Тайҕа таайыллыбатах таптала. Надежда Егорова

Читать онлайн.
Название Тайҕа таайыллыбатах таптала
Автор произведения Надежда Егорова
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-5519-7



Скачать книгу

Булчукка бултуйан дьоллонуу, мэлийэн хомойуу – арахсыспат аргыһа. Күн ахсын бэриһиннэрэр курдуккун да, онтуІ бэйэ-бэйэтигэр майгыннаспат уратылаах. Холобур, бүгүҥҥү киискиттэн сарсыҥҥы кииһиІ олох атыннык бултаныа. Ол да иһин эр дьон булт абылаҥар ылларан эрдэхтэрэ.

      Борокуоп хараара буспут бөдөҥ уулаах отону ытыһан ылан айаҕар тиэрдэн истэҕинэ, эмискэ куртуйах улардар көтөн лиһигирэһэн тахсан, тиит мас лабааларыгар лоһугураһа түстүлэр уонна умса көрөн олордулар. Баһырҕас үрүөх курдук буолан иһэн, көтөрдөр олорбут мастарын төрдүн бэлиэтээн ааста.

      Бөрөлөр моһуоктаабаккалар тайах быйыл баардыҥы, төрүөҕэ да таҕыста. Бу ыҥаахтаах тыһы тайах сарсыарда кэлэн ааспыт суола кыыл ыллыгар ырылыччы көстөн сытар. Дьон манна бултуу кэлбэт, суола куһаҕан. Биир үксүн Борокуоптан да дьулайаллар быһыылаах… Хата бөрөлөр манан ааһар суолларын ыырдара буолан, кыыллары тардаллар этэ. Ону Тыаһыттыын туруулаһан, айанан, туһаҕынан бултаан, бу эҥээр үктэммэт буоллулар.

      Күн оройо буолла. Үссэнэргэ уолдьаста.

      Бу маарга туртас сөбүлээн аһыыр сирэ. Манан, хааман иһэр киһи сэрэйбитин курдук, туртастар талахтаан сии сылдьаллар. Үстэрэ сытар, икки тугут харсыбыта буолан оонньооколуу сылдьаллар. Киһи маска сөрүөһүннэ, саатын уһулла. Салгын хайысхатын билээри, ыйар тарбаҕын сиигитэн өрө чочоҥнотто. Ытын киксэрдэ. «Кытаат», – диэн кулгааҕар сибигинэйдэ, көхсүн таптайбахтаан ылла. Өйдөөх ыт ырааҕынан эргийэн, аа-дьуо сиэлэ турда. Тоҥ күөс быстыҥа буолаат, туртастар өрө чолоһо түстүлэр. Сүүрээри үтүрүстүлэр. Таныыларын тардырҕатаат, киһиэхэ утары ыстаннылар. Харабыын хатан тыаһа өрө хабылла түстэ, өлөрдүү таптарбыт атыыр туртас ойон иһэр омунугар, төбөтүн оройунан барда. Өлөр өлүүттэн мүччү туттарбыттара хаҥас халыйан, тыа быыһынан эмэһэлэрэ туртаҥныы турда.

* * *

      Герман Викторияттан хайа күн ыал буолуохтарыттан тугу да кистээбэт, санаатын үллэстэ сылдьар аһаҕас дууһалаах киһи. Кини бииргэ үлэлиир дьонуттан ким ыал буолбутун, ким арахсыбытын, ким кимниин өйдөспөтүн, туох мөккүөр тахсыбытын куруук Викторияҕа кэпсиир. Кэлин Герман кэпсээнэ тугунан түмүктэнэрин кэргэнэ таайар идэлэннэ. Онтукайа оруобуна буолан соһутар. «Психолог буолуох киһи хаалбыккын», – диэн күллэҕинэ, Виктория саҥата суох сапсыйан эрэ кэбиһэр.

      Кэнники бириэмэҕэ Виктория кырдьан эрэр эригэр сыһыана биллэ уларыйда. Кэргэнин кэпсээнин кулгааҕын таһынан истэр, барытыттан хал буолбут курдук туттар-хаптар. Урукку курдук өрөбүллэригэр ханна баралларын, тугунан дьарыктаналларын бииргэ сүбэлэспэттэр. Эгэ ороҥҥо бэйэ-бэйэни имэрийсэр, сылаас тыллары кулгаахха сипсиһэр диэн кэлиэ дуо? Ол дьыала умнуллубута ыраатта. Дьиҥэр, орто омурҕаннара саҥа буолла эбээт. Ама олох кэрэтэ, умсулҕаннааҕа бүтэр уһуга кэллэ дуо?! Герман бастаан: «Арааһа, дьахтар этигэр-сиинигэр тахсар уларыйыылары ыарырҕатар быһыылаах. Тулуурдаахтык тулуйуохха, күүтүөххэ», – диэн эрэх-турах санааны ылына сатыыр этэ. Ол гынан баран, олус күүттэрдэ, иккиэннэрин майгылара-сигилилэрэ киһи билбэт буола уларыйда.

      Герман