Название | Өтөх иинэ оспот |
---|---|
Автор произведения | Татьяна Находкина |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-4536-5 |
Маарыйа уолугар өйүө бэлэмнээн, кыракый таҥас мөһөөччүккэ угар. Дьиэтин сиппииринэн харбаан ылла. Бүгүн сууйбат. Ыраах айаҥҥа дьиэттэн киһи барар буоллаҕына, дьиэ сууллубат диэн үгэһи куруутун тутуһар. Уоллара кэлбитэ икки хонно да, анаан олорон кэпсэппиттэрэ суох. Кэлбит күнүгэр ньирэйдэригэр сылдьыбыттара, бэҕэһээ ыһыах. Онтон бүгүн быыс булан барыар диэри кэпсэтиэ эбит да, аны уоллара ампаарга утуйа сытар. Миитээлээх Баһылай иккиэн хара бараан хаһылыччы көрбүт Андросовтар хааннара буоллаҕына, Ыстапааннара эриличчи көрөн, хара куудара баттаҕа сахсаҥнаан аҕатыгар майгынныыр. Тас көрүҥүнэн сахаҕа ис киирбэх уол буолан, кыргыттары эккиритиннэрэр быһыылаах. Уолаттарым үһүөн да бэйэлэрин кыанар, тэтиэнэх дьон буолан, бэҕэһээҥҥи ыһыахха аймахтарын, ордук эһэлэрин үөртүлэр. Улаханнык саҥарыллыбат. Барытын искэ тутуллар.
– Ийээ, туох санаатыгар түстүҥ? – Миитээ мичээрдээн, үрүҥ тиистэрэ кэчигирээн олорор.
– Эһигиттэн, уолаттарбыттан, атын кими саныахпыный? Хантан ойон-тэбэн кэллиҥ?
– Дьиэбиттэн, хантан буолуой? Өстүөпэ утуйа сытар дуо? Туруо эбит. Сотору барыа этибит.
– Уһугуннар эрэ. Ампаарга быраатынаан утуйа сыталлар. Саатар, кыратык хабыалаан, кэпсэтэн барыа этэ. Кэпсэтэр соло да суох.
Сотору буолбата, уолаттар ыстаҥалаһан киирэн, ийэлэрэ бэлэмнээбит остуолун астына көрөн, чыпчырынан кэбистилэр. Илиилэрэ үтэһэлээх эккэ күөрэҥнээтэ, ол быыһыгар биэ кымыһын дуоһуйа ыймахтаатылар.
– Һыллы, үөрэх хайдаҕый? – ийэ уолун утары олорунан кэбиһэр.
– Ийээ, үөрэх үчүгэй. Аны икки эксээмэним хаалла. Бүттүм эрэ тахсыам. Окко киирии да чугаһаата.
– Оннук. От ыйын 12 күнэ – окко киирии. Уон үһүскэ – Кунай хотуурдаах күнэ. Бу күн от охсуллубат. Эһэҕит ону тутуһан тэйэр, – Маарыйа уолаттарын сымнаҕастык имэрийэ көрөр. Уолаттар сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбиһээт, мичээрдэһэн кэбиһэллэр.
– Өстүөпэ, ыксыа этибит. Бүгүн Бороҕоҥҥо хонон баран, сарсын оскуолалар наадаларыгар сылдьыахтаахпын. Эрдэ соҕус хоҥнуом этэ, – Миитээ дьоһуннаах соҕустук саҥарар.
– Бу бүтэрээри сылдьан, икки хоноору кэлэ турдаххын, – ийэ уолун сэмэлиирдии көрөр.
– Ыһыах тэрээһинигэр тиийбит куоратчыттарга түбэһэ түһэн кэлбитим. Сарсын сарсыардаттан куорат диэки сатыы түһүнэн кэбистэхпинэ, аргыс көстүө. Өлүөнэ эбэ барахсаҥҥа тиийдэххэ, биэрэккэ өрүһү туоратааччылар көстүөхтэрэ.
– Сүрэх быраап буоллаҕа. Киристиинэ кыыс тарда сыттаҕа, – убайа быраатын таайтарыылаахтык көрөр.
– Ээ, бүт эрэ. Илдьэҕин дуу, суох дуу? Вераҥ аһаппатаҕа дуо? – Ыстапаан киниэхэ сыһыаннаах кэпсэтииттэн куотардыы, ааны былдьаһар.
– Сөп, сөп. Бардыбыт. Ийээ, өйүөҕүн аҕал эрэ. Аттар бэлэмнэр. Баһылаастаахха бардыбыт. Бүөтүр бэлэмнээн, күүтэн олорор.
Маарыйа уолаттарын атаараары тэлгэһэҕэ тахсыбыта – Баһылай убайынаан хапсаҕайдаһан тардыалаһа сылдьаллар эбит. Миитээ үөрүөҕүнэн үөрэн, көрөн турар.
– Ок-сиэ,