.

Читать онлайн.
Название
Автор произведения
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска
isbn



Скачать книгу

киһи баара көстүбэт. Суол-иис көрөөрү, ыраахтан иһэр дьон быһыытынан, кытылга «сынньана» тахса сырыттыбыт. Кумахха эргэ саппыкылаах соҕотох киһи суола аллара диэки ааспыта чуолкайдык көстө сытара. Биһиги төннөн, дьоммутугар тиийэн, сатыы киһи чахчы иһэрин кэпсээтибит уонна бүтэһик төгүлүн ыйыы-кэрдии биэрэн баран ааһа турдубут.

      Киэһэ сэбиэт хонтуоратыгар кэтэһэн олордохпутуна, аптамааттаах, түөс куйахтаах уолаттар киирэн кэллилэр. Биир бытыктаах, орто уҥуохтаах, бэрт мөкү таҥастаах, кыракый сүгэһэр оҕолоох нуучча киһитин аҕалбыттар. Онно ыйыталаһан билбиппит, Хаандыгаҕа ону-маны үлэлээн баран, сөп буолан, сирэйин хоту балыктаан аһыы-аһыы айаннаан иһэр көччүр киһи эбит. Сиэбиттэн докумуонун ылан көрдөрдө. Хаандыга милииссийэтин кытта сибээстэһэ сырыттым, киһи тордуохтаһара туох да суох буолан биэрдэ. Ханнааҕы сэбэ кэлиэй, ботуоҥкатын сүгэн иһэр маһын оҕо харабыыҥҥа холуйан эппит буолуон сөп. Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Алексей Егорович туох идэлээҕин иҥэн-тоҥон ыйыталаста. Онно билбиппит, хачыгаар, оһохчут идэлээх, маһы да мастыыр, «Дружбаны» да бэркэ билэр киһи буолан биэрдэ. «Күрүөйэхпит» манна хаалан үлэлиэх буолан, тылын ылан, биһиги кэлбит сорукпутун сиппит дьон быһыытынан дьиэлээбиппит. Отой хойукка диэри үлэһит киһини булан биэрбиккит диэн, Харалар махталлара улахан этэ.

      Дьахтар суола

      Дьуһуурунайдыы олоробун. Бүлүү куоратын биир ойдом турар дьиэтиттэн уоруу буолбутун туһунан дьиэлээх Слепцова эрийэн биллэрдэ. Кэтэс диэн баран, онно тиийдим. Хаһаайка, сайын буолан, тиэргэҥҥэ көрүстэ. Туох буолбутун туоһуластым. Хас да сыаналаах малы уорбуттар. Кэрэһиттэри булан, көрүү боротокуолун суруйбутунан бардым.

      Дьыала ис хоһооно маннык эбит. Дьиэлэрин муостатын кырааскалаан, малларын биир хоско хатаан баран, икки хонуктааҕыта урууларыгар баран хоммуттар. Бүгүн эрэ, муоста кырааската төһө куурбутун көрөөрү, хаһаайка уоруу буолбутун билбит. Кими да уорбалаабат. Киһи хараҕар чуо быраҕыллар атах суола муостаҕа хаалбыт. Уоруйах күүлэҕэ кыракый бааҥкаҕа дьиэлээхтэр оһохторун оппуохалаабыт бороһуоктарын тобоҕо турбутун хараҥаҕа көрбөккө тоҕо тэбэн, үрдүгэр үктээн дьиэҕэ ааспыт. Суолуттан көрдөххө, дьахтар эрэһиинэ саппыкытын суолугар майгынныыр. Кырааскаламмыт муостаҕа суола чуолкайдык көстөр. Ити суолу анал пленканан түһэрэн ыллым. Уоруон сөптөөх дьону бэрэбиэркэлээн көрдүбүт да мэлийдибит. Буруйдаах көстүбэтэ. Күн-дьыл ааһан истэ.

      Арай биир күн туохха эрэ наадыйан силиэстийэ хоһугар киирдим. Ыстаарсай силиэдэбэтэл П.В. Павлов эдэр уолу доппуруостуу олорор. Уол атаҕар кылгас дьахтар эрэһиинэ саппыкытын кэтэн олорор. Атаҕын көтөхтөрөн, саппыкытын уллуҥаҕын ойуутун көрдүм – Слепцова дьиэтин муостатыгар хаалбыт суолга олус майгынныыр. Прокопий Васильевичтан, бүттэҕинэ, уолу илдьэ мин хоспор киирэ сылдьарыгар көрдөстүм. Сотору киирэн кэллилэр. Пленкаҕа уһуллубут суолу кытта саппыкытын ойуутун тэҥнээн көрдүбүт. Үүт-үкчү сөп түбэстэ! Салгыы эрийэн, ити күн уоруллубут маллары уол олорор