Хотун Куо. Ойуур Уйбаан

Читать онлайн.
Название Хотун Куо
Автор произведения Ойуур Уйбаан
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-5480-0



Скачать книгу

айылҕаны наһаа үчүгэйдик уруһуйдуур. Аны түргэн-тарҕан туттуулаах үлэһит, сорудаҕы толоругас. Кырачаан кыыскар үчүгэй аҕа буолуоҕа уонна, оҕолонноххутуна, эн тылгыттан тахсыа суох көрүҥнээх. Билиҥҥи уолаттар аҕа саастаах, дьаһаллаах, харчылаах дьахтары ойох ылаллара муодаҕа кубулуйда дии. Эн ити түгэни мүччү тутума ээ.

      – Көр эрэ, эдэр эрээри олоҕу олорбут саастаах дьахтар курдук сүбэлиигин дии. Эн өйдөөх кыыскын ээ.

      – Баһыыба, оттон мин эн аһаҕас майгыгын сөбүлүүбүн. Көнөтүнэн кэпсэппэт истэрэ эриэн үөн, тастара таҥара чүмэчитэ дьахталлардааҕар ордуккун.

      – Һы-һы, эмиэ олус таба эттиҥ. Эн уустаан-ураннаан этэр хас биирдии тылгын, саҥаҕын-иҥэҕин истэ сылдьыбыт киһи баар ини. Бээ, таах олоруохтааҕар, хаарты-маатыскаҕа дьылҕабытын таайан көрүөх.

      – Пахай, хантан сатаары?!

      – Ничего подобного. Мин оҕо эрдэхпиттэн хаартылыыбын, сэрэбиэйдьиппин. Үгүс дьон олоҕун сөпкө таайаммын соһуталаабыт аҕай хотуускабын.

      – Тыый, оччоҕо дьэ эрэ! – Күннэй инники олоҕун таайтара охсуон баҕаран, үчүгэйкээн, киэҥ харахтарын симириктии көрдө. Үөрэн үөһэ-аллара тыынна.

      – Дьэ хотуой, хаарты-маатыска сыыспат, өрүү таба таайар, – Люция туумбатын тардарыттан сабыс-саҥа хаарты холуодатын хостоон таһаарда. Үөрүйэх үлүгэрдик имитэ-хомута тутаат, тыыр гыннарбытыгар, Күннэй куйахата күүрдэ.

      – Наһаа да итинник буолбатар, һы-һы. Кырдьыгынан эттэххэ, соччо эрэммэккэ олоробун ээ… – Күннэй хаартыны быһыан кэрэйэн, саарбаҕалыырдыы төбөтүн быһа илгистэн ылла.

      – Киһи олоҕо үчүгэй да, куһаҕан да өрүттэрдээх буолар баҕайыта. Онон, хаарты араастык көрдөрөн кэбистэҕинэ миэхэ өттүккүн үнтү түһэ өһүргэммэт, кыыһырбат-тымтыбат эрэ буоллаххына, эн дьылҕаҕын сэрэбиэйдээн көрөргө сөбүлэһэбин.

      – Сөөп-сөп, хайдах да таай, өһүргэниэм суоҕа.

      – Оччоҕо сэгэриэм, чэ быс! – Люция хайа да сэрэбиэйдьит сыгаан дьахтарыттан хаалсыа суох курдук туттан-хаптан, саҥаран-иҥэрэн соһутта.

      Люция бэрт имигэстик хаартытын ырытан тырылатта. Холуода хайдах эрэ тиллэн кэлбит курдук көһүннэ.

      – Хаарты-маатыска, кыыс дьылҕатын таай, – диэн ботугураат, хаартыларын тэлгэтэлии быраҕаттаабыта көтөн барыахтыы тэлээрэн, чопчу миэстэлэрин булан истилэр. – Уо, эйигин кыахтаах баай киһи бэлиэтии көрбүт. Правда, женатый, но почему-то очень заинтересовался тобой! Эн эмиэ эбит! Любовь бөҕө буолсу дии. Эйигин выше головы дуоһунаска өрө тардан таһаарыыһы. Но с ним расстанетесь друзьями. У тебя, дорогая, блестящее будущее! Эппэтэҕэ диэйэххиний… – Люция улахан сэрэбиэйдьит курдук туттар-хаптар уонна тоҕо эрэ нууччалыы эрэ саҥарар буолан хаалла: – Ух! Ну ты даешь, дорогая! Могучий покровитель любовником будет. Хотя старше тебя, но с высоким чином. От него будет сын. С карьерой, жильем проблем не будет. Но человеческого счастья, семьи так таковой… увы, не будет!

      Күннэй, дөйбүт курдук, балачча саҥата суох олордо. Ама, хаарты итиччэ сөпкө таайара буолуо дуо? Саарбахтыыр да, утарсара эмиэ суохха