Название | Кыргыс толоонугар көрсүһүү |
---|---|
Автор произведения | Данил Макеев |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-6639-1 |
– Дьэ, нохоо, аны ат атынан буоллуҥ. Сарсын наһаа мөхсүбэт инигин, – дии-дии күөх отунан көлөһүнүн соппута, иб-ибигирэс буолбут холун, «Кыһыл өрт» диэн холкуостарын аатын бастакы буукубаларын кытарбыт тимиринэн сиэтэн түһэрбит бэчээттээх буутун имэрийбэхтээбитэ. Ити «КӨ» диэн бэчээти Баһылай бэйэтэ таптайан, иһэрдэн, уһун тимир уктаан оҥорбута. Онон холкуостарын сылгылара бары итинник бэлиэлээх этилэр.
Улаанай айааһанан үтүөкэннээх көлүүр ата буолбута эрээри, Баһылайтан ураты кими да билиммэт этэ. Барыларын тииһинэн, туйаҕынан көрсөрүн абааһы көрөн, кэлин ким да миинэ, көлүнэ сатаабат буолбута. Онон кыһыннары, сайыннары Баһылай илиитигэр киирбитэ. Баһылай сайылыкка тахсыы саҕана буор оһоххо тимири уһаарара, ол тааһын биэс-алта көстөөх сиртэн сыарҕаҕа тиэйэн, эбэтэр акка ыҥырдан аҕалара. Онтунан кыһын холкуос араас тэрилин оҥорон, буор сыбахтаах кыракый балаҕаҥҥа кыстык тыаһа чаҥыйан олороро. Онтон сайын косилканан от оҕустарара. Кини кыһа уотугар кытарбыт, тимир суоһугар хараарбыт тарбахтардаах хатыылаах ытыһынан хоҥоруутун, моонньун имэрийдэҕинэ, Улаанай таптатан хараҕын симэн, баһын ньолбоччу туттан баран туран биэрэрэ. Оттон кыһынын кырыаччынан түүтүн тараатаҕына, моонньун токутан, түөрт атаҕын бадьаралыы үктээн, кутуругун хоппоччу туттан адьас хамсаабакка турара. Кэлин били улаан дьүһүнэ сүтэн, түүтэ-өҥө муус маҥан буолбута.
Баһылайдааҕы Мальта диэн тимир суол станциятыгар тиэрдэн сыл аҥаара курдук үөрэтэ түһээт, фроҥҥа аһарбыттара. Ленинградскай фроҥҥа тиийбиттэрэ аҕыйах хоноотун кытта, өстөөҕү утары улахан кимэн киирии саҕаламмыта. Баһылай кыргыһыыга киирээт, бастакы күн бааһыран госпитальга түбэспитэ. Икки ыйтан ордук эмтэнэн үтүөрбүтүн кэннэ аны артиллерийскай чааска анаабыттара. Онон 76 мм буусканы соһор аттарга ездовой буолбута. Бууска передогар түөрт аты көлүйэллэрэ. Бинтиэпкэ тутан баран «Ураа!» хаһыытыы-хаһыытыы сүүрэр курдук буолуо дуо, арыый да куттала суоҕа. Ол эрээри сэрии аата сэрии. Манна да күн аайы өлүү-сүтүү тахсар