Тыалынан киирбит холоругунан тахсар. Татьяна Находкина

Читать онлайн.
Название Тыалынан киирбит холоругунан тахсар
Автор произведения Татьяна Находкина
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-5132-8



Скачать книгу

үүрбэтэхпит. Үөрэх ыараата, биир кэлим эксээ мэни кыайан туттарыа суоҕа диэн бэйэҕит сөбүлэспиккит. Үчүгэйдик үөрэнэр оҕолор, эксээмэнтэн салланнар, орто анал үөрэххэ туттарса барбыттарын эмиэ билэҕин.

      – Чэ, тупсарыма. Испииһэккэ киллэрэҥҥит бардахпыт дии. БКЭ-ни туттарбатаҕын да иһин, икки сыл үөрэнэн, саа һын ситэн, аармыйаҕа барыан сөп буолбатах дуо?

      – Сөпкө этэҕин эрээри, икки сылын сүтэрэр, специальность ыллаҕына, инники олоҕор туһаныа этэ.

      – Чэ, буоллун. Аны төннөр суол суох. Ол иһээччилэр онтон ордук буолуохпут дуо? Баҕалаах лиссиэйигэр барыа этэ да, харчыбыт суох. Материальнай көмө оҥорбоккут дуо? – Даа йака хадаардаһа олордо.

      – Даайа, тоҕо итинник саҥараҕын? Кыргыттаргын Дусялаах Маринаны наһаа үчүгэйдик үөрэттэрбитиҥ. Билигин иккиэн үрдүк үөрэхтээхтэр, кыахтаах ыал кийииттэрэ. Куоракка үчүгэй үлэлээхтэр. Онтон ордук төрөппүт бэйэтин оҕотугар тугу баҕарыан сөбүй? – Нина Иннокентьевна, Сэмэнчик кылааһын салайааччыта, аргыый наллаан сыыйарын быыһыгар үрүҥ көмүс кылдьыылаах ачыкытын өрүтэ аспахтыыр.

      – Ол кыргыттарга мин дьоло суох оҕо сааһым курдук кы һалҕалаах олоҕу билбэтиннэр диэн, күүспүн-кыахпын онно эһэммин, онтон өрүттэр кыаҕым суох. Сэмэнчикпэр сэниэм тиийбэтэ, – дьиэлээх дьахтар ойон туран, ньиэрбинэйдиирин кыана сатаан, ыстакааныгар сылбархай чэй кутта сатыыр. Илиитэ титирэстээн, чэйэ дьалкыйан, остуолга тохтубутун хатырбыт илиитинэн туора сотон кэбистэ.

      – Даайа, оччолорго да амсайарыҥ эрээри, бэйэҕин кыана туттарыҥ. Билигин тоҕо туттуммаккыный? Үлэ бөҕөнү үрүлү йэ үлэлээбит киһигин. Тугу эмэ булан үлэлиэҥ этэ. Үлэлии соруннахха, үлэ да көстүө этэ.

      – Үлэ суох. Тугу үлэлиэхпиний? Биэнсийэлээх эмээхсини уборщица үлэтигэр да чугаһаппаттар. Оттон учууталлар 70 саастарыгар диэри үлэлииллэр. Миэстэлэрин биэрбэттэр. Ол түмүгэр үөрэхтээх, учуутал идэлээх эдэр ыччат үлэтэ суох аатыран, атыыһыттаан аһыыллар.

      – Чэ, Даайа, наһаа онно-манна халыйыма. Ол атыыһыт оҕолорго оскуолаҕа да миэстэ көстүө этэ. Бэйэлэрэ баҕарбаттар. Онтон Сэмэнчиккэ өссө төгүл биирдэ шанста биэриэххэ. Сарсыҥҥыттан онус кылааска үөрэнэ бардын. Олох баҕарбат буоллаҕына, иккис да чиэппэртэн лиссиэйгэ барыа. Нина Иннокентьевна, ону туох дии саныыгын?

      – Сөп буоллаҕа. Ол эрээри, сирэй-сирэйгэ утарыта көрсөн олорон кэпсэтэн баран ылыахпыт. Даайа иһэргин эмиэ тохтотуоххун наада, – Нина Иннокентьевна төһө кыалларынан дьиппиэн соҕустук тутуннар да, таһыгар таһаарбакка, эргитэ санаан ылар: «Сэмэнчик, дьиҥэр, чычаас. Наһаа 15–16‐лаах оҕо уулуссаҕа быраҕыллан хаалара сүрэ бэрт. Онтон иһээччи буолуо. Билиҥҥиттэн бэнсиини сыттаан токсикоман аатырдаҕына, наркоман да онтон чугас. Аҕас балыстыылар. Харах ортотугар үөрэнээччитэ оннук таһымҥа тиийдэҕинэ, кэлин быыһыы, охсуһа сатаабатаҕым диэн санаатаҕына, суобаһыгар ыарахан буолара буолуо. Онон Сэмэнчик дьылҕатын бэ йэтин илиитигэр туттарыахха. «Дьылҕаҥ бэйэҥ илиигэр» диэн этэр буоллахпыт».

      Дьиэ иһигэр