Название | Былыргы былдьаһыктаах сыллартан… Саха боотурун сэбэ-сэбиргэлэ |
---|---|
Автор произведения | Николай Аржаков |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-3771-1 |
Хайа уонна остуруогу уоттаталларыгар «суол аттыгар турар, абааһылаах-иччилээх, онон кэлэр-барар оҕо-дьахтар, дьон куттанар» диэбиттэр этэ дии. Тоҕо куттаналлара эбитэ буолла, баҕар, тугу эрэ көрөллөрө буолаарай? Итинэн сиэттэрэн, кэлин буолбут икки түбэлтэни кэпсиим. Быһайын Биттикигэ Аарах диэки от кэбиһэ сырыттахпытына, шасси тыраахтар кэлэн, от охсон барбыта. Хайалара буоллаҕай диэн Сэмэнтэн ыйыппыппар «ээ, Батаарын Баһылай буолуо» диэбитэ. Дьэ, ол Баһылай кэлин Сэмэҥҥэ манныгы кэпсээбит. Арай, ол кэлэн от оҕустара сылдьан көрдөҕүнэ, Биттики диэкиттэн Аарах суолунан биир дьахтар иһэрэ көстүбүт. Маҥнай ыраах буолан, аахайан көрбөтөх, сир астаан иһэр дьахтар ини диэн иһигэр санаабыт. Онтон чугаһаабытын кэннэ өйдөөн көрбүтэ, дьахтара былыргылыы саары этэрбэстээх, халадаай ырбаахыылаах уонна туос ыаҕайа тутуурдаах үһү. Дьэ, доҕоор, сибиэни илэ көрөн, Баһылай этин сааһа аһыллан, тымныы көлөһүнэ сарт түһэн, бүтүннүү дьар гына түспүт, уҥуоҕа халыр босхо баран хаалбыт. Ылгымаайы үрүйэтин диэки барар суолунан туох баарынан бирилэтэ турбут. Хата, онно тиийбитэ, Үстүүнэп Куолалаах от кэбиһэ сылдьаллара үһү. Кырдьык, ол күн сарсыарда Биттикигэ ааһарбытыгар Үстүүнэп Куолалаах отторун мунньаары хаалбыттара. Иккис түгэни быйыл убайым Онотуолуй эмиэ оттуу сылдьан, Биттикигэ Үстүүнэп дьиэтигэр чэйдии олорон кэпсээбитэ: