаҕа диэтэҕэ буолуо. Онон туһанан: «Эдэр учуонай кыыс научнай сотрудник буолар толору бырааптаах, ону кини сөпкө туруорсар. Эн туохха олоҕуран үлэтиттэн үүрэ сатыыгыный?!» – диэн малтаччы ыйытан, уйатыгар уу