Соһуччу көрсүһүү. Май Емельянов

Читать онлайн.
Название Соһуччу көрсүһүү
Автор произведения Май Емельянов
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-2702-6



Скачать книгу

Таарыччы ат аһылыгына көрөөр. Итиннэ көстөхпүтүнэ хаһыы баар буолсу дуу, суох дуу. Ол эрэн уҥуор тахсаайаҕын, бутуурдаах сир. Үрэхтэн төннөөр, эн холгор ол да сөп буолуо.

      Туоһапкабын сүгэн, ыппын ыҥыран просека диэки бара турдум. Халлаан кыралаан тыалыран барда. Баран иһэн хаста да улардарга түбэстим да ыппатым. Күтүөм эппитин курдук күнүс от үрэххэ тиийдим. Онон-манан киис суола баарга дылы. Моойторук миигиттэн ыйыппат киһи, үрэххэ киирэн тугу эрэ сытырҕыы-сытырҕыы уҥуор элээрэ турда. Ыҥыран көрдүм да кыһаллыбата. Уҥуор тахсан олох да сүтэн хаалла. Ыппын көрдүү таарыйа үрэххэ киирдим. Киис эргэ да, саҥа да суола кыралаан баар. От эмиэ баарга дылы. Ытым киис саҥатык суолун булан барбыт. Уҥуор тахсан ойуур устун ытым суолун батыстым. Ол истэхпинэ кэннибэр эмискэ тыас тыаһаата. Соһуйан эргийэ биэрбитим, Моойторугум тылын былас таһааран бу иһэр эбит. Суолун сүтэрэн онтун көрдүү сылдьар быһыылааҕа. Бэйэтин олус кыанар, күүстээх түөстээх, моойторуктаах, маҥан тыстаах уһун атахтардаах, чөрөгөр кулгаахтардаах, хара өҥнөөх улахан саха ыта этэ. Миэхэ тохтоон да көрбөккө инним диэки элээрэ турда. Булчута да суоҕум иһин, киис чугас баар быһыылаах диэн сэрэйэ санаатым. Ытым барбыт сирин диэки түһүнэн кэбистим. Истээх кирзовай саппыкынан сылдьар буолан халтархай. Эдэр буолан онно эрэ кыһаллыбаппын. Син барбахтастым, хаҥас өттүбэр үрэхпин ыйдаҥарда иһэбин. Ол истэхпинэ инним диэки тэйиччи ытым үрэрэ иһилиннэ. Уот дэлби сиэбит аабылааныгар тиийдим.

      Киис сулугур, эттээх мас төбөтүгэр тахсан олороро, Моойторук үрэ-үрэ тиити эргийэ сүүрэ сылдьара. Күтүөм үөрэппитинэн, илдьэ сылдьар быабынан ыппын тутан тэйиччи маска баайдым. Тыаллаах буолан титиригим кыратык хамсыыр да буоллар, умнаһыгар мэһэйдэтэн кииспин төбөҕө ытан түһэрдим. Хаанын ыппар салаттым. Урут уолаттар киистэрин мэнээк көрөн эрэ кээһэр буоллахпына, бастакы кииспин интэриэһиргээн, болҕойон, тутан-хабан көрдүм. Киистэрэ диэн улахана суох эрээри, бүтүннүү иҥиир кыыл эбит. Тыҥыраҕа сытыытын. Моонньун көрдөххө күүстээх кыыл быһыылаах. Түүтэ күндү буолан улаханнык сыаналанар булт. Солоҥдоттон улахан, модьу-таҕа көрүҥнээх. Кииспин сүгэһэрбэр уктан сүгэн кээстим. Туран толкуйдуу түстүм: «Үрэҕим ити арҕаа барда. Мин соҕурууттан хоту кэллим, просека устун. Просека үрэххэ киириититтэн төһө тэйбитим буолла? 4–5 биэрэстэ буоллаҕа буолуо. Киэһэрдэ. Тыала күүһүрдэ. Мин төттөрү 5 биэрэстэни халтай барыам кэриэтэ үрэҕи туораан просекаҕа ойуурунан быһа түстэрбин, дьиэбэр сөпкө тиийиэм этэ», – дии санаатым. Хаһан баҕарар икки катеттааҕар гипотенуза кылгас диэн оскуолаҕа үөрэтэллэрэ. Итинник быһаарынаат, тайах быстан үрэххэ киирдим. Саабын сүгэн үрэх устун сүүрэр-хаамар икки ардынан түһэн истим. Ол иһэн андаатар уйатыгар түбэһэн уҥа атахпынан тобукпар дылы ууга түстүм. Атахпын ороот, саппыкыбын уһулан уутун сүөкээтим. Ыстааным сототун эмиэ ыга сатаатым. Онньуускабын ылан ыктым уонна саппыкыбын төттөрү кэтэн кээстим. Ити ыккардыгар халлааным борук-сорук буолла. Бачча тымныыга инчэҕэй атахтаах балааккабын таайан көрдүөхпүн санаам буолбата. Үрэххэ киирбит суолбун көрдүү төттөрү бардым. Төһө да халлаан