Былыргы былдьаһыктаах сыллартан… Саха боотурун сэбэ-сэбиргэлэ. Николай Аржаков

Читать онлайн.
Название Былыргы былдьаһыктаах сыллартан… Саха боотурун сэбэ-сэбиргэлэ
Автор произведения Николай Аржаков
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-3771-1



Скачать книгу

ааҕыынан араас дойду учуонайдара дьарыктаммыттара даҕаны бэйэлэрин кистэлэҥнэрин баччааҥҥа диэри толору аһа иликтэр. Руна суруктары ааҕыынан сахалартан маҥнай Г.В. Ксенофонтов дьарыктаммыта. Кини 1933 сыллаахха Иркутскай куорат музейыгар баар икки руна суруктаах малы үөрэтэн баран, бу суруктар сахалыы суруллубуттар диэн ыстатыйа таһаарбыта. Өлүөнэ өрүс очуостарыгар көстүбүт руна суруктары 1941 сыллаахха сиһилии үөрэтэн уонна Орхон, Енисей руна суруктарыгар атылыы тутан И.И. Барашков «Среднеленские наскальные надписи» диэн үлэтин суруйбута. Кэлиҥҥи кэмҥэ Сахабыт сирин араас муннуктарыгар руна суруктар мастарга, тутууларга, малларга, киэргэллэргэ суруллубуттара көһүннүлэр. Г.В. Ксенофонтов руналар сахалыы ааҕыллаллар диэбитин салгыы сайыннаран, А.И. Кривошапкин – Айыҥа руналар дорҕоон бэлиэлэрэ буолбатахтар, саха тылын сүһүөхтэрин бэлиэлэрэ (силлабарийдар) диэн 2008 сылга «Наследие предков» диэн кинигэтин таһаарбыта. Ити курдук хаһан эрэ быралыйар былыргыга сүдү төрүттэрбит Омоҕой баай уонна Эллэй Боотур, номоххо кэпсэниллэринии, сүтэрбит суруктарын-бичиктэрин сөргүтэн үөрэтии түмүктэрэ буоллаҕа.

      Кэлин куоракка киирэн баран, А. Кривошапкин – Айыҥа [14] уонна Н. Антонов [5] кинигэлэриттэн рунаны хайдах ааҕалларын билсэн баран тойонноотоххо, биһилэх суруга – мэ, – һэрии диэн ааҕыллар курдук. Онон, бука, бу биһилэх болугурдар боотурдарын тойонун тамгата (бэлиэтэ) буолуон сөп курдук. Историяҕа биллэринэн, болугурдар уонна хатылылар өрө турууларын хам баттаан баран, Үөчэй баайы уонна Чоху Гуликанов диэн Омоллоон инитин Дьокуускай остуруогар киллэрэн, барыта 23 кинээһи ыйаан өлөрбүттэрэ биллэр. Онтон сиэттэрдэххэ, бу биһилэх ол Чоху Гуликанов биһилэҕэ эбит диэн сабаҕалыахха сөп. Биһилэх иитин аллараа өттө иһин диэки токуруйуулаах. Ол – биһилэҕи тарбахтан хара күүһүнэн хам тутан баран, сулбу тардан ылан бырахпыттар диэн санааны үөскэтэр. Хаһаактар Чоху Гуликановы тутан аҕалан баран, остуруок аттыгар чыынын-хаанын устуу сиэрин-туомун оҥорбуттар бадахтаах.

      Кырдал түгэҕиттэн түөрт кырыылаах сыыйыы тимиринэн оҥоһуллубут луом көһүннэ. Сытар дириҥиттэн сабаҕалаатахха (сүүрбэччэ см), били тимир саахтарын кытта биир дириҥҥэ сытар. Тугуй бу, хантан кэлбит луомуй, нуучча хаһаактарын мас бөҕөргөтүүлэрин алдьатарга туттар тэриллэрэ дуу? Эбэтэр ааспыт үйэҕэ хайа эрэ холкуос тырахтарыыһа анаан-минээн буору хаһан кистээбит луома дуу?

      «Саха сирэ» хаһыат 2009 сыл от ыйын 23 күнүнээҕи нүөмэригэр «Бичиктээх биһилэх уонна суруктаах холбуйа» диэн ыстатыйаҕа [2] Дьааҥыттан көстүбүт руна суруктаах үрүҥ көмүс биһилэх туһунан суруллубута. Бу биһилэх биһиги Биттикиттэн булбут руна суруктаах алтан биһилэхпитигэр олус майгынныыр буолан биэрдэ.

      Биллэрин курдук, руна хаҥастан уҥа диэки ааҕыллар. Оччотугар маҥнайгы руна бу икки биһилэххэ биирдик суруллубут буолан тахсар. Бу руна А. Кривошапкин – Айыҥа ньыматынан аахтахха «мэ» диэн буолар. Биһиги булбут биһилэхпит иккис рунатын Айыҥа ньыматынан «һэрии» диэн ааҕыахха