Название | Кэдээк ойуун уонна Оллой кулуба |
---|---|
Автор произведения | Дмитрий Колесов |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-3902-9 |
Иккис хаһаак тоҥон бөҕүөрбүт илиитинэн саатын үрдүгэр түспүтэ. Ону уруттаан Лойут сааны сулбу охсон ылан, оһох кэннигэр элиппитэ. Дьиэ иһинээҕилэр бары куттанан ылы-чып турбуттара. Дьэбдьиэй, тоҥ балыгын сороҕун эрэ кыһаат, эр дьону уоскутаары, остуолга кэлэн, аһыылларыгар көрдөһөн ыҥырбыта. Бары саҥата суох чэй иһэ, аһыы олорбуттара. Эт буһан, остуолга хоторуллан ууруллубута. Лойут үчүгэй сыалаах эти талан, хаайыылаах нуучча иһитигэр уурбута. Аһаан бүтэн айанныылларын саҕана сыаҥаан тириитэ мөһөөччүккэ буспут эти уонна куобах истээх сарыы үтүлүгү хаайыылаахха биэрбитэ. Онуоха ол нуучча үөрэн Лойуту уураан ылбыта үһү. Хаһаактар туох да буолбатаҕын курдук махтанан, быраһаайдаһан барбыттар.
Дьэбдьиэй хоноһолоро баралларын кытта оҕонньорун сэмэлээбит:
– Оҕонньор, кырдьаҕас киһи эрээригин, куттаммакка, саалаах дьону кытта утарылаһаҕын. Хаһааҥҥыттан доҕордоспут хаайыылааххын көмүскэстиҥ! Арай итиннэ хаһаак ытан кэбистин?!
– Ыраахтан ытан кыайыахтара, оттон чугаска, тутуһан турар сиргэ, билигин да, бука, сыал буолбатах баҕайым ини? Абата бэрт! Мин кими баҕарар бэйэм дьиэбэр итиннэриэм, аһатыам. Оттон кинилэр ыалга тойорҕооботуннар ээ. Хаһан хаайыыларыгар тиэртэхтэринэ, онно да ыраахтааҕыларын сокуонун киһилии сиэрдээхтик толордуннар, – диэбит Лойут илдьиттээн эрэрдии. Итиэннэ, балайда саҥата суох олорон баран: – Эмээхсин, нууччалары куһаҕан дьон курдук санаама. Кинилэр баар үтүө дууһалаах, үөрэхтээх, өйдөөх дьон. Ыраахтааҕы былааһын, баай батталын утаран, хаайыылаах буолан хаатыргаҕа, сыылкаҕа кэлэллэр үһү. Ону миэхэ сахалыы билэр нуучча кэпсээбитэ. Кырдьыга даҕаны, маннык ыраах Хоту дойдуга дьон бэртэрэ буолан, бачча тымныыны тулуйан сырыттахтара.
Хаһаактар Дьокуускайтан төннүүлэригэр эмиэ биир хаайыылааҕы хомбуойдаан, мас хандалыны кэтэрдэн айаннаабыттар. Кулун тутар ый бүтүүтүн диэки Лойут олоҕор чугаһаан иһэннэр, биир дьаамҥа тохтоон, аттарын аһаппыттар. Онно Дьяков ыйыппыт: «Күүстээх Иван дьиэтэ чугаһаата дуо?» – диэн. Онуоха дьаамнаах: «Ырааҕа суох. Сотору тиийиэхпит», – диэбит.
– Ити холуокканы манна устан быраҕыахха. Оттон манныктаах тиийдэхпитинэ, дьиэлээх хаһаайын эмиэ кыыһыран адаарыйыа. Албыннастахха, аһаппытын таһынан, суолбутугар аһыырга, баҕар, аһы да биэриэ этэ, – диэн Дьяков доҕор хаһаагар эппитэ.
Ону анараа хаһаак улгумнук сөбүлэспитэ, урут, аҕыйах ыйдааҕыта, Лойуттан умнуллубат гына кэһэйэн турар. Инньэ гынан хаайыылаах мас холуоккатын устан, күөл кытыытыгар хаалларбыттар. Ону олохтоохтор көрөннөр, ол күөлү Холуоккалаах диэн ааттаабыттар. Былыргыттан быйылгыга диэри бэрт эмис, үчүгэй, баай балыктаах күөл дииллэр.
IX
Сыллар ааһан испиттэрэ. Лойуттаах Дьэбдьиэй кырдьан, лаппа сааһыран барбыттара. Урукку курдук Лойут аарыма буур тайаҕы өлөрөн, сатыы сүгэн аҕалбат буолбута. Аны айалаан, туһахтаан бултуура. Хата, күөл балыгын өлгөмнүк