Таптал баар буолан. Татьяна Находкина

Читать онлайн.
Название Таптал баар буолан
Автор произведения Татьяна Находкина
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-2305-5



Скачать книгу

кыһыйыахтарын иһин Борис эргиллэн да көрбөтө.

      – Борис олус уларыйбыт. Кинини итинник эрэ буолуо дии санаабатаҕым, – Мила тэйэн баран дьэ саҥа таһаарда.

      – Тапталыттан, кырдьык, икки хараҕа бүөлэммит. Оттон учууталбыт ааттаах оскуола оҕотун кытта олус да аһаҕастык сылдьыбатар… икки ыйы тулуйуо эбит, – Нарыйа күнүһүн ириэрэн баран, киэһээтин бөҕүөрэн эрэр хаары атаҕынан тэбиэлии турда. – Бүгүн мин табыллыбат күнүм эбит.

      – Ол тугуҥ өссө табыллыбата? – Марина соһуйбуттуу көрөр.

      – Эһээм улаханнык ыалдьыбыт. Улуус балыыһатыгар илтилэр. Ийэм барсыбыта. Ол иһин бүгүн оһохпун отуннум, хотоммун көрдүм.

      – Оттон биэссэр киһи быһыытынан Нина Аркадьевна барсыан сөп буолбатах дуо? – Марина олох ымпыктаан-чымпыктаан, төрдүн түөрсэн, ыйытан тэйэр.

      – Эһээм кинини кийиитинэн аахпат. Нэһилиэстибэ суругу ийэбэр суруйбут үһү. Эбээм тыыннааҕар инньэ диирэ. Ийэм аҕабын наһаа таптыыр буолан, эһээлээх эбээбэр төрөппүт кыыстарын курдук сыһыаннаһара. Аҕам төттөрү кэллэҕинэ киллэриэх да курдук. Биир бэйэм таҥнарбыт киһини саа тэбиитигэр да чугаһатыам суоҕа этэ, – диэт, дьүөгэтин тиэхэлээхтик көрөн кэбиспитигэр Мила саҥата суох мичээрдээн кэбистэ. – Биһиги аҕабыт таах ийэм бэлэмигэр олорбута. Билигин хайдах олороро эбитэ буолла? Нина Аркадьевна ийэм курдук барытын бэлэмнээн биэрэрин саарбахтыыбын. Ону билиэхпин наһаа баҕарабын. Марина биһиги ийэлэрбит олус маарыннаһар дьылҕалаахтар. Иккиэн тапталларыгар табыллыбатахтар уонна ол табыллыбатах тапталларыгар наһаа бэриниилээхтэр, – Нарыйа наҕыл баҕайытык кэпсиир.

      – Чэ, дьиэбитигэр тарҕаһыаҕыҥ. Син биир таансылаан бүттүбүт, – Марина дьиэтигэр барардыы тэринэр.

      – Ээ суох, биһиэхэ барыаҕыҥ, үүттээх хойуу кофе иһэ-иһэ ону-маны кэпсэтиэхпит. Ийэм син биир бүгүн кэлбэт. Эһээм тугун-ханныгын билэн баран биирдэ кэлиэҕэ, икки-үс хоноро буолуо. Машенькам эрэ баар, ол киһи компьютердыы олордоҕо, – Нарыйа ыҥырбытыгар кыргыттар үөрүүнэн барыстылар.

      Нарыйалаах дьиэлэрэ атын дьиэлэртэн үрдүк, кыраһыабай көстүүлээх. Эһээлэрэ Уйбаан совхозка уһуннук тутуу прорабынан үлэлээбитэ. Үлэлиир кэмигэр уолугар аныгылыы тииптээх, дэриэбинэҕэ суох үчүгэй көстүүлээх дьиэни тутан дьэндэтэн биэрбитэ. Уһаайбаны төгүрүччү үрдүк хаптаһынынан олбуордаппыта. Ийэлэрэ уонтан тахса араас сэбирдэхтээх мастары олордубута, ол курдук, черешня, рябина, акация, боярышник, яблоня мастары олордон, сайынын кинилэр олбуордарыттан дьахталлар арахпаттар. Олордуу мастар ийэлэрин саамай киэн туттуута. Сайын ортото сибэккинэн силигилээн турдахтарына, көрөргө сүрдээх үчүгэй буолар. Чахчы, киһи хараҕын манньытар көстүү.

      Машенька балачча тоҥсуйтаран баран ааны аста.

VI

      Ираида Ивановна телевизор көрө-көрө тэтэрээт бэрэбиэркэлии олордо. Бүгүн саха тылыгар хонтуруолунай үлэ оҥорбуттара. Диктаннара ыарахан баҕайы эрээри, син суруйа сатаабыттар. “Икки” суох. Арай биир да “биэс” суоҕа хомотто. Дьиҥинэн, Маша “биэскэ” суруйуон сөп этэ. Сорудахтары толорууга саҥа