Алыһардаах Аана. Коллектив авторов

Читать онлайн.
Название Алыһардаах Аана
Автор произведения Коллектив авторов
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-5781-8



Скачать книгу

үһү, ол иһин Күрүөлээх Харахтаах Күрэнтэй Бэргэн диэн ааттаабыттар. Уоллара улаатан, аҕатынааҕар ордук сырыылаах киһи буолбут. Күҥҥэ түөрт уон көһүнэн эргийэн бултаан кэлэрэ үһү. Өлүөнэ эбэни өрө-таҥнары сыыйар, Сиэгэҥҥэ, Сиинэҕэ, Өлөөҥҥө тиийэн, ыйы ыйынан баран бултаан кэлэр, аҕалаах ийэтигэр истибэтэхтэрин иһитиннэрэр, көрбөтөх бултарын аҕалар киһи буолбут.

      Сүүрбэ сааһын ааһыар диэри кэргэннэммэтэх. Аҕалаах ийэтэ кэтэһэ сатаан баран, биир киэһэ аҕата уокка иттэ олорон, уола баттах баҕанаҕа өйөнөн, аттыгар турдаҕына, эппит: «Хаһан кэргэннэнэн көрдөрөҕүн? Биһиги да кэтэһэ сатаатыбыт, ити сылдьан биир эмэ кыыһы көрбөккүн дуо?» Уола турбахтаан баран: «Мин сөбүлүүрбүн эһиги сөбүлүөххүт суоҕа», – диэбит. Аҕата кыыһыран мөхпүт: «Биһиэхэ хаһан аҕалан сирдэрдиҥ-таллардыҥ, утуй», – диэн буолбут.

      Сарсыарда оҕонньор эрдэ туран эт буһартарбыт уонна уолун уһугуннарбыт. Уола аһыыр кэмигэр, суол аанынааҕы орон сыҥаһатыгар батыйатын тутан олорон, оҕонньор маннык диэбит: «Киһитэ суох кэлээйэҕин, үчүгэйдик тэринэн, аһаан бар». Уол саҥата суох тэринэн, таҥнан тахсаары турдаҕына, оҕонньор хаһан кэлэрин ыйыппытыгар: «Үчүгэйдик сырыттахпына түөрт хонуом», – диэт, уол тахсан барбыт. Үс хонон баран, төрдүс сарсыардатыгар оҕонньор туран ат баһа көхөҕө ыйанан турар аланаатын, нипчикатын, толору охтоох кэһэҕин, кураахтаах саатын ылан көрөттөөбүт уонна саҥата суох куобах истээх түнэ сонун түһэҕэр уурунан, уотугар аргынньахтаан олорон: «Куһаҕан да түүлү түһээтим, эмээхсиэн, – диэн кэпсии олорбут. – Оҕом хаҥас илиитигэр удьурҕай уктаах хара түөстээх быһыччаны тутан, быһаҕаһыттан үөһээ өттө хаан буолан кэлэн турарын көрдүм. Тугу-тугу түһээбитим буолла?» – өр саҥата суох соҥуоран олорбуттар.

      Киэһэ уоллара улахан баҕайы хааһаҕы сүгэн киирэн кэлбит. Хааһаҕын арыйан, аргыый аҕай сиргэ түһэрбит. Кураахтаах саатын, кэһэҕин, батыйатын, балык хатырыга алтан куйаҕын устан, уот кытыытыгар кэлэн турбут. Аҕата: «Хайа, киһиҥ? – диэбит. «Аҕаллым, бэлэмнээххит дуо?» – диэн баран, түнэ хааһах тиһилигин сүөрэн, истэртэн дьикти эриэккэс, көрөртөн олус үчүгэй кыыһы сиэтэн таһаарбыт. Дьоно үөрэн, оҕонньор түүлүн умнан кэбиспиттэр. Дьэ, кийииттэрин (аата Инньээнчэ диэн) былыттаахха быктарбакка, күннээххэ көрдөрбөккө үс сыл олус үчүгэйдик олорбуттар. Оҕо төрөөбөтөх. Инньээнчэ булчута, үлэһитэ сүрдээх буолан, дьоно наһаа сөбүлээбиттэр.

      Бииргэ олорбуттара төрдүс сылыгар сир тоҥон, кыра кыраһа түһэр буолуута, биир сарсыарда туран, Туоҕа Боотур уолун таһырдьа ыҥыран таһаарбыт уонна ыйыппыт:

      – Дьэ, тукаам, бөөлүүн түһээтэхпинэ, ох сааларын кураахтарыттан тутан, дьиэбитин дьоннор эргийэ хаама сылдьаллар. Бастаан кыыскын аҕаларгар эмиэ бэрт куһаҕан түүлү түһээбитим. Күн-дьыл былдьаһар буоллубут, ити киһигин хайдах ылан кэлбиккин кистээбэккэ кэпсээ, – диэбит. Уола эппит:

      – Субу мантан тус соҕуруу, күн ортотун туһунан бардахха, улуу Эбэ бэтэрээ өттүгэр, уу долгунун курдук кэрдиистэнэн үөһэ тахсар, күөх тумарык түһэн