Тайҕа таайыллыбатах таптала. Надежда Егорова

Читать онлайн.
Название Тайҕа таайыллыбатах таптала
Автор произведения Надежда Егорова
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-5519-7



Скачать книгу

соторутааҕыта эрэ кэлбитэ. Сахаҕа номоҕон дьүһүннээх, эдэркээн дьахтар күн аайы кирдээх тирээпкэ, миинньик тутарга күһэллибитэ туох эрэ төрүөттээх буоллаҕа. Дьэ, дьикти! Чэ, хара ааныттан соһутумуум. Кэлин ыйыталаһар түгэн көстөр ини», – диэн Герман Герасимович эрэх-турах сананна.

* * *

      Соловьевтар дьиэлэригэр бүгүн эмиэ айах атан кэпсэтэр киһи суох. Ыал ийэтэ килэйбит-халайбыт саалатыгар олорон, хаһан да хал буолбат сериалларын көрөр, онтон кэргэнэ киэһэ туос иллэҥсийэн төлөпүөнүн хасыһар. Үйэ сайдан, суотабай төлөпүөнэ суох харыс да халбарыйбат кэм кэллэ. Герман аны төлөпүөнүгэр араас сыһыарыылары киллэрэн, Фейсбук, Инстаграм хонуутугар көҥүл көччүйэр. Онон туһанан, билэр-билбэт дьонун олохторун биэс тарбах курдук эндэппэккэ билэр буолла, саҥа доҕоттор да үксээтилэр. Бастакы омуҥҥа көрөргө-истэргэ умсугутуулаах. Биир идэлээхтэрэ бары кэриэтэ страницалаахтар эбит. «Үгүстэр тус олохторун, бүгүн ханна сылдьыбыттарын, тугу аһаабыттарын – барытын хаартыскалыы-хаартыскалыы кэпсииллэр. Дьэ, дьиибэ диэтэҕиҥ! Сахалыы сиэр соччо тутуһуллубат. Бай, үлэһиттэрим страницаларыгар мин баар хаартыскам наһаа элбэх эбит! Олох, «популе» буолбут эбиппин! Хайа, бу били дьиэ сууйар кыысчааным олорор дии. Олох эдэр кыыс курдук көрөбүн да, номнуо оҕо-уруу бөҕөтө эбит буолбаат? Чааһынай дьиэ көстөр, олох да Намҥа олорор эбит. Оччоҕо Намтан сылдьан үлэлиир дуо?» – Герман эмискэ дьыбааныттан ойон турда.

      Кини хараҕа алҕаһаабата. Зоя Намнааҕы педучилищены бүтэрбит эбит да, үлэ булбакка, оҕолорун иитээри куоракка киирэн икки тэрилтэҕэ дьиэ сууйар. Кэргэнэ оһолго түбэһэн орто дойдуттан суох буолуоҕуттан хараҕын уута кууран биэрээхтээбэт. Арай куоракка киирэр-тахсар айана уонна уруһуйдуур идэтэ эрэ аралдьытар. Оҕолорун эбэлээх эһэлэрэ көрөн абырыыллар. Айаннаан иһэн, тыраасса икки ардыгар үүнэн турар хас биирдии мас-от уонна, сэдэхтик да буоллар, иннигэр арыллан ааһар сыһыылар, күөллэр кэрэлэрин холустаҕа хайдах түһэриэҕин ойуулаан көрөр идэлээх.

      Дьиҥэр, дьиэтигэр кэргэнэ уһаммыт анал хоһун төһө баҕарар уларыта тутан, дьарыктанар, сынньанар хос оҥостуон сөп этэ да, билиҥҥитэ санаата буолбат. Бу хоско киирдэ даҕаны, хас биирдии мал, уһанар тэрил тымныынан хаарыйар. Санаатыгар, кэргэнэ туох эрэ наадатыгар сибилигин тахсан барбыт курдук. Аан кыычыгырыа эрэ кэрэх, кэргэнэ үөрэн-көтөн киирэн кэлиэхтээх этэ. Бу Зоя кырааскаларын, киистэлэрин угарыгар анаан оҥорторбут мас хоппото сытар. Лаахтанара эрэ хаалбыта эбээт… Зоя оргууй аҕай муннугар чугас туппутугар сип-сибиэһэй мас сыта саба биэрэн, били хараҕар ойуулаан көрө сылдьар дыргыл сыттаах айылҕата көстөн кэллэ. «Доҕорум бу бүтэһик үлэтэ буоларын хантан билээхтиэ этэй? Дьылҕа Хаан, тыйыс да буолар эбиккин!» – диэн Зоя үүйэ-хаайа туппут санаалара мунньуллан, оҕолуу маккыраччы ытаан барда. Хоппотун ыга кууспутунан уһанар хостон сүүрэн таҕыста.

      «Айылҕаҕа сылдьыбатаҕым, уруһуйдаабатаҕым ырааппыт да эбит! Кэргэним суох буолбута 40 хонук ааста. Илиибэр иннэни ыларым, тарбахпар киистэни тутарым баа буолбат ини? Үлэбиттэн