Название | Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан |
---|---|
Автор произведения | Группа авторов |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-6136-5 |
Нугуннуур Мэхээлэ (хойутуу соҕус өлбүт).
Мэппэйэ Мэхээлэ (эрдэ соҕус өлбүт).
Татыыка Киргиэлэй – Вонифатий Харлампьевич Слепцов баай хамначчыта, күөс охсооччу, үлэһит, дьулуурдаах киһи.
Уоһук Хаабыһап – уолаттартан саамай сытыылара-хотуулара, ыллаабыт-туойбут, устар ууну сомоҕолуур тыллаах киһи сурахтааҕа.
Маарыйа (мин бэйэм өйдүүрбүнэн итинник ааттаатым – Е.А.) – Ойуунускай ийэтинэн эбэтэ. Кини 1869–1870 сс. диэки Дьүлэй ууһун киһитигэр Уйбаачаан Унаарапка эргэ тахсыбыт. Кинилэртэн икки кыыс – Дьэбдьэкиэй уонна Бороскуобуйа төрөөн-үөскээн, киһи-хара буолтар.
Эмиэ кыыс, аата-суола, хайдах дьылҕаламмыта биллибэт.
Мария Нестеровна Егасова диэн Ойуунускай ийэлээх аҕатын кытары Ойуун ууһугар ыкса ыаллыы олорбут кырдьаҕас кэпсииринэн, Уйбаачаан Унаарап Ойуунускай эбэтин Маарыйаны аан бастаан Хайахсыт Арыылааҕар олорон сүгүннэрэн аҕалбыт. Бэргэһэлэниилэрэ даҕаны Хайахсыт умайбыт таҥаратын дьиэтигэр буолбута диэн кэпсиирэ.
Уйбаачаан Унаарап ортону арыый аннынан уҥуохтаах, чөлөгөр соҕус сирэйдээх, суптугур соҕус сэҥийэлээх, хайдах эрэ наар бүччүччү тутта сылдьар киһи эбитэ үһү. Кини олус сытыары-сымнаҕас майгылаах, нэһилиэгин дьонугар олус сөбүлэтэр буолан, тугу эмэни биирдэ эмэтэ көмөлөһүннэрээри сорустаҕына, дьон үөрүүнэн көмөлөһөллөрө үһү диэн кэпсииллэрэ. Онтон Маарыйа үрдүк соҕус көнө уҥуохтаах, ыраас сэбэрэлээх, сытыы уоттаах харахтаах, сүрдээх аһатынньаҥ, аһыныгас дьахтар эбит. Уйбаачаан Унаарап аан бастаан ыал буоллаҕын утаа Наммара үрэх ортотугар баар Дириҥ Көлүйэ уонна Орто Көлүйэ күөллэр икки ардыларынааҕы тумулга дьиэ-уот туттан олоро сылдьыбыт эбит. Билигин кини олоро сылдьыбыт тумула, сирэ Унаарап Бүтэйдээҕэ диэн ааттанар. Оттон кэлин Туора Күөлтэн хоту, Дэбдиргэ быыһыгар Бүөчээн Унаарап диэн бииргэ төрөөбүт убайын Бэттиэмэлээх алааһыгар көһөн тиийэн, арҕаанан ааннаах, баҕана муннуктардаах дьоҕус соҕус саха дьиэтин туттан олорбут. Уйбаачаан сэлиэһинэй, ньэһимиэн бурдугу үүннэриинэн дьарыктанара. Кэлин оҕонньор туох баар дьиэтин-уотун, үүт күрүөлэрин өрт уота сиэн, билигин дьиэтэ турбут сирин омооно эрэ ордон хаалбыт. Уйбаачаан оҕонньор хайа баҕарар үлэҕэ киһиттэн эрэ ыраастык, чиҥ-чаҥ, дьып-дьап курдук туттан үлэлиир үгэстээҕэ. Оннооҕор сайын оттоотоҕуна,