сылдьар эбит, ийэтэ тапталыттан икки хараҕын үүтэ бүөлэнэн эр киһи албын тапталын баччааҥҥа диэри сырдык ыра санаа оҥостон илдьэ сырыттаҕа. Ол киһибит иккитэ кэргэннэнэ сылдьыбыт, кинилэртэн уолаттардааҕын, олоҕор табыллыбатаҕын суланан суруйар. Бастакы кэргэниттэн сокуонунан арахсыбакка сылдьан, иккиһин кэргэннэммит. Аны кэлин ийэбин “кэл” диэн ыҥырар идэлэммит. Өссө икки оҕолоохпут буолбат дуо диэн соҥноммут. Тохтуо ээ, иитиэхтээҕэр хараҕар да көрбөккө сылдьан аҕа эҥин буолан күндүмсүйбэтин. Ийэтэ барахсан барытын сүрэҕинэн-быарынан ылынан, күн ахсын саҥатыттан-иҥэтиттэн матан, иинэн-хатан иһээхтиир. “Таптал хараҕа суох” дииллэрэ кырдьык буолан тахсар. Бааһынай хаһаайыстыба баһылыга, агроном үөрэхтээх, Андрей Владимирович ийэлэрин оскуолаҕа бииргэ үөрэммит сылларыттан күн бүгүнүгэр диэри сөбүлүүр дииллэр. Олус сымнаҕас, үлэһит, киһи киэнэ кэрэмэһэ. “Андрейга кэргэн таҕыс. Сотору оҕолоруҥ улаатан барыахтара-кэлиэхтэрэ. Мин бу сиргэ букатын кэлбэтэҕим. Утарыта көрсөн олорон чэйдиир да киһиҥ суох буолуо, соҕотохсуйуоҥ. Холбосторгут, баҕар, оҕолонуоххут даҕаны”, – диэн эбээлэрэ бу кыһыны быһа ньаҥсыйда. Марина ону өһүргэнэ истэрэ, билигин суруктары ааҕан баран, ийэтэ дьахтар быһыытынан дьоло суоҕун оҕолуу дууһатынан өйдөөтө. Ийэтэ эрэйдээх кинини таптыыр киһилиин өйөһөн-убаһан хойутаан да буоллар дьоллоохтук олороро тоҕо табыллыбатый? Дьиҥинэн, кини олох эдэр ээ. 19-гар оҕолонор, Марина 17-тэ. Оччоҕо ийэтэ 36-та эрэ буолан тахсар. Дьахтар үйэтэ кылгас дииллэр. Билигин кэргэн тахсыбатаҕына, кырдьык хойутуур. Санаатыгар буолан хоһун аана аһыллыбытын истибэккэ хаалла, эбээтэ атаҕын тыаһа сырдырҕаан кэлбитигэр соһуйан хаалла.
– Бу тугу гынаҕын? Туох суруктарын ааҕаҕын? – эбээтэ доппуруостаан киирэн барда.
– Ээ суох… Уруокпун ааҕабын, – диэт, Марина түргэн баҕайытык суруктарын кум-хам тутан сыттыгын анныгар анньыталыы сатаата. Биир суругу муостаҕа мүччү туппутун эбээтэ ыла охсон түннүк аттыгар тиийэн ааҕан кыҥастаста.
– Хайыы… Ийэҕэр кэлбит сурук эбит буолбат дуо? Тоҕо атын дьоҥҥо аадырыстаммыт суругу ааҕаҕын? Сааппаккын даҕаны, киһи эрэммэт киһитэ эбиккин дии. Били күөс өрүөх курдук буолбутуҥ дии, ол гынан баран манна киирэн атын дьон суругун ааҕа сытар эбиккин дуу? – эбээтэ бэрт кытаанах куолаһынан сэмэлээн барда.
– Эбээ, туохтан саатыахтаахпыный? Ийэм бачча сааһыгар диэри таптал кулута буола сылдьара үчүгэй үһү дуо? – кыыс эбээтигэр хардарсарга сананна.
– “Таптал кулута” диэн тугу-тугу туойаҕыный?
– Оттон ол киһи 18-таах кыыс таптаабытынан туһанан кэргэн ылбат эрээри оҕолоон кэбиспитэ сөп үһү дуо? Бу суруктарга “таптыыбын, холбоһуохпут” диэн суруйар, оттон ыал буолаары гыннаҕына, тоҕо эрэ атын дьахтары кэргэн ылар. Тыла барыта сымыйа!
– Ону эн быһаарыаҥ суоҕа, ылбыт миэстэҕэр төттөрү уур. Билигин ийэҥ кэлиэ, кыыһыран сордонуо, бэйэтэ да ол киһини күүтэн сүүрбэччэ сыл түүл-бит курдук олорор. Кини ыҥырыа эрэ кэрэх, ханна баҕарар барсыах курдук, – эбээтэ кыыһын мөҕүттэр.