Эйигинэ суох. Степан Марков

Читать онлайн.
Название Эйигинэ суох
Автор произведения Степан Марков
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-2625-8



Скачать книгу

тылыттан олус үөрбүтэ, үрдүк үөрэххэ оҕом киирбэтэ диэн ийэтэ хомойбутун биллэрбэтэҕиттэн санаата көтөҕүллүбүтэ. Үөрэнэ охсон үлэһит буолар баҕата өссө күүһүрбүтэ.

      Үөрэх үс сыла биллибэккэ ааспыта. Уопсайга олорбута. Көрдөөх-нардаах студент олоҕо – «сессияттан сессияҕа» диэбиккэ дылы, кыһын, сайын экзаменнарга бэлэмнэнэн түбүгүрэн утуйбат түүннэри билигин үчүгэй өйдөбүл курдук санаан ааһар. Эдэр саас саамай сырдык, дьоллоох кэрэ кэмнэрэ буоллаҕа эбээт!

      Саргы үөрэҕин ыарырҕаппакка, идэтин олус сөбүлээн, астынан бүтэрбитэ. Былаас уларыйан, олох-дьаһах сатарыйан эрэр кэмэ буолан, үлэ миэстэтин булуу ыарахаттардаах этэ. Хата, кини дьолугар диэххэ дуу, үөрэҕин бүтэрэн кэлэрин кэтэспит курдук, нэһилиэгин библиотекара Нина Николаевна биэнсийэҕэ барар буолбута. Кини оннугар туох да эрэйэ суох үлэҕэ киирэн хаалбыта.

      Ол саҕана библиотекаҕа урукку өттүгэр саҥа кинигэлэр, хаһыаттар, сурунааллар тиһигин быспакка кэлэ турбут буоланнар уонна ааҕааччыта да элбэх буолан, оройуоҥҥа тарбахха баттанар биир улахан, үчүгэй үлэлээх библиотеканан ааттанара. Кини кулууп дьиэҕэ баар буолан киһи да сылдьара, онон олус сэргэх сир этэ. Ити курдук уонтан тахса сыл сир уларыйбакка, харыс хамсаабакка үлэлээн кэллэ. Саргы үлэтигэр сирдэрбэт. Кэлин сылларга дэриэбинэҕэ үлэ-хамнас суох буолан ордук эдэр ыччат, эдэр ыал киин сирдэргэ, оройуон киинигэр, куоракка үөрэххэ, үлэҕэ барыылара хойуннар да, дэриэбинэҕэ олох салҕанан баран испитэ.

      Маҥнай үлэлээтэҕин утаа салгыы үөрэҕин үрдэтиниэн санаталаан көрө сылдьыбыта да, ол баҕатын кыайан толорботоҕо. Ордук ийэтэ кэлин сылларга илиитэ-атаҕа ыалдьара бэргээбитэ. Ол ыарыыта сүрэҕэр да охсон буолуо, үгүстүк ыалдьара, балыыһаҕа киирэн уһуннук эмтэнэрэ. Онон Саргы кэтэхтэн үөрэннэхпинэ сылга иккитэ хаста куоракка киирэн ыйы ыйынан, онтон да ордук кэмҥэ суох буолар түбэлтэбэр ийэм ыарытыйдаҕына, хайдах бэйэтэ соҕотоҕун дьиэтин-уотун көрүөй диэн, ити үөрэххэ санаммат да буолта. Кырдьык, ийэтэ кырдьар, ыалдьар, мөлтүүр кэмигэр иитиллибит иэһин кыратык да эмэтик төлөһөр инниттэн тэйбэккэ, куруук кини аттыгар баар буоларын, көмөлөһөрүн үрдүктүк туппута. Бу да ылбыт үөрэхпинэн үлэлиэм диир санаа баһыйбыта.

      Оттон ийэтэ эмиэ биир туспа бүөм санаалааҕа, онтукатыттан санааргыыр да курдуга. «Бу мин ыарытыган буоламмын оҕом салгыы үөрэммэтэ, миигин көрөн-кэтээн ханна да барбат-кэлбэт, сылдьыбат, тэҥнээхтэрэ олохторун оҥостон ыал, оҕо-уруу бөҕөлөр, оттон мин оҕом сааһа ыраатан иһэр, ыал буолар санаата, сибикитэ биллибэт», – диэн кырдьаҕас ийэ сыта-тура саныыра элбэх этэ. Хаһан эмит ити туһунан сэрэнэн ыйытан да, сүбэлээн да курдук этэн көрдөҕүнэ, кыыһа кэпсэтиини сэҥээрбэккэ, ханарытан атыҥҥа уларытан иһэрэ. Биирдэ Балааҕыйа айаҕалыы сатаан кыыһыгар туһаайан: «Ити Миитэрэй оҕонньордоох эмиэ соҕотох уоллара Миитээ бэрт үлэһит, тырахтарыыс бэрдэ уол баар, иһэрэ-аһыыра иһиллибэт, бэрт көрсүө оҕо дииллэр, аныаха дылы кэргэн ылбакка сылдьар, сааһынан эйигиттэн