Буулдьа суола. Май Емельянов

Читать онлайн.
Название Буулдьа суола
Автор произведения Май Емельянов
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-3786-5



Скачать книгу

эргийэ тиийбитим – массыына иһигэр саа, кус бөҕөтө. Дьоммут тугу да саҥарбаттар. Саалары хомуйан, бэйэбит массыынабытыгар уктубут. Мин кинилэр массыыналарыгар олорсон, милииссийэҕэ тиийдибит. Онно тоҕус киһини боротокуоллаан, тоҕус сааны уонна 70-ча куһу, биир хомуллар кыра тыыны тутан, булчуттар тэрилтэлэригэр илдьэн биэрдибит. Биирдии улахан көҕөнү махтал быһыытынан биһиэхэ туттартаан ыыттылар. Дьолбутугар, браконьердар арыгылара эрдэ бүтэн, ол күн өйдөөх биһиэхэ түбэспиттэрэ. Ол иһин туох да утарсыыны оҥорботохторо. Арай итирик буоллуннар…

      Чернышевскай бөһүөлэккэ өлөрүү буолбутугар түүн кэлэн, буруйдаах гарааска киирэн, биһигини саалаах кэтэһэн олорорун билбиппит. Чуҥнаан баран, кими да онно чугаһаппакка кэтэһэ түспүппүт. Аан быыһынан көрөн, утуйбутун кэннэ киирэн тыраахтар хабыынатыттан туох да эрэйэ суох туппуппут. Өскөтүн итирик, милииссийэлэри кытта ытыалаһыам, таах бэриниэм суоҕа диир киһини сонно тута сатаабыппыт буоллар, туох тахсыа эбитэ буолла?..

      Биирдэ оттомо суохпар милииссийэ бэтэрээнин Гаврил Алексеевич Варвариковы улаханнык өһүргэтэн турардаахпын. Биһиги, эдэр үлэһиттэр, ол онтон үйэ-саас тухары өйдүүр үөрэҕи ылбыппыт. Оччолорго милииссийэҕэ саҥа үлэлээн эрэр эдэр киһи этим. Олоххо билбэтим-көрбөтүм ханна барыай? Санаабар барыта кыраттан, киһи улахаҥҥа уурбат түгэниттэн саҕаламмыта.

      Быһылаан буолбут сирин көрөн, чинчийэн кэлэн баран киэһэ личнэй састаап иннигэр тугу көрбүппүн, тугу сабаҕалыырбын, туохтан бастаан саҕалыахха сөбүн дакылааттаатым. Кыра массыынанан сылдьыбыттар, суоллара хаарга чуолкайдык көстө сытар. Тит Николаевич сылааһына бу массыынаны көрдүүргэ хамаанда биэрдэ. Отделтан тахсан истэхпитинэ, уоппускаҕа сылдьар милииссийэ старшината Варвариков сулууспаҕа илдьэ сылдьар массыыната кэлэн гарааска киирдэ.

      – Уолаттар, таарыччы көрөн ааһыаҕыҥ эрэ, көлүөһэ хайдах быһыылааҕын көрдөрүөм, – диэт өссө аана сабылла илик гарааска кэллибит. – Көрүҥ эрэ, бу адьас атын ойуулаах протектор. Оттон бу хаҥас көлүөһэни көрүҥ эрэ, ойуута оруобуна иннинээҕи уҥа көлүөһэ киэнин курдук. Иннинээҕи көлүөһэлэр ойуулара мантан атыттар, уруһуйдаабытым курдук буолуохтаахтар. Чэ, бардыбыт, – диэтибит. Тэрилтэ гараастарын уһун түүнү быһа бэрэбиэркэлээбиппит.

      Сарсыарда үлэлии олордохпуна, Тит Николаевич хоһугар ыҥыртаран ылла. Саҥата суох икки тэтэрээт лииһигэр иннигэр, кэннигэр толору суруллубут суругу куду анньан биэрдэ. Эмиэ туох эрэ буоллаҕа диэн билсэн бардым. Ааҕан иһэн, кэннин көрбүтүм, Варвариков начальник аатыгар суруйбут араапара эбит. Соһуйуу бөҕөнү соһуйдум:

      – Мин манна туох да буруйум суох. Туох диэммин Гаврил Алексеевиһы уорбалыы сылдьыамый? Сүрэ да бэрт. Көннөрү милииссийэ массыынатыгар протектор ойуутун уолаттарга көрдөрөн, быһааран ааспытым. Тылынан истэр биир, илэ көрөр туһунан буоллаҕа дии, – диэн кытыга суохтук тутуннум.

      – Уорбалаатыҥ диэбэппин, дьалаҕай сыһыаҥҥынан кырдьаҕас киһини кыыһырдыбыккын. Бу суругу таах хаалларар табыллыбат. Эписиэрдэр чиэстэрин