Ийэм кэпсиир… (4 чааһа). Семен Маисов

Читать онлайн.
Название Ийэм кэпсиир… (4 чааһа)
Автор произведения Семен Маисов
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-7696-4



Скачать книгу

ким эмит биллибитэ билиҥҥитэ өссө да иһиллэ илик.

      Үлэ боруонугар барбыттар Дьокуускайтан Бүлүүгэ борохуотунан бииргэ устан кэлэн бараннар – нэһилиэктэрин, холкуостарын аайы тарҕаһаллар… Сорох Бүлүү куоратыгар кэлбит үһү диэн сураҕа иһиллэн баран, туох эрэ сорукка тардыллан уһаан, уччуйан, «киһибит дойдутугар кэлбитэ да, туох буолан сүттэ» диэн дьоно-сэргэтэ дьаарханан эрдэхтэринэ, дьиэтигэр эмискэ көтөн түһэн соһуталыыр, үөрдүтэлиир. Дьон араас, майгы да араас…

      Биир үтүө күн мин, Мытыйыс Маарыйата уонна отороох-мотороох кыра уолаттар буолан уус уһанар балаҕаныгар Дарайыы оҕонньор, Сартаанай Өлөксөй уола Дайыылы кытары сээкэйи уһаналларын көрөөрү киирэ-тахса сырыттыбыт. Дарайыы – хатыҥынан ат адаҕата оҥорор. Дайыыл – оҕолор уута суох уматан турбатын хоҥуннарбыт салабаардарын, хорҕолдьуну уулларан иһэрдэн самыыр. Кыра ыамайдар Дарайыы уустан: «Бу тугуй, ити тугуй, тоҕо итиннигий, тоҕо манныгый?..», – диэн үрүт-үөһэ кутан-симэн арааһы бары ыйыт да ыйыт… Оҕонньор оҕолор уһун күнү быһа уһанар балаҕанын аанын саппакка, киирэ-тахса, күн арааһын бары ыаһыйалаан, мээрилээн ыаспайдыылларыттан, хата, салгыах эрэ быһыыта биллибэт. Кини оннугар атын, көһүүн, тоҥкуруун майгылаах киһи эбитэ буоллар, хайа лэбэйтэн салҕан, уһанарбар мэһэйдиигит-тэһэйдиигит диэн киэр үүртэлиэ этэ. Киргиэлэй муннун анныгар киҥинэйэн ыллыы-ыллыы, ээр-сэмээр, улахан киһиэхэ, тэҥнээхтэригэр быһаарар курдук, ымпыктаан-чымпыктаан, барытын орун-оннугар өйдөтөн хоруйдуур. Ити үөрэҕи эрдэ билбит уол хайа эрэ кыра ыамайга аны бэйэтэ дьоһумсуйан ахан быһаарар, кэпсиир, сүбэлиир… Дарайыы, биир эмит күн, кыра ыамайдар оонньууларыгар эбэтэр туохха эмит, үлэҕэ эҥин тутуллан, тардыллан, аралдьыйан кэлбэтэхтэринэ: «Били хотокулар ханна «дьөлө түһэн» сүттүлэр, күн баччатыгар диэри биллибэтилэр…», – диэн улаханнык суохтуур киһи. Оҕонньор кэпсэлэ-ипсэлэ элбэҕэ, майгыта элэккэйэ бэрдин иһин, уһанар балаҕана өрүү да киһилээх, ыалдьыттаах. Оннооҕор саҥа тылланан эрэр, көтөххө сылдьар оҕо: «Бу тугуй?..» – диэн уһанар, туттар тэрилин ыйыттаҕына, Дарайыы: «Дьэ бу тоом – бэрэстээх, бу – эппиэс, бу – сэлэпиискэ, бу – ытарча, бу – суолҕапчы, бу – чүүччү, бу – ыһыы, бу – күөбүл…», – диэн барытын аат ааттаталаан хоруйдаан быһаарар.

      Мин Мытыйыс Маарыйатын кытта Дайыылга илииатах буолан, уол салабаар турбатын иһэрдэригэр көмөлөһө сырыттахпытына, иккис кылааһы бүтэрбит Намыынап Миитээ, сыбаҕа хастаммыт балаҕан эркинин быыһынан кылатан көрө-көрө:

      – Ок-сиэ, Тамаарабыт тоҕо сүрэй, ойон-тэбэн түһэн сүүрэн иһэрэ… – диэтэ. Сонно тута балаҕан халҕана тэлэллэ түһээтин кытта Уйбаныаба Тамара тыын быһаҕаһа тыынан киирээт:

      – Харатыыннаах Сөдүөрэ кэлбиттэр!!. – диэн сонунун тута кэпсии оҕуста.

      Уйбаныаба Сөдүөрэ уонна Сэмиэнэбэ Харатыана – «Свердлов» холкуос чилиэттэрэ, сүүрбэлэриттэн эрэ тахсыбыт эдэр кыргыттар. Мин кинилэри үчүгэйдик билбэппин, маҥнай Быркылаахха кэлэн баран, элэкис көрөттөөбүтүм, онон айах атан кэпсэппэтэх дьонум, көннөрү көрөн эрэ билэттиибин.