Название | Эйигинэ суох |
---|---|
Автор произведения | Степан Марков |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-2625-8 |
Нөҥүө киэһэтигэр кулуупка эмиэ дискотека буолбута. Уол ол күн дойдулаабатах этэ. Саргы кини кулуупка биэчэргэ кэлиэн, кинини көрүөн, көрсүөн, кини аттыгар баар буолуон олус баҕарбыта, киэһэ буоларын кэтэспитэ даҕаны! Ити киэһэ эмиэ арахсыспакка, биир да үҥкүүнү көтүппэккэ бииргэ сылдьыбыттара. Ону-маны син кэпсэппиттэрэ быһыылааҕа да, Саргы бу диэн чуолкайдык тугу да өйдөөбөт, барыта ол киэһэ сүрэҕи эппэтэр, санааны көтөҕөр үчүгэйэ. Уол кыыс таһыттан арахпатаҕа. Түүн уол кыыһы дьиэтигэр атаарбыта, сарсын сарсыарда бастакы автобуһунан дойдубар барабын диэбитэ. Илии тутуһан сэмэйдик арахсыбыттара. Оо, ол икки киэһэҕэ Саргы бэйэтин дьоллоохтук да санаммыта, хайдах эрэ олус чэпчээн, көтүөх-дайыах курдук буолбута эбээт! Уолу олус сөбүлүү көрбүтэ, онтукатыттан олус соһуйбута, дьиктиргээбитэ уонна үөрбүтэ даҕаны… Ити дуо, көрө түһээт таптал диэн?! Маннык истиҥ иэйии, кэрэҕэ тардыһыы хаһан да кини дууһатын сылаастык кууспатаҕа эбээт. Дьикти баҕайы! Өссө дьиктитэ баар, сөбүлэһэ көрсүбүт дьон быһыытынан, ааты-суолу сиһилии ыйыталаһан, аадырыһы бэрсиһэн салгыы билсиһэргэ кэпсэтии хайаларын да өттүттэн тахсыбатаҕа. Саргы билигин ону санаатаҕына хомойор. Төһөнөн ити дьоллоох кэм ыраатан, тэйэн истэҕин аайы, киниэхэ тоҕо эрэ ити Дьахтар күнүн бырааһынньыктааҕы икки киэһэлэрэ олус күндү курдуктар. Ол аастаҕа. Аны эргиллибэт. Үчүгэй эрэ түүл курдук.
– Лиза, мин эйиэхэ эмиэ биир дьиибэ-дьиибэ, киһи сонньуйар даҕаны дьикти сонуннаахпын ээ, ону эйиэхэ этэрим дуу, эппэтим дуу? – диэтэ күлэ-күлэ Саргы. Кини кэпсээн санаатын үллэстэргэ сананна.
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «Литрес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на Литрес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.