Название | Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан |
---|---|
Автор произведения | Группа авторов |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-6136-5 |
Эдэркээн сааһыттан П.А. Ойуунускай ыра санаа оҥостубут баҕатын толорон, саха норуота хараҥаттан, батталтан тахсан, саҥа олоҕу тутарын туһугар охсуспута, үлэлээбитэ. Кини табаарыстарын кытта дойдуларыгар өрөспүүбүлүкэ статуһун ылыыга үлэлээн 1922 с. САССР тэрийбиттэрэ. Ол иһин кинилэргэ саха норуотун махтала уҕараабат.
Ойуунускай оҕо эрдэҕиттэн олоҥхону сөбүлүүрэ. Доҕоругар Максим Аммосовка 1917 с. суругар олоҥхо ис хоһоонун быһаарбыт уонна эппит: «Якут был исключительно поэт… Наша будущность в совершенном развитии этой поэзии… и сделать общечеловеческим достоянием. Кто откажет в своеобразной прелести слога содержания нашей сказки (олонхо)?» Кини эмиэ этэр-тыынар баҕалаах буолан кэлбитин туһунан хоһоонугар этэн туран бэйэтин олоҥхолуу ааттанар – Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан. «Урукку кэм эбитэ буоллар олоҥхоһут буолуохтаах этим» диэн күлэр эбит. Ол да буоллар «Дьулуруйар Ньургун Боотур» курдук улахан олоҥхону суруйбут киһи улуу олоҥхоһут буолара саарбахтаммат. Аҥаардас бу айыытынан да кини өлбөт-сүппэт аатын билиннэрдэҕэ, өтө көрүүтэ туолан, саха норуота аан дойдуга олоҥхотунан аатырарын ситистэҕэ.
П.А. Ойуунускай кылгас буолан баран баай ис хоһоонноох чаҕылхай олоҕу олорбута. Кини олоҕор өрө тахсыы, дьоллоох буолуу түгэннэрэ үгүс этилэр, ол эрээри кини олоҕо олус ыарахан этэ уонна трагическай түмүктээх буолбута. «Норуот өстөөҕө» диэн олоҕо суох буруйданан аата сүүрбэччэ сыл устата ааттаммат буолбута. Ол да буоллар, П.А. Ойуунускай бэйэтин дьылҕатын уонна төрөөбүт норуотугар суолтатын өтө көрбүтүн курдук, кини тиллибитэ:
Үс саха төрүөҕэр
Үөрүүлээх күнүгэр
Мин ырыам ылланыа,
Мин аатым ааттаныа…
Ойуунускай айымньыларынан саха норуота баарын тухары аата ааттана туруоҕа!
1 баһа. П.А. ОЙУУНУСКАЙ ТӨРҮТТЭРЭ УОННА ДЬИЭ КЭРГЭНЭ
С.П. Ойунская
Родословная Слепцовых-Хоочугур
…В трудах академика С.А. Токарева несколько раз упоминается имя Орюкана Секуева (Сөөкүйээн уола Өрүүкээн), который является общим предком таттинских родов Слепцовых и Сивцевых: «…тойон средней руки стоял во главе одного из батулинских родов. Но он отличался необыкновенной драчливостью. Это был типичный представитель старой якутской военно-рабовладельческой знати, главное занятие свое видевший в грабительских набегах на окружающее население. Имя этого Орюкана не раз встречается на разных документах в числе «лутчих людей» (тойонов) Батулинской волости. Но еще чаще его имя, начиная с 1660-х годов, попадается в разных жалобах челобитных якутов той же Батулинской и других волостей». Орюкан был схвачен и доставлен в Якутский острог, где он после суда был четвертован, его стороннники были повешены. Имя осталось в документах и устных преданиях… А род не прервался – в одном колене угасал, в другом колене разрастался.
Однажды двоюродная сестра Прасковья Аянитова, дочь родной сестры папы, взяла меня с собой в Татту, это было в 1948 г., там я впервые увидела родню по линии папы… Меня поразили двоюродные братья отца – Иван и Гаврил Слепцовы, смуглые до черноты, с иссиня-черными буйными кудрями… Говорят, что мой дед Хоочугур Алексей тоже был очень смуглым и кудрявым. Помню как удивилась, когда увидела родню папы по материнской линии – белолицых, русоволосых, светлоглазых (чоккуруос харахтаах) бабушек. Говорят, бабушка Евдокия тоже была похожа на них… В отце преобладала материнская кровь.
Первую запись по «древу» рода Слепцовых я зафиксировала в 1965 г. от двоюродного брата П.А. Ойунского Гаврила Слепцова. Я тогда третий год работала в ИЯЛИ в секторе литературы и фольклора у Г.У. Эргиса.
Самым дальним предком был Нойохо Тураах (1709 г.р.), у него было три сына: Сабырый, Бочона (1745 г.р.), Күүтүмньү (1766–1834)…
Опираясь на «Родословную якутов Ботурусского улуса» (1993) Ф. Захарова, Г.В. Попов написал книгу «Хантан хааннаахпытый?» (1994) об истоках родословной классиков и народных писателей якутской литературы. И выходит так, что и А.Е. Кулаковский-Өксөкүлээх, и Алампа Софронов, и Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа, и Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон, и Платон Ойунский родственны не только по писательскому духу, но и по крови, они происходят от одного корня…
Элэйбэ Бүөтүр