Название | Киһи соҕотох сүрэхтээх… |
---|---|
Автор произведения | Петр Захаров |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-5385-8 |
Хааны эргитэр аппараат үөдүйүүтэ.
XX үйэ саҕаланыыта эпэрээссийэ ньымата олус судургу этэ. Ол кэмҥэ эпэрээссийэ тэбэ турар сүрэххэ оҥоһуллар буолан уустуга. Хааны эргитэр искусственнай аппараат айыллыаҕыттан ыла сүрэххэ оҥоһуллар эпэрээссийэлэр сайдан, таһымнара лаппа үрдээбитэ. Хааны табыгастаахтык искусственнай аппараакка холбоон эргитэр, тромб үөскүүрүн утарар, сүрэх носуос курдук хааны хачайдыыр (эргитэр) үлэтин солбуйар уонна эти-сиини кислородунан хааччыйар ньымалары – барытын эргиччи билэн олоххо киллэрии тирээбитэ. Бу XX үйэ чинчийиилэрин биир сүдү суолталаах соруга этэ.
Медицинскэй факультет студена Jay McLean (Джеем МакЛин) 1916 сыллаахха, чинчийиилэрин түмүгүнэн, гепарин тымырга хаан бөлүөхсэрин тохтотор, тромб үөскүүрүн утарар диэн медицинскэй холбоһукка иһитиннэрбитэ.
Искусственнай хаан эргиирин хайысхата сайдыытыгар уһулуччу өҥөнү Джон Гиббон киллэрбитэ. Эдэр быраас 1930 сыллаахха Массачусетс (Пенсильвания) кылаабынай госпиталын лабораторияларыгар оҥорбут чинчийиилэрин түмүгэр 1937 сыллаахха киһи этин-сиинин үлэтин искусственнай хааны эргитэр уонна тыыннарар аппарааттар көмөлөрүнэн хааччыйыахха сөбүн дакаастаабыта. Сэрии кэнниттэн электроннай-вычислительнай массыыналары (ЭBM) оҥорор корпорация инженердэрин көмөлөһүннэрэн чинчийиитин салҕаабыта. Хас да эпэрээссийэни ыттарга ситиһиилээхтик оҥорон баран, 1953 сыллаахха киһини эпэрээссийэлээбитэ. Ол эрээри хас да киһи өлөн, 1955 сыллаахха өлүү төрүөттэрэ биллиэр диэри эпэрээссийэттэн аккаастаммыта. 1970 сыллаахха элбэх учуонай сыралаах үлэтин түмүгэр ыарыһахха куттала суох аппараат айыллыбыта. Билиҥҥи кэмҥэ искусственнай хааны эргитэр аппараат хас да чаас устата ыарыһахха туһаныллара туох да куттала уонна хос дьайыыта суох.
Сүрэх тымырдарыгар эпэрээссийэ 28. Сүрэх быччыҥнарын тымырдарын эпэрээссийэлээһин эбэтэр коронарнай артериялары шунтируйдааһын кэнники кэмҥэ cүрэххэ элбэхтик оҥоһуллар буолла. 1890 сыллаахха Алексис Каррель тымырдары холбооһуҥҥа (анастомоз) холоммута. «Веналар уонна уорганнар трансплантациялара» диэн Карл Гатрины (Charle Guthrie) кытта бииргэ суруйбут үлэтигэр хас да хирургическай ньыманы сырдаппыта, ол иһигэр сүрэх гетеротопическай көһөрүллүүтүн методиката эмиэ киирбитэ. Бу чинчийиилэрин иһин 1912 сыллаахха Каррель медицина уонна физиология уобалаһыгар Нобелевскай бириэмийэни ылбыта. Кини тымыр хирургиятын уонна трансплантологияны (көһөрөн олордууну) төрүттээччинэн буолар. 1953 сыллаахтан сүрэх быччыҥар хаан эргиирин тупсарыы хайысхатыгар Кливленд клиникатыгар Ckaude Beck чинчийиилэри
28
Коронарнай шунтирование