Тыалынан киирбит холоругунан тахсар. Татьяна Находкина

Читать онлайн.
Название Тыалынан киирбит холоругунан тахсар
Автор произведения Татьяна Находкина
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-5132-8



Скачать книгу

Сэмэнчиктээх Кириил түөс тэрин мөтөтөн, киэптээбиттии туттан, ынан кэллилэр. Кэннилэриттэн ылгын уоллара, быһый атахтара Уйбаанчык саппай уопсан истэ.

      – Бырааттар, дорооболоруҥ! Туохтан куттанан, үргүбүт тугут оҕолорун курдук өргөччү көрдүгүт? – Сэмэнчик уһун ты лынан кыырбытынан барда.

      – Суох… Оонньуу сылдьабыт, – уолаттар симиктик, уота- күөһэ суохтук эппиэттииллэр.

      – Бырааппыт Баанньыска, абыраммыт киһигин. Табаҕы тардыбаппын диэн, хата, бэлисипиэттэнэн хааллыҥ дии, – Сэмэнчик күлэн сыһыгырыыр. – Аны эппитим курдук, бэнсиин сытырҕалаатаххына, «Минскэй» спортивнай матасыыкылланыаҥ.

      – Һэ-һэ, кырдьык, оннук. Быраатым Баанньыска, бэлисипиэккин убайгар уларсар инигин? Паарканы биирдэ эргийэн кэлиим эрэ, – Кириил, бэрт ньуолбар куолаһынан албыннаспыттыы саҥарар.

      – Чэ, мэ. Биирдэ эрэ эргий. Ийэм биллэҕинэ, мөҥүө, – кыра уол бэлисипиэтин төһө да харыһыйдар, тас ыалын диэки туһаайа тутар.

      Кириил бэлисипиэт уруулун эрийэ-буруйа тутан, араастаан иннинэн-кэннинэн хаамтарбахтаан баран, олус түргэнник тэбэн иннин диэки түһүнэн кэбистэ. Сотору буолбата, хайыы үйэ паарканы эргийэн араастаан куйбарыҥнатан иһэрин көрөн, Сэмэнчик утары сүүрэн тиийэн, аны кини илиитигэр ылан, паарканы эргийэ элээртэ. Уолаттар онон тохтооботулар. Уйбаанчыгы иннигэр олордон, бэйэлэрэ хардары-таары кэннигэр олорсон, паарканы хаста да эргийдилэр. Баанньыска туттуна сатаан баран, ытаан бөтүөхтээбитигэр, хайыы үйэ инники көлүөһэтин сыаба тахсан салыбыраан түһэ сылдьар, онтон кэннин көлүөһэтин тыына тахсан ньаппайан хаалбыт бэлисипиэти бүтэйгэ өйөннөрө бырахпыттарыгар, өйөммөккө, сууллан таҥкынаата. Бэлисипиэт хаһаайына, оччолооҕу истэн баран, төбөҕө тугунан эрэ охсубуттарын курдук, ньахчас гынна. Кыра уолаттар тыына тахсан ньахчайан хаалбыт тимир көлөлөрүн өйөөн-убаан туруоран, Баанньыска дьиэтэ турар уулуссатыгар салайа туттулар.

      – Баанньыска, ытаама. Мин аҕабар барыахха. Начаас оҥоруоҕа. Аҕам массыына, тыраахтар алдьаннаҕына, өрөмүөннээччи. Табаарыстара бары киниэхэ кэлэллэр, – Диимискэ чачархай баттаҕын имэринэрин быыһыгар табаарыһа ытаан сыҥыргыырын аралдьытан иннигэр-кэннигэр түстэ.

      Туох да саарабыла суох Диимискэ дьиэтигэр туораатылар. Аҕата суоҕун истэн, күүтэргэ быһаарынан, тэрээсэҕэ уку-сакы туттан олордулар.

      – Кими күүтэҕит? Ноо, паапаҥ бүгүн кэлбэт. Улууска хонордуу барбыта, – Диимискэ эбэтэ, кыра куурбут-хаппыт эмээхсин, чаҥкынаабытыгар уолаттар, хомойбуттуу, сирэй- сирэйдэрин көрсөн кэбистилэр.

      – Онтон ити, эбээ, Сэмэнчиктээх Баанньыска саҥа бэлисипиэтин сыабын, тыынын таһааран кэбистилэр. Биһиги оҥоро сатаатыбыт да, сатаан оҥорботубут, – уол абыраатаҕына кини абырыа диэбиттии, эбэтин сирэйин-хараҕын кыҥас таста.

      – Ээ, ол мин тугу билиэмий? Ол Даайака – акаары дьахтар. Уолугар олох кыһаммат. Кыргыттарыгар атын этэ. Атахтарыгар туруоран баран, өрө тахсыан кэриэтэ ыһыктынан кэбистэ. Итиннэ туох эрэ баар. Кыргыттара ийэлэрин хомотон кэбистилэр дуу, хайдах