Название | Даайыһым, эрэлим |
---|---|
Автор произведения | Степан Марков |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-3416-1 |
– Тоойуом, эн манна дьиэҕэр соҕотоҕун хайдах олоруоххунуй, эн кыраҕын буолбат дуо? Толкуйдаан көрүүй, уоскуй… уоскуй… – диэмэхтээтэ Анна Васильевна.
– Эбээ Өкүлүүн баар буолбат дуо… – диэн көрдө кыыс уонна ытаан сыҥырҕаан барда.
Өкүлүүн эмээхсин оҕо ити тылыттан олус долгуйда быһыылаах, киһи быһаарсар дьоһун кэпсэтиитэ тахсыа суоҕун биллэ, ыалдьыты тахсарын буоллар диэх курдук көрдөһөрдүү көрдө… Анна Васильевна тахсан барда.
Эмээхсин Даайыстыын иккиэйэх хааллылар.
Өкүлүүн эмээхсин кыыһы олус аһынна:
– Көр эрэ, бу барахсан эппитэ, миэхэ эрэммитэ үчүгэйин… Ол мин, хас хонукка-күҥҥэ барар киһи, туох көмөлөөх, туһалаах буолаахтыахпыный, сотору бэйэм дьон көрүүтүгэр-истиитигэр киирэн хаалар киһи сырыттаҕым эбээт. Оо, арыый эдэрим эбитэ буоллар, оскуоланы бүтэриэр диэри син доҕор буолуом, көрүөм-истиэм эбитэ буолуо да, онно даҕаны кырдьаҕаскын диэн биэрэллэрэ биллибэт ээ, ол мин баҕам хоту буолуо дуо? Аны бу саҥа былааска манна олохтоох оскуолаҕа урукку курдук тулаайах, кыаммат төрөппүттэрдээх оҕолору кыһын үөрэнэр кэмнэригэр босхо аһатан-таҥыннаран интернакка олордон көмөлөһүү диэн суох буоллаҕа. Наҕылыччы, өйдөтөн, кэпсэтэн, тылбар киллэрэн көрдөхпүнэ эрэ табыллыыһы.
Кырдьык, хаста да кэпсэтэн көрдө да, кыыһа буолуммат, ытыыр эрэ. Ол оҕо дьиэтигэр күүстэринэн ытатан-соҥотон илдьиэх муҥнара буоллаҕа дуу, куһаҕана бэрт буолуо дии… Оттон хайдах гыныахтарай?
Атырдьах ыйын ортото биллибэккэ тиийэн кэллэ. Күһүн тыына биллэн барда, түүнүн халлаан балачча сөрүүкэтийэр буолла. Оскуола аһыллара бу кэллэ. Олохтоох дьаһалта салалтата улуустааҕы тулаайах хаалбыт оҕолору дьаһайар уонна кинилэр бырааптарын көмүскүүр тэрилтэни кытта кэпсэтэн, Даайыһы оҕо дьиэтигэр ыытарга быһаардылар. Ол туһунан оҕо төрөөбүт эбэтин курдук саныыр чугас киһитигэр Өкүлүүн эмээхсиҥҥэ биллэрэн эттилэр. Эмээхсин ити быһаарыыны сөбүлүү иһиттэ, чугас, көрөн-истэн үөрэттэриэх, улаатыннарыах айылаах биир хаан уруу-аймах суох тулаайах кыыһы ити оҕо дьиэтэ эрэ киһи-хара гынан атаҕар туруоруоҕар эрэнэр. Ол эрээри эмээхсин улахан санааҕа ылларда. «Хайдах оҕо барахсаны өйдөтөн, тылын ылан, алаһа дьиэтиттэн ытаппакка-соҥоппокко, үчүгэйи алҕаан, санаа хоту атаарыах бэйэбит буолла? Оҕо барахсан эрэнэр чараас сүрэҕэ эбэбиниин Өкүлүүннүүн бииргэ дьиэбэр олоруом, оскуолабар үөрэниэм, соторутааҕыта Анна Васильевнаҕа аккаастаабытым, онон барыта быһаарыллыбыта диэн бөҕөх сылдьаахтаатаҕа. Дьэ, оннук санаалаах, эрэллээх киһини хайдах кэпсэтэн, тылын ыларым буолла? Хайаан да итини ситиһиэххэ наада этэ. Оҕону кытта кэпсэтэ, сүбэлии сырыттын диэн ити миэхэ эрдэ этэн эрдэхтэрэ». Өкүлүүн эмээхсин кыыһы кытта сорук оҥостон элбэхтик наллаан кэпсэттэ, сүбэлээтэ, ити кэпсэтиитэ таах хаалбата, оҕо барахсан, маҥнай олох аккаастаһан көрөн баран, кырдьаҕас киһи өйдөтөр тылын ылынна.
– Тоойуом,