Название | Кэдээк ойуун уонна Оллой кулуба |
---|---|
Автор произведения | Дмитрий Колесов |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-3902-9 |
Лойут эмискэ туран кэлээт, Дуудакаан өссө да кыыран эккирии турдаҕына, саҕатыттан харбаан ылаат, оҕо курдук ыстаанын сулбурутан баран, кыпчыйан олорон таһыйан лабырҕаппыта. Дуудакаан ыарыытын тулуйбакка үөгүлээбитэ: «Тохтоо, абыраа, өлөрүмэ, аһын!» – дии-дии көрдөспүтэ. Онуоха Лойут өссө күүскэ таһыйан биэрбитэ. «Хара түөкүн, албыннаан ойууннуургун билээри сымыйалаан ыалдьыбыта буолбутум. Билигин албыҥҥын биллим, ээххин этитиэм! Эн дьону албыннаан баар-суох сүөһүлэрин өлөртөрөҕүн. Соболоҥҥор манньа бөҕөтүн ылаҕын! Ону барытын төлөтүөм! Ыл, кырдьыккын эт, аны ойууннуоҥ дуу, суох дуу?» – дии-дии эбии таһыйбыта. Ойуун ыарыытын тулуйбакка өйүн сүтэрэн, уҥан ылбыта. Онтон өйдөнөн баран ытыырын быыһыгар: «Өлөрүмэ, күн буол, тохтоо! Кырдьык, аһыыр-таҥнар кыһалҕаттан албыннаан кыырар этим. Аны хаһан да ойууннуом суоҕа, ылбыт аспын-үөлбүн төннөрүөм, төлүөм. Абыраа, тохтоо, ыыт!» – диэбитэ Дуудакаан.
– Эн миэхэ тугу да төннөрүмэ. Дьонтон албыннаан ылбыккын барытын аны сааскыга диэри төннөр. Төннөрбөтөх буоллаххына, ыаллартан ыйытан биллэхпинэ, тыыҥҥын иһиллиэм! – диэн сэрэппитэ.
Дуудакаан дьиэтигэр дэлби таһыллан кэннинэн олорбот, киһи өйөбүлэ суох кыайан хаампат буолан тиийбитэ. Дьонугар сымыйалаабыта: «Улаханнык ыарыйдым. Аны абааһыларбар хаһан да ойууннуо суох буолан андаҕайдым», – диэбитэ. Хойут, кырдьык, ойууннаабатаҕа дииллэр, төлөбүрүн да ким ылааччыга төннөрбүтэ. Сорох дьон төттөрү ылбатахтара үһү.
Лойут итинтэн ыла ойууннары итэҕэйбэт буолбута. Кэнники үс ойууну «ыарыйдым» диэн тус-туспа кэмҥэ ыҥыран кыырдарбыт, олор эмиэ сымыйанан көрүүлэнэн дэлби таһыллыбыттар. Лойукка «ээхтэрин этэн», ойууннуулларыттан аккаастаммыттар. Дьонтон албыннаан ылбыттарын төннөрүөх, төлүөх буолан андаҕайбыттар. Кини таптыыр кэргэнэ Мачыана мэҥэтигэр тиийэн, кириэһин кууһан туран иһиллэр гына улаханнык эппит: «Күн сиригэр көлдьүн-албын ойууннар эн сырдык ааккын албыннаан киртитэн үөр абааһыта оҥоро сылдьыбыттарын иһин эттээх хааннарыттан иэстээн, кинилэри кэһэттим, албыннаабыттарын айахтарынан таһаардым. Күндү доҕорум, эйиэхэ мин хом санаам суох, билигин да эйигин умнубаппын. Эн дууһаҥ анараа дойдуга да куруук ыраас буоллун! Эйиэхэ хоп, албын тиийбэтин».
VIII
Лойут олорор күөлүн таһынан ыраахтааҕы дьаамын суола – Орто Халыматтан Дьокуускайга диэри субуллара. Бу суолтан ыал ырааҕа суох буолан, дьаамнаахтар Лойуттаахха таарыйан итиилээн, чэйдээн, тото-хана аһаан абыранан ааһаллара. Онно дьаамынан ааһааччы араас чыыннаах тойоттор, полицейскайдар, хаһаактар махтанан-баһыыбалаан бараллара үһү. Кини кэргэнигэр Дьэбдьиэйгэ этэрэ: «Мин билигин кыайан бултуурум тухары ас-үөл элбэх, онон айан дьонун