Название | Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч. |
---|---|
Автор произведения | Татьяна Поскачина |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-6371-0 |
– Хайа, братан, оттон бу биһигини билиһиннэрбэккин дуу? – ытырыктатар санааларбын быһа баттаабыттыы, физрук уол миигин уун-утары көрөн туран Мараты санныга «тап» гына оҕуста. Марат сатамньыта суохтук саҥа таһааран күлэн алларастаата уонна өтөрүнэн кырыллыбатах уһун кугас баттаҕын өрө аспахтаабыта буолла.
– Ээ… бу Даша – Павлик бииргэ төрөөбүт балта, – арыгыга-табахха сиэниллэн хаалбыт хааҕынас куолаһынан бөөҕүнээтэ. – Оттон бу Максим – манна оскуолаҕа үлэлиир, физкультура учуутала. Бу Денис – история учуутала.
Ол аата бу физрук уол мин убайбыныын билсэр эбит буоллахтара.
– Оттон холостуойдар диэн эт ээ, доҕоор, бу да киһи! – Максим эмиэ да дьээбэлэммиттии, эмиэ да сөхпүттүү саҥа аллайда уонна миэхэ илиитин уунна. Ол икки ардыгар «Эчи, киһиргэһин» диэх санаа кыламнаан ааста. Саараабыттыы илиибин утары ууннум. Онуоха уол эмискэ тардан ылла да, күөл ортотун диэки илдьэ бара турда. Манна диэн эттэххэ, мин сатаан харбаабаппын, атаҕым тирэнэр сиригэр эрэ дугуна сылдьар киһибин. Уол бу быһыытыттан уолуйан хааллым, сатаан саҥа да таһаарбатым.
– Олох куттаммат кыыс диэн бу баар эбит буолбат дуо, – миигин кыбыммытынан харбаан иһэн сөхпүттүү саҥа аллайара ханна эрэ ырыых-ыраах иһиллэр курдук. Кутталбыттан кулгааҕым куугунуурга дылы. Эмискэ, эйиэхэ бу баар диэбиттии, күөл ортотугар ыытан кэбистэ. Илиибин-атахпын араастаан хамсата, чалбааттана сатаатым да, дэриэспэ тааһы ууга бырахпыттарыныы син биир тимирэ турабын. Тимирэ-тимирэ күөрэйэрим быыһыгар, дьэ, өйдөммүттүү сарылыы сатыыбын. Ол булумахтана сылдьан уу бөҕөнү ыйыһынным. Сэниэм сонно тута баранан барда. «Өллүм!» диэн ынырык санаа өйбүн-санаабын саба бүрүйэн кэбистэ. Эмискэ күүстээх илиилэр икки харыбыттан харбаан ыллылар. Бадаҕа, чычаас сир диэки уһуннубут. Муннум, таҥалайым, ону кытта хараҕым олус аһыйарыттан эбитэ дуу, өлө куттаммыппыттан эбитэ дуу, кыра оҕолуу саҥа таһааран ытыырбын бэйэм туораттан истэр курдукпун. Кытылга чугаһаан, атаҕым тирэнэр сиригэр кэлэн баран «быыһааччыбын» хайыһан да көрбөккө киэр астым. Соболооххо мустубут дьон бары миигин одуулаһар курдук. Ытыырым быыһыгар сөтөллө-сөтөллөбүн таҥаспын кум-хам тутан, атаҕым таҥаһын кыбынан суол устун бара турдум. Кэннибиттэн Варям туох түбэһиэх суумкатыгар укта-укта субу сүүрэн кэллэ. Мин абабыттан сымыһахпын быһа ыстыыбын, ытыырбын тохтото сатыыбын уонна дьиэбэр эрэ тиийэ охсоору биир кэм инним