Название | Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч. |
---|---|
Автор произведения | Татьяна Поскачина |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-6371-0 |
Ахтыспыт санаабытыгар часкыһан ылаат, омуннаахтык куустуһан, иэдэстэрбититтэн «чоп» гына сыллаһан ыллыбыт. Дьэ, уонна күлэ-сала, үөрэ-көтө Соболоох диэн чугас сытар, кыра эрдэхпититтэн сөтүөлүүр күөлбүтүгэр, сонуммутун ыһа-тоҕо кэпсэтэ-кэпсэтэ, хаамса турдубут.
Үчүгэйиин, Соболоохпут, кырдьык даҕаны, дьиҥнээх пляж курдук! Өр буолан баран кэлбит устудьуон киһиэхэ – миэхэ кыра да уларыйыы сонун, сэргэх буолан көһүннэ. Субу хастаммыт сибиэһэй мас сыттаах, оһуор-дьарҕаа киэргэтиилээх сабыс-саҥа тутуулар киһи эрэ сүргэтин көтөҕүөх курдуктар. Нэһилиэк дьоно-сэргэтэ түмсэр сирэ диэн манна эбит. Биир дойдулаахтарбын, доҕотторбун-атастарбын көрсүтэлээн, балай эмэ ыскаамыйаҕа олордум. Сорох оҕолор биир сыл иһигэр уһаан, улаатан хаалбыттар. Сорохтор киһи билбэт гына уларыйбыт курдуктар. Кэмниэ кэнэҕэс, Варя биһикки, дьэ, сөтүөлүүргэ сананныбыт.
– Дабаай, ууга сүүрэн киирэбит дуо?! Ким кэлин хаалбыт ол хотторор, – диэт Варям күлэ-күлэ күөлгэ сүүрэ турда. Иһиттим дуу, истибэтим дуу, аара атаҕым таҥаһын илгэн кэбиһээт, кыыһым кэнниттэн күөлгэ ыстанан кэбистим. Эчи сылааһыын, үчүгэйиин!
Уунан ыһыахтанар, чалбааттанар оҕо-аймахтан тэйиччи, үрүллэр матарааска тиэрэ түһэн сытан күөх халлааны кыҥастаһабын. Үрүҥ түү, үрүмэ былыттар киһи эрэ сэргиэх курдук араас кыылы-сүөлү санатар дьикти быһыыланалларын одуулаһа сытан, хараҕым кырыытынан кытылга хара омук массыыната кэлэн тохтообутун көрдүм. Массыынаттан убайым саастыылаахтара Марат уонна Рустам тахсан кэллилэр, кинилэри кытары кэлбит икки атын уолаттары билбэтим.
Марат, оскуолаҕа үөрэнэр эрдэхпитинэ, биир кэмҥэ миигин сүгүн хаамтарбат буола сылдьыбыттааҕа. Мин наар табахтаан,