Название | Даайыһым, эрэлим |
---|---|
Автор произведения | Степан Марков |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-3416-1 |
– Даша, манна олороруҥ, үөрэнэриҥ үчүгэй дуо? – диэн ыйыттылар.
– Үчүгэй…
– Билэҕин дии, былырыын сайын Саргы диэн оҕону биир ыал иитэ ылбыта, билигин сүрдээх үчүгэйдик олороллор. Ол туһунан эһиги, оҕолор, эмиэ билэҕит, Саргы бэйэтэ сурук суруйбута дии. Оттон билигин эмиэ оннук ыал оҕо иитиэхпит этэ дииллэр, кинилэр манна бааллар, эйигин кытта кэпсэтиэхтэрин, билсиэхтэрин баҕараллар. Биһиги онно эмиэ сөпсөһөбүт, үчүгэй дьоннор. Ону хайыыбыт, кинилэри кытта билсиһиэҥ дуо? – улахан киһилиин кэпсэтэр курдук, судургу соҕустук саҕалаатылар.
Даайыс соһуйан хаалла, хайдах эрэ ийэтин санаан кэллэ. Саҥата суох олорбохтоото.
– Билбэтим ээ, – ыган, бүтэҥитик саҥарда, онтон, тохтуу түһэн баран, саҥата суох тоҥхох гынна.
Итинник сөпсөһөн, кыыс төрөппүттэрэ буолуохтаах дьонун кытта билсибитэ уонна кинилэри сөбүлээн барбыта. Хаста да кэлэ сылдьыбыттара, кэллэхтэрин аайы кэмпиэт, дьаабылыка, уопсайынан минньигэс ас кэһиилээх кэлэллэрэ, куруук үөрэ-көтө кэпсэтэллэрэ. Ити Даайыска наһаа күндү этэ. Кэлиэхпит диэн болдьообут күннэрэ кыыска куруук күүтүүлээх, бырааһынньык курдук буолара. Оҕолор ордук саныыллара, ымсыыраллара. Өскөтүн Даайыс урут бэйэтэ бэйэтигэр сылдьар, сэмэй эбит буоллаҕына, билигин күлэр-үөрэр буолбута. Биирдэ кэлиэх буолбут күннэригэр кэлбэтэхтэрэ. Хас да күн итинник ааспыта. Кыысчаан, күүтэ сатаан баран, күүппэт да буолбута. Оо, онно олус да хомойбута, миигин бырахтахтара, сирдэхтэрэ диэн ытаабыта. Хас да күн уку-сакы, саҥата-иҥэтэ суох сылдьыбыта. Оннук сырыттаҕына, биир күн оҕолор сүүрэн кэлэн «эйиэхэ дьонуҥ кэллилэр» диэн эттилэр. Даайыс онтон үөрэн дуу, соһуйан дуу тугу да гынарын билбэттии турбахтаан баран, эмискэ киирэр аан диэки ыстанна – иккиэн кэтэһэн тураллар эбит. Кыыс туохха эрэ иҥнибиттии тохтуу түстэ, «чахчы кинилэр эбит» диэт үөрбүт санаатыгар сүүрэн тиийэн биирдии-биирдии кууһан, сыллаталаан ылла уонна: «Кэллигит дии, кэтэстим даҕаны», – диэт, үөрүүтүттэн тохтоло суох ытаан барда.
Оо, онно олус да үөрбүтэ, кини саҕа дьоллоох суоҕа. Аҕыйах хонон баран Даайыһы дьоно кэлэн илдьэ барбыттара.
2
Борис Гаврильевич уонна Мария Николаевна Герасимовтары инникитин ааттарын наһаа толору ааттаабакка, дьиэҕэ-уокка кэргэннии дьон истиҥник бэйэ икки ардыларыгар «Маша», «Боря» диэн ыҥырсалларын эмиэ арыый уларытан, судургутук Мария, Борис диэн ааттаан, кинилэр тустарынан ааҕааччыларбар кэпсээн ыларым тоҕоостоох дуу дии саныыбын.
Бористаах Мария, Герасимовтар диэн араспаанньаланан, үөрэхтэрин Мария соҕуруу, Борис Дьокуускай куоракка бүтэрэн, ананан кэлиэхтэриттэн ыла улуус киинигэр олороллор. Кинилэр иккиэн үөрэхтэрин бүтэрбит нөҥүө сылларыгар сайын, чугас табаарыстарын, билэр дьонун ыҥыран, ыал