Ийэлэриэм, мин кэллим!... Арчылан

Читать онлайн.
Название Ийэлэриэм, мин кэллим!..
Автор произведения Арчылан
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6602-5



Скачать книгу

эдэрчи дьахтар, симии оһох иннигэр балык хатырыктыы олорон, уҥа илиитигэр тута сылдьар быһыччатын балыктаах мас нэлэгэргэ ууран баран, ытыһын көхсүнэн сүүһүн туора соттон ылла уонна, талах олоппоһуттан туран, таҥара холоруга туруохтаах уҥа муннугун диэки хайыһан иһэн, тохтуу биэрэн, утуйар оронноро турар быыстарын диэки эргиллэн:

      – Айыы тойон таҥара, илгэлээх үтүөҕүнэн көмүскээ, быыһаа, абыраа уонна араҥаччылаа биһигини… – диэн ботугуруу-ботугуруу, кириэстэнэн сапсынна.

      Онтон оннугар олорон соботун ыраастаан барда.

      Ити аата кини оронугар сыттыгын анныгар сытар таҥара күлүгэр үҥтэ. Аныгы сэбиэскэй олоххо дьиэҕэ таҥара күлүгүн тутар көҥүллэммэт. Нэһилиэк сэбиэтэ дуу, атын ким дуу көрдөҕүнэ, сэмэлээх-суҥхалаах, аахсыылаах, сирэй-харах анньыылаах буолуоҕун сөп.

      Хата, бу кинилэргэ – Кыадаҥда, Чочу диэки – оннук айылаах тутуу-хабыы, баайсыы-тутуһуу, үҥсүү-харсыы билиҥҥитэ суохха дылы. Сыдыбылга табаарыстыба, онтон «Пиэнньэр» диэн артыал тэриллибитэ. Кыадаҥдалар «Ыччат суола» диэн артыалга киирбиттэрэ этэ. Сыралтаҕа «Пиэрибэй Маай» диэн холкуос баар буолбута. Онтон, бөдөҥсүйэн, бары холбоһон, «Пиэрибэй Маай» диэн буоллулар. Бэрэссэдээтэлинэн Уоһук Чирээйэби талбыттара. Үөрэхтээх киһи. Нууччалыы добдугураччы саҥарар дииллэр. Сураҕа, өрөбөлүүссүйэ иннинэ соҕуруу Хасаан диэн куоракка эмчиккэ үөрэммит үһү. Онно киһи өлүгүн көрдөрөллөр-хайыыллар эбит. Үөрэҕин ол дьулаанын, хаанын-сэймэгин тулуйбакка бырахпыт дииллэр эрээри, бэйэтэ, эриличчи көрөн, тор курдук бытыга харааран, бэрт кытаанах уонна дьиппиэ киһи. Дьону салайар тойон оннук буоллаҕына даҕаны сатанара дуу… Ыал ыалы хамсатан, дьону түмэн, Сыдыбылга холкуос ампаардарын, улахан хотоннорун туттарда. Күрүө-хаһаа, суол-иис, бурдук сирин солотуу туһунан этэ даҕаны барбаккын. Өссө норуот дьиэтин, кулууп диэни, туттара сылдьар. Үс хостоох улахан дьиэ буолуохтаах үһү. Дьэ, сүрдээх дии… Ити үлүгэрдээх үлэ сыанан-арыынан аҕаабата чахчы. Үнүрүүн Баһылайкаан оҕонньор Дүндү ыалыгар ааһан иһэн таарыйбыта, онно сөҕө-махтайа, эмиэ даҕаны толло: «Уоһук ат миинэ сылдьарын көрбөккүн кэриэтэ, холкуос хонтуоратыгар даҕаны олорбот, хара тирии хаппарын санныгар сүгэн баран, эт атаҕынан кэрийэн, үлэни-хамнаһы тэрийэр, итиэннэ бу быыччыга!» – диэн кэпсээбитэ.

      Мотуруона, Тэптигин сайылыгар Дабыыты көрсөн, холбоһон, манна Күндэҕэ кэлэн олохсуйбуттарын сөбүлүүр. Дойдута буоллаҕа дии. Бүлүү куоракка дуу, Үөһээ Бүлүү улууһугар дуу олорбуттарын курдук буолбатах. Манна кэлэн, бу дьонун балаҕаннарыгар, хата, таҥара көмөтүнэн, быр бааччы олороллор…

      Ол Чөҥкөрөҕө олордохторун дьыл Бүлүү куораттан «кыһыл кибииккэлэр» диэннэр тэриллэн кэлэннэр, бу эргин ыал ыалы, түбэ түбэни бүтүннүү тилийэ сылдьыбыттар этэ. Луохтуур кыргыттар дьон туругун көрбүттэр-истибиттэр, ырааска-чэнчискэ уһуйбуттар. Ол сытыы-хотуу хомсомуол кыргыттар балаҕантан хотону араарар туһугар олохтоох дьахталлары кытта улахан кэпсэтиини ыыппыттар, мунньахтары тэрийбиттэр уонна нэһилиэктэргэ сэбиэт,